Пятница , 11 Октября 2024

Мусуойга – буорах сыттаах суруктар

Академик Афанасий Осипов картиннай галереятыгар Курскай кыргыһыы 75 сылыгар аналлаах “Достойные славы” диэн быыстапка аһыллан, үлэлии турар.

Эллэй Сивцев. «Атаарыы». «Кыайыы». «Аҕа дойду Улуу сэриитэ» сиэрийэттэн. 1986 с. Кумааҕы, өҥнөөх харандаас.

Бу быыстапка экспозициятыгар  Аҕа дойду Улуу сэриитин  бэтэрээннэрэ-худуоһунньуктар П.Т. Карсанаев, Л.А.Ким, скульптор  К.Н.Пшенников айымньылара, биллиилээх худуоһунньуктар В.Г.Петров, А.П.Собакин, Э.С.Сивцев, В.Р.Васильев, А.И.Третьяков, М.М.Лукина, С.А.Егоров хартыыналара  туруоруллубуттар.

 

Полина балтынаан Анастасиялыын быыстапкаҕа

Биир сүрүн болҕомтону быыстапкаҕа аан бастаан көрдөрүллэр сержант В.Г.Попов фронтан суруктара ылаллар. Бу суруктары Национальнай художественнай мусуой документальнай фондатыгар Аҕа дойду Улуу сэриитигэр I Прибалтийскай фроҥҥа хорсуннук кыргыһа сылдьан сураҕа суох сүппүт сержант Василий Гаврильевич Попов сиэн балтыта Полина Поликарповна Попова туттарбыта.

Буорах сыттаах суруктар…

Манна даҕатан эттэххэ, Полина Попова абаҕатын, 17 сааһыгар фроҥҥа барбыт уонна уоттаах сэриигэ сураҕа суох сүппүт сержант Василий Попов туһунан “Мин туспунан санаарҕаамаҥ…”  диэн кинигэни хомуйан бэчээккэ таһаартарбытын, быйыл кулун тутар 30 күнүгэр  Национальнай художественнай мусуойга сүрэхтээбитэ. Мусуой фондатыгар  фронтан суруктары туттарыы чуолаан ити түгэҥҥэ буолбута.

Хаан уруу, аймах-билэ дьон —«Өлбөт үйэлээх полк» акция кыттыылаахтара.

Бу маннык, буорах сыттаах суруктары аахпыт киһи, улуу сэриигэ биһиги норуоппут хайдах сэриилэһэн эрэ буолбатах, кылаабынайа — тоҕо биһиги кыайбыппытын өссө дьэҥкэтик өйдүүр.

Быыстапка ыам ыйын 30 күнүгэр диэри үлэлиир. Национальнай художественнай мусуой. Академик Афанасий Осипов картиннай галереята. Дьокуускай к. Хабаров аатынан уул., 27-тэ.

Татьяна МАРКОВА.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *