Пятница , 11 Октября 2024

«Чолбон» сурунаалы төрүттэспит саха культуратын деятелэ А.Ф. Бояров олоҕо

БСК(б)П обкомун бюротун уурааҕынан «Чолбон» уус-уран литература сурунаала 1926 сыллаахха бэчээттэнэн тахсыбыта. Ити сыл атырдьах ыйын 1 күнүгэр буолбут партия обкомун мунньаҕар бюро чилиэннэрэ Барахов, Габышев, Якушков, Якутцев, Аммосов, Кугаевскай, Припузов о.д.а. сылдьыбыттар. Мунньах биир боппуруос быьыытынан сахалыы тылынан тахсар литературнай уус-уран сурунаал туһунан көрүллүбүт. Сурунаал редакциятыгар Софроновы, Леонтьевы, Бояровы киллэрэргэ уураахтаабыттар. «Чолбону» «Саха омук» уопсастыба Наркомпросздрав Политпросветын кытта таһаарарга сорудахтаммыт.

Сурунаалы тэрийсибит дьоннортон биирдэстэрэ Алексей Федотович Бояров 1897 сыллаахха олунньу 23 күнүгэр Байаҕантай (Таатта) улууһун I Игидэй нэһилиэгэр дьадаҥы бааһынай дьиэ кэргэнигэр төрөөбүтэ. Аҕата Федот Григорьевич Бояров, сахалыы аата Чахчырга Сөдүөт, биир ынахтааҕа, дьиэ кэргэнин иитээри-аһатаары олохтоох баайдарга наймыга үлэлиирэ. Алексей — Бояровтар орто уоллара этэ. 1909 сыллаахха күһүн, Өлөксөй 12 саастааҕар, сахалыы саҥалаах нууча киһитэ, учуутал Сергей Николаевич Мержевич, Бояровтарга тиийэн кэлэн, бэрт сэргэх, үөрэниэн баҕалаах Өлөксөйү сөбүлээн, Хайахсыт нэһилиэгэр Арыылаахха баар начаалынай оскуолаҕа киирэн үөрэнэргэ этии киллэрбитэ. Онон Өлөксөй бу оскуола үөрэнээччитэ буолбута. Учуутала кинини мөссүйүөҥҥэ олохтообута. Уол уөрэҕэр олус кыһамньылааҕа, дьоҕурдааҕа. 4 сылынан оскуолатын ситиһиилээхтик бүтэрбитэ.

1913 сыллаахха Сергей Николаевич Мержевич Дьокуускай куоракка учууталлыы барарыгар Алексей Бояровы илдьэ баран, бэйэтигэр олордон, куорат икки кылаастаах оскуолатыгар үөрэттэрбитэ. Салгыы 1916 сыллаахха хааһына суотугар Иркутскайдааҕы учительскай семинарияҕа үөрэнэ барбыта. I Игидэй нэһилиэгин олохтоохторо, бэйэлэрин нэһилиэктэрин киһитэ Иркутскайдааҕы учительскай семинарияҕа үөрэнэ киирбит Алексей Бояров көмөҕө наадыйарын билэннэр, 30 солкуобай хомуйан, киниэхэ ыыппыттарын туһунан «Саха боппуруостарын» 1916 сыллаах ахсынньы 25 күнүнээҕи сыһыарыытыгар «I Игидэй нэһилиэгэ. Таатта улууһа» диэн сурукка киирбитэ баар эбит.

Алексей Бояров семинариятааҕы сылларыгар революционнай өйдөөх-санаалаах ыччаты кытта алтыспыта, 1916-1919сс. уөрэнээччилэр кистэлэҥ холбоһуктарыгар бастаан чилиэн буолбута, семинария иһигэр илиинэн суруйар сурунаалы таһаарыыга кыттыбыта. 1918 сыллаахтан  Иркутскай куорат орто үөрэҕин кыьаларын үөрэнээччилэрин тэрилтэлэрин советыгар чилиэнинэн киирбитэ уонна бу тэрилтэ сэкирэтээрэ буолбута.

1919 с. кистэлэҥ большевистскай тэрилтэ чилиэнэ Степан Васильевич Васильевы кытта билсибитэ. Кини хаайыллыбытыгар учительскай семинарияҕа үөрэнэ сылдьар биир санаалааҕа Иван Максимовтыын оччотооҕуга үөрэммит сахалары кытта хомуйбут харчыларын тиксэрбиттэрэ уонна түрмэ надзирателэ, Украинаттан күрээбит киһи көмөтүнэн суруйсууну тэрийэн, Россияҕа уонна Сибииргэ тэнийбит гражданскай сэрии кэмнэринээҕи событиелар сонуннарын тириэрдибиттэрэ.

1919 сыллаахха Алексей Бояров үөрэҕин бүтэрэн Дьокуускайга эргиллибитэ. Кинини Уус Майаҕа уонна Ньылхаҥҥа булт хаһаайыстыбатын үөрэтиигэ тэриллибит экспедицияҕа тылбаасчытынан ыыпыпыттара. Манна тиийэн Алексей эбэҥкилэр ортолоругар көхтөөх сырдатар үлэни ыыппыта, эбэҥкилэргэ бастакы оскуоланы аспыта, начаалынай оскулаҕа учууталлаабыта, улахан дьоҥҥо үөрэх пуунун аспыта. Аан бастаан 12 оҕоттон саҕалаан, эһиилигэр 47 үөрэнээччилэммитэ. Кыра-дьадаҥы ыал 32 оҕотун олордор, көрөр-харайар бастакы мөссүйүөнү тэрийбитэ.

1920 сыллаахха А.Ф. Бояров оскуолаҕа учууталлыырын уонна сэбиэдиссэйдиирин таһынан, Уус Майаҕа буоластааҕы ревкому салайбыта. Ревкомнуу сылдьан эбэҥкилэр бөдөҥ атыыьыт Юсуп Галибаровка биир мөлүйүөн кыһыл көмүс солкуобайдаах иэстэрин сотон кэбиспитэ. Советскай, партийнай үлэһит Н.О. Васильев: «… Уус Майа волревкомун председателэ таб. Бояров бэйэтин бирикээһинэн эбэнкилэр Галибаровка иэстэрин 1921 сыллаахха, соччо ситимнээхтик ыытыллыбатах бухгалтерия кинигэтинэн, биир мөлүйүөн кыһыл көмүс солкуобайдааҕы сотон кэбиспитэ. Тоҥустар сорохторо ити дьыаланы эҕэрдэлээбиттэрэ, ол гынан баран сорохторо дьиибэргээбиттэрэ, кинилэргэ ханнык эрэ сонун этэ…» — диэн суруйан ахтыбыт.

Аны Алексей Бояров 1919 сыл балаҕан ыйыттан 1920 сыл муус устарыгар диэри эсердэр пратияларыгар киирэ сылдьыбыт. Ол кини сонно тута Өктөөп революциятын, национальнай интеллигенция үгүс өттө соччо тута ылымматаҕын курдук, туоһулуур. Ол эрээри кини: «Политическай боппуруостарга хайдыһаммын, ити сыл бэс ыйыгар эсердэр партияларыттан тахсыбытым», — диэн большевистскай партия кэккэтигэр киириитигэр эппит.

1920 сыллаахха Дьокуускайга провокационнай прокламацияҕа тардыбыта диэн баайсан, хаайа сылдьыбыттара. Ити бастакы хаайыллыыта этэ.  Кырдьыга тахсан, сотору хаайыыттан босхоломмута. 1921 сыллаахха муус устар ыйга В.И. Лениҥҥэ эҕэрдэ телеграмма ыыппыт уонна харда телеграмма ылбыт, уон улуус дьадаҥыларын уонна ревкомовецтарын конференциятын тэрийээччилэриттэн биирдэстэрэ – кини буолбута. Бу конференция буолуон аҕай иннинэ Алексей Бояровы, Николай Субуруускайы, Семен Яковлев-Эрилик Эристиини о.д.а. уруккута полицейскай чиновник, революция иннинэ икки төгүллээн холуобунай буруйу оҥорон сууттана сылдьыбыт Булкин диэн киһи чека силиэдэбэтэлэ буолан олорон, хаайталаан кэбиспитэ. Кинилэри национализмҥа, контрреволюционнай үлэни ыытыыга буруйдаабыттара. Ол гынан баран, партия губбюротун орооһуутунан, буруйдара суох буолан хаайыыттан босхоломмуттара.

1924 сыл ахсынньытыгар А.Ф. Бояров 1918 сылтан партия чилиэннэрэ П.А. Ойуунускай, С.Ф. Гоголев мэктиэлээһиннэринэн РК(б)П Дьокуускайдааҕы тэрилтэтигэр кандидатскай ыстааһа суох быһа партия чилиэнинэн ылыллыбыта.

1921 сыл сайын А.Ф. Бояров Таатта улууһугар Чөркөөх 7 кылаастаах оскуолатын сэбиэдиссэйинэн ананан үлэлии олордоҕуна, Саха сиригэр гражданскай сэрии турбута. Ол туһунан кини маннык ахтыбыт: «Учууталлыыр үлэбин Саха сиригэр бастаанньыһыттар хамсааһыннарын долгуна дэлби тэбии тахсыбытыгар, партийнай дьиссипилиинэ быһыытынан хаалларарга тиийбитим. 1921-1922 сыллардаах  кыһын саа-саадах тутан, үрүҥ бандьыыттары утары кыһыл этэрээттэргэ кыттыбытым. Тааттаҕа, Чурапчыга, Мэҥэҕэ, Аммаҕа, Киллэмҥэ киирсиилэргэ саллаатынан, ыстаап үлэһитинэн уонна волревкомыгар үлэһиттэринэн сылдьыбытым. Сахалартан уонна олохтоох нууччалартан доброволецтары хомуйууга үлэлээбитим, бэйэм эмиэ доброволец этим…».

Алексей Федотович 1921 сыл алтынньытыттан ахсынньытыгар диэри Чурапчытааҕы кыһыл дружинаҕа, 1922 сыл олунньутуттан ахсыннньыга диэри – ЧОН батальоннарыгар сулууспалаабыта. 1922 сыл ыам ыйыгар Амма экспедициятын штабын үлэһитин быһыытынан Егоров-Чащин хамаандалааһынынан төгүрүктэммит Амма гарнизонун босхолооһуҥҥа уонна Дьокуускайга эвакуациялааһыҥҥа кыттыбыта. Бу кэмҥэ Саха сиринээҕи РКП(б) уобаластааҕы бюротун уурааҕынан А.Ф. Бояров тутуллан хас да суукка хаайыллыбыта. Онуоха ревком председателэ П.А. Ойуунускайга туһаайыллыбыт Н.Д. Кривошапкин-Субуруускайдыын, А.М. Семенов-Дэхсиляховтыын, А.Иванов-Кралинныын илии баттаабыт суруктара төрүөт буолбута. Кинилэр өрө туруу кыттыылаахтарын (повстанецтарга) амнистиялааһыны утаран суруйбуттара. Ол эрээри П.А. Ойуунускай кинилэргэ кытаанахтык аккаастаабыта. Саҥа байыаннай-политическай линияны ылыы кэнниттэн интеллигенция бэрэстэбиитэллэрин государственнай, хаһаайыстыбаннай уонна культурнай органнарга, тэрилтэлэргэ сүрүн үлэлэргэ маассабайдык таһаарыы буолбута.

Ол барыта 1922 сыл муус устарыгар саха норуота автономияны ылыытын кытта сибээстээхтэрэ. Саҥа автономнай республикаҕа Наркоматтар тэриллибиттэрэ. А.Ф. Бояров Саха АССР үөрэҕин уонна доруобуйатын харыстабылыгар наркоматын политическай сырдатыыга үлэтин отделын сэбиэдиссэйинэн анаммыта.

Республикаҕа бастакы кыһыл муннуктары, ааҕар балаҕаннары, народнай дьиэлэри, кулууптары, үөрэҕэ суох дьоҥҥо үөрэх пуунанарын тэрийии А.Ф. Бояров аатын, кини тэрийэр дьоҕурун кытта сибээстээхтэрэ. Алексей Федотович үлэһиттэр депутаттарын Өлүөхүмэ уокуругуттан советын исполкомун председателинэн, СКСК революционнай комиссиятын председателинэн үлэлээбитэ.

1921 сыл ыам ыйыгар А. Бояров Наркомпросздравка төннөрүллүбүтэ: бастаан политическай суруктар отделын сэбиэдиссэйэ, онтон наркому солбуйааччы буолбута.

1924с. СКСК маҥнайгы сессията А.Ф. Бояровы Саха АССР үөрэҕин уонна доруобуйа харыстабылыгар народнай комиссарынан анаабыта. Кини бу дуоһунаска республикаҕа үһүс нарком этэ. Кини наркомунан 1930 сыл ортотугар диэри үлэлээбитэ. Ол быыһыгар 1927 сыл сэтинньиттиттэн 1929 сыл бэс ыйыгар диэри Москваҕа Н.К. Крупская аатынан Коммунистическай иитии академиятыгар үөрэнэн ситиһиилээхтик бүтэрбитэ.

1925 сыллаахха уобаластааҕы IV партийнай конференцияҕа Саха сирин үрдүнэн 194 оскуола баарын, сылын аайы оскуола ахсаана тосту элбиэҕин туһунан эппитэ. 1927 сыллаахха партия Саха уобаластааҕы тэрилтэтин V конференциятыгар тыл этиитигэр оскуолалар ахсааннарын элбэтии кэскиллээх былаана оҥоһуллубутун, онно 330-тэн тахса саҥа оскуолалары тутуу көрүллүбүтүн ахтыбыта.

Официальнай статистиканан 1927-1928 сс. үөрэнэр оҕо ахсаана 10 тыһыынча кэриэтигэр тиийбитэ. Революция иннинэ биир оскуола ортотунан 27 оҕо үөрэммит эбит буоллаҕына, Өктөөп революциятын 10 сылыгар 62 оҕоҕо тиийбит.

Советтар Саха сиринээҕи  V съезтэригэр Алексей Федотович тыа сирин икки кылаастаах оскуолаларын түөртүү кылаастаах оҥорор, уопсайынан оскуолалары бөдөҥсүтэр боппуруоһун туруорбута.

А.Ф. Бояров партия уобаластааҕы комитетын салайыытынан нарком доруобуйа харыстабылын күүһүрдүүгэ улахан үлэни ыыпыта.

1927 сыллаахха олунньу 18 күнүттэн кулун тутар 2 күнүгэр ыытыллыбыт Сэбиэттэр бүтүн Саха сиринээҕи V съезтэригэр «Нэһилиэнньэ олоҕун-дьаһаҕын чэбдигирдии туһунан» боппуруос көтөҕүллүбүтэ. Дакылааты Саха АССР үөрэҕин уонна доруобуйа харыстабылын наркома А.Ф. Бояров оҥорбута. Кини Саха сиригэр нэһилиэнньэ олоҕун чэбдигирдиигэ быһаарыылаах дьаһалларга ыҥырбыта, ол иһигэр олорор дьиэни хотонтон араарыыга, «Ыраас олох» обществотын тэрийиигэ, эмп учреждениеларын үлэлэрин тупсарыыга, дьиэттэн туспа хотонноох, тэлгэһэҕэ олордуу оҕуруоттаах дэриэбинэлэри үөскэтиигэ, оҕону иитэр тэрилтэлэри элбэтиигэ, нэһилиэнньэни сырдатыыга, үөрэҕэ суохтары үөрэтиигэ аналлаах кэлим былааннар съезкэ ырытыллан ылыллыбыттара. Сүрүн сыал: социальнай ыарыылары, ол иһигэр нэһилиэнньэҕэ тэнийбит трахоманы, сэллиги утары охсуһуу, ийэ уонна оҕо харыстабылын дьаһалларын күүһүрдүү буолбута. Бу туруоруллубут боппуруостар, дакылаат сүнньүнэн съезд ылыммыт уураахтара олоххо киирэллэригэр былааннаах үлэ барбыта.

Алексей Федотович Москваҕа үөрэнэр кэмигэр норуотун үөрэҕириитин боппуруостарынан дьарыктаммытын оччотооҕуга Таатта улууһун I Игидэй нэһилиэгинээҕи оскуола туһунан академик Эдуард Карлович Перкарскайы уонна Саха АССР Совнаркомун председателэ М.К. Аммосовы кытта суруйсуута туоһулуур.

Москваҕа үөрэнэр сылларыгар Саха сирин үөрэҕин үлэһиттэрин уонна Москваҕа үрдүк үөрэх кыһаларыгар үөрэнэр устудьуоннары түмэн, улахан дьону үөрэтиигэ аналлаах «Советскай дойду» диэн ааҕар кинигэни суруйбута, элбэх учебниктары тылбаастааһынан дьарцыктаммыта, Москва издательстволарыгар бэчээттээһини тэрийсибитэ.

Үөрэҕин бүтэрэн паркомунан үлэтин салҕаабыта. А.Ф. Бояров салайар наркома, культурнай революцияны дириҥэтэн, улахан кэскиллээх үлэни ыыппыта.

1927-1928 сыллаах үөрэх дьылыгар республика оскуолаларыгар 10 тыһыынча оҕо үөрэммит буоллаҕына, 1930-1931 сыллаах үөрэх дьылыгар оскуолаҕа киирэр саастаах оҕолор 20 170 үөрэнэрэ.

1930 сыллаахха бэс ыйын 29 күнүгэр нарком А.Ф. Бояров дакылаатын дьүүллэһэн баран СКСК уонна Саха АССР Совнаркома саҥа соруктары туруорбута.

  1924-1928 сыллардаахха, түөрт сыл устата республикаҕа 2656 киһи үөрэҕэ суоҕун суох гыммыт буоллаҕына, ити кэннинээҕи 4 сыл устатыгар 58 тыһыынча киһи үөрэммитэ.

Партия обкомун 1931 сыл муус устардааҕы пленума 1930-31сс. үөрэх дьылыгар бары бүттүүн начаалынай үөрэхтээһини олохтооһуҥҥа уонна үөрэҕэ суохтары үөрэтиигэ балайда ситиһиилэр баалларын, оскуолалар ахсааннара элбэтиигэ наркомат былаана туолбутун бэлиэтээбитэ.

1930 сыл күһүнүгэр бүттүүн начаалынай үөрэхтээһин Дьокуускай уонна Бүлүү куораттарыгар, Алдан, Өлүөхүмэ, Ленскэй оройуоннарыгар олохтоммута. Партия национальнай комитетын олоххо киллэриигэ нарком  А.Ф. Бояров хоту аҕыйах ахсааннаах норуоттар оҕолорун үөрэтиигэ интэринээттээх оскуолалары аһарга үгүс үлэни ыыппыта.

Саха сиригэр оскуолаларга үөрэтии төрөөбүт тылынан буоларын – наука төрүттэрин сахалыы тылынан үөрэтиини тэрийии буолбута. Ити соругу быһаарыыга 1924 сыл ыам ыйыгар наркомат иһинэн литературнай-тылбаастыыр комиссия тэриллибитэ. Ити кэннэ латинскай алфавикка олоҕуран сахалыы транскрипция оҥоһуллубут кэмэ этэ. Комиссия I уонна II ступеннардаах трудовой оскуолаларга учебниктары уонна нууччалыы тылбаастааһыны тэрийбитэ, «Саха букварын», «Сахалыы хрестоматияны», «Саҥа суолу», «Биһиги тылбытын», «Сахалыы грамматиканы» таһаартарбыта. Комиссия чилиэннэрэ география, естествознание учебниктарын уонна да атыттары тылбаастаабыттара уонна Дьокуускайга, Москваҕа, Ленинградка бэчээттэппиттэрэ. Саха сиригэр оскуолаҕа үөрэтиини төрөөбүт тылга киллэрии, төрөөбүт тылынан суруктаах-бичиктээх буолууну, саха тылын грамматикатын научнайдык үөрэтиини, саха уус-уран литературнай уонна кинигэни бэчээттээһини кытта сибээстээҕэ.

Нарком Бояров наркоматын бары сүһүөхтэрин үлэтин тупсарыы боппуруоһун туруорбута. Кини 1930 сыллаахха тохсунньу 4 күнүгэр «Автономная Якутия» хаһыакка «Наркомпросздравсобеһы үс наркомакка хайытыахха наада» диэн ыстатыйатыгар кэлиҥҥи алта сылга оскуолалар, эмп, культура тэрилтэлэрэ түргэнник элбииллэрин бэлиэтээн туран, биир наркомат күүһүнэн салайыы уустугурбутун бэлиэтээбитэ.

Сотору-сотору үлэҕэ уларытыыны Алексей Федотович сөбүлээбэтэр даҕаны, партийнай парийнай дьиссипилиинэҕэ бас бэринэргэ күһэллэрэ. Биирдэ уочараттаах ананыытыгар Саха сирин Уобаластааҕы Хонтуруолунай комиссияҕа сайабылыанньа суруйбута: «Это … означает временную ликвидацию Политпросвета НКПЗ… В данный момент вся работа по политпросвету лежит единственно на мне, как на заведующего… вся работа литературно-переводческой комиссии при НКПЗ, а также и большая часть работы Совета якутской письменности, работающей при ЯЦИКе, лежит на мне», — диэн.

А.Ф. Бояров “Саха омук” культурнай сырдатар общество бырабылыанньатыгар баара. “Саха омукка” П.А. Ойуунускай, М.К. Аммосов, П.В. Ксенофонтов, А.И. Софронов, В.Н. Леонтьев, К.О. Гаврилов уо. д. а. курдук саха интеллигенциятын бастыҥ бэрэстэбиитэллэрэ бааллара.

1925 с. БСКП Саха сиринээҕи обкомун I сэкирэтээрэ Ефим Хаимович Пестун“Саха омугу” научнай түмсүү оҥороору гыммыта. Общество чилиэннэрэ ону ылымматахтара, Пестун ыйааҕын толорортон аккаастаммыттара. Обком I сэкирэтээрэ уонна БСКП олохтоох тэрилтэтин дьаһалынан бары коммунистар, ол иһигэр А.Ф. Бояров “Саха омук” састаабыттан таһаарыллыбыттара. Ол эрээри 1926 сыллаахха Е. Пестун поһуттан барбытын кэннэ политика уларыйбыта. 18 партиялаах, ол иһигэр А.Ф. Бояров общество састаабыгар төттөрү киирбиттэрэ. Үһүс Саха сирин уобаластааҕы партконференциятыгар А. Бояров Сверчков курдук хаҥас коммунистар үрдүттэн киириитикэлээһиннэриттэн “Саха омук” интириэһин көмүскээбитэ: культурнай тутууну ыытыы партия уонна комсомол эрэ күүһүнэн буолбакка, “Саха омук” национальнай тэрилтэ күүһүнэн эмиэ барыахтааҕын туһунан тоһоҕолообута.

1925 сыллаахха бэс ыйын 4 күнүгэр БСКП Саха сирин Уобаластааҕы Хонтуруолунай коллегията А.Ф. Бояров национальнай интеллигенцияҕа аһара итэҕэйиитин дьүүллээбитэ. Кини  буруйа диэн – партията суох интеллигеннэргэ партийнай сорудахтары биэрэрэ уонна политзанятиеларга сылдьыбата диэн этэ. 1927 сыллаахха Дьокуускайдааҕы горком бюрота доруобуйа харыстабылын наркома  партийнай тэрилтэтин салайааччытын ааһа көтөн, быһаччы партията суох Баллаш диэн докторы кытта ыарыһахтары эппэрээсийэлээһин туһунан сүбэлэспитин иһин «партвзыскание” оҥорбуттара. Манна горком чиновниктара коммунист авторитетын кини специалистарын хараҕар  түһэрэргэ холонууну көрбүттэрэ…

   1930 сыллаахха А.Ф. Бояров  САССР Госбылаанын культсоциальнай секциятын сэбиэдиссэйинэн, онтон салгыы Уус Алдан, Алдан райисполкомун председателинэн, Якутснабторг дириэктэринэн үлэлээбитэ. Якутснабторгу салайан үлэлии олордоҕуна, ыскайдааһыҥҥа, ыһыыга-тоҕууга буруйдааннар, партияттан устубуттара, РСФСР ХК 12 ыстатыйатын бастакы чааһынан биэс сыл болдьохтоох түрмэ хаайыыытыгар бириигэбэрдээбиттэрэ. Ол эрээри доруобуйатын туруга мөлтөҕүнэн бириигэбэр толоруллубатах.

 Алексей Федотович 1936 сыл от ыйын 6 күнүттэн А.С. Пушкин аатынан республикатааҕы библиотекаҕа ученай сэкиритээринэн үлэлээбитэ. Кини үлэлиир сылларыгар Г.С. Тарскай ахтыытытынан, аан маҥнай  оҕолор ааҕар кинигэлэрин салаатын библиотекаттан арааран, пионердар дыбарыастарыгар оҕо библиотеката тэриллибитэ. 1938 сыл саҥатыгар Научнай библиотека абонеменын, ити отдел бары үлэһиттэрин арааран, Кыһыл ыччат уулуссатыгар В.Г. Белинскэй аатынан куораттааҕы публичнай библиотека тэриллибитэ. Саҥа тэриллэр библиотекаҕа дьиэ-уот булуутугар, саҥа библиотеканы аһан национальнай библиотеканы арыый холкутутутар туһунан Народнай Комиссардар Советтара анал уураах ылыныытыгар Алексей Федотович элбэх кэпсэтиини ыыппыта, үгүс сыратын биэрбитэ.

Алексей Федотович Бояров журналистикаҕа, литератураҕа, тылбааска дьоҕура-талаана кини государственнай уонна общественнай деятель буола үүнүүтүгэр улахан оруолламмыта. Кини Саха сиригэр бэчээт, тылбаас дьыалатын сайдыытын түстэспит бастакылартан биирдэстэрэ.

1922 сыллаахха “Манчаары” диэн сахалыы маҥнайгы советскай хаһыат үлэтигэр кыттыбыта. Онно “Көмүү Марша”, “Эр санааны санаталаан”, “Ыччат интернациональнай ырыата”, “Варшавянка”, “Первэй Май” диэн революционнай ырыалары тылбаастаан бэчээттэппитэ. Кини тылбаастара “По заветам Ильича”, “Кыһыл ыллык” диэн сурунаалларга, “Кыһыл улуус” диэн улахан дьон үөрэнэр кинигэтигэр, “Кыһыл хоһоон” диэн хомуурунньукка, “Кыым” хаһыакка бэчээттэнэллэрэ.

А.Ф. Бояров нуучча литературатын классикатын уонна үөһээ этиллибитин курдук пролетарскай литература айымньыларын сахалыы саҥардыбыта. А.С. Пушкин “Капитанын кыыһын”, “Евгений Онегинтан” “Ленскэй ариятын”, “Татьяна суругун” тылбаастаабыта. Кини М. Горькай “Ийэ” романын бүтүннүүтүн тылбаастаабыта типография дьиэтэ умайан уокка былдьаммыта. Романтан маҥнайгы уонна иккис главалара эрэ “Кыым” хаһыакка 1934 сыллаахха бэчээттэммиттэрэ. 1928 сыллаахха атырдьах ыйын 28 күнүгэр Алексей Федотович саха поэта Петр Черных-Якутскайдыын Москваҕа Алексей Максимович Горькайга кабинетыгар сылдьыбыттарын, П.А. Ойуунускай “Кыһыл Ойуунун” нууччалыы тылбаастаабыттарын билиһиннэрбиттэр уонна саха литературатын туһунан сэһэргэспиттэр. М. Горькайдыын көрсүһүүлэрин туһунан А. Бояров “Автономная Якутия” хаһыакка ахсынньы 31 күнүгэр 1928 сыллаахха “Максим Горькай уонна саха литературата” диэн ыстатыйаны бэчээттэппитэ. Бу саха литератордара биир бастакынан М. Горькайдыын бэлиэ көрсүһүүлэрэ этэ. Ол А.Ф. Бояров олоҕор, литературнай үлэтигэр улахан оруолламмыта чахчы. Ол да иһин  М. Горькай “Ийэ” романын сахалыы саҥардыбыта түбэспиччэ буолбатах чахчы. Онтон бэйэтэ суруйбут айымньыларыттан “Хаайыылаах ырыата”, “Аанньаах ырыата” диэн ырыалар текстэрэ бааллара биллэр.

  А.Ф. Бояров салайааччылаах литературнай-тылбаастыыр комиссия саха литературата сайдыытыгар улахан оруолламмыта. Бары уус-уран айымньылар бу комиссия дьүүлүгэр киирэллэрэ. Ол курдук, 1924 сыллаахха ахсынньы 2 күнүгэр А.И. Софронов “Дьадаҥы Дьаакыбын” комиссия дьүүллэһэн баран хайҕаабыта уонна Н. Афанасьевка рецензия суруйарга сорудахтаабыта.

  А.Е. Кулаковскай “Бүлүү үҥкүүтэ” хоһоонун “Бүлүүлүү үҥкүү”, “Төрүү илигиттэн түҥнэри төлкөлөөх” айымньыны “Төрүү илигиттэн түҥнэри төлкөлөппүт” диэн ааттарын көннөрөн туран бигэргэппитэ. “Тыа дьахтара”, “Сүүһүн туолбут эмээхсин ырыата” диэн айымньылара авторга төннөрүллэн баран, иккис дьүүллэһии түмүгүнэн ылыллыбыттар. “Саха дьахталларын мэтириэттэрэ” айымньы бэрт элбэхтэ дьүүллэһиллибитэ.

Алексей Бояров саха бастакы суруйааччыларын – А.Е. Кулаковскай-Өксөкүлээҕи, Анемподист Софроновы, Николай Неустроевы уонна Платон Ойуунускайы кытары истиҥ доҕордуу этэ. Кинилэр айымньыларын биир бастакынан Бояровка аахтаран, сыанабыл ылаллара. Бояров кинилэри, киннэр айымньыларын, научнай үлэлэрин мэлдьи өйүүрэ, түргэнник бэчээттэтэ охсон, ааҕааччыга тиэрдэргэ кыһанара. А. Е. Кулаковскай-Өксөкүлээх литературнай-тылбаастыыр комиссияҕа айымньылары Бояров баарына ырытыллалларын астынара үһү.

Литературнай-тылбаастыыр комиссия үлэтэ үгүс түмүктээҕэ:олохтоох автордар суруйбут, тылбаастаабыт хоһоннорун, кэпсээннэрин, ыстатыйаларын, номохтору, өс хоһооннору, таабырыннары хомуйталыыра, чочуйара; учебниктары, хрестоматиялары, политическай уо.д.а араас литератураны бэчээттэтэрэ; учреждениелар ааттарын, араас терминнэри тылбаастыыра, үлэлэри рецензиялыыра.

В.И. Ленин “Кооперация туһунан” диэн уонна национальнай боппуруоска үлэлэрин тылбааһын редакциялаабыта.

А.Ф. Бояров саха норуотун тылынан уус-уран айымньытын — номохторун, сэһэннэрин, остуоруйаларын, олоҥхолорун таптаан хомуйара, Воррошилов уонна Советскай уулуссалар быһа охсуһууларыгар турар дьиэтигэр Уус-Алдан аатырбыт олоҥхоһута Д.М. Говоровы олоҥхолотон күнү күннүктээн суруйарын Г.С. Тарскай ахтан суруйбута. Д.М. Говоровтан суруйбут “Бүдүрүйбэт Мүлдьү Бөҕө” диэн олоҥхото туспа кинигэтэ бэчээттэнэн тахсыбыта.

Саха хаһыаттарыгар Алексей Бояров общественнай-политическай, литература темаларыгар үгүс ыстатыйалара, бэлиэтээһиннэрэ, информациялара “Алексей Корсаков” диэн илии баттааһыннаах тахсара. Ити кини Уус-Майаҕа учууталлыы сылдьан, кэргэн ылбыт олохтоох нуучча бааһынайын кыыһын араспаанньатын псевдоним оҥостубут эбит.

А.Ф. Бояров “Саха сирин хотугу уокуруктара”, “Советскай улуус” уо.д.а кинигэлэрэ оччотооҕу өйү-санааны, Саха сирин, кини экономикатын, культурата сайдыытын историятын үөрэтиигэ төһүү тирэх буолаллар.

А.Ф. Бояров үгүс өрүттээх общественнай үлэни ыыппыта, культура чаҕылхай деятеллэриттэн биирдэстэрэ этэ. Иван Федосеев – Доосо кинини “культурнай тутуу байыаһа” диэн ааттаабыта. 1922 сыллаахха партия губбюротун иһинэн тэриллибит “Манчаары” культурнай-сырдатар общество председателэ этэ. СКСК 1924 сыллаахха тэрийбит сурук-бичик састаабыгар эмиэ үлэлээбитэ. 1925 сыллаахха партия обкома Бояровы кыһыл армеецтарга, кинилэр кэргэттэригэр көмөлөһөр комиссия председателинэн анаабыта. Ити сыллаахха тэриллибит “Саха кэскилэ”  научнай-чинчийэр обществоҕа школьнай-педагогическай секцияны салайбыта. 1925 сыллаахха СКСК хотугу уокуруктар дьыалаларыгар оһуобай правительственнай комиссия председателинэн анаан үлэлэппитэ. 1928 сыллаахха түүрдүү алфавит Бүтүн Россиятааҕы киин комитетын састаабыгар киирбитэ. Ол сылларга кини “Ыраас олох”, “Үөрэҕэ суох буолуутун” обществоларын бырабылыанньаларын чилиэнин быһыытынан эмиэ үлэни ыыппыта. Манна даҕатан эттэххэ, А.Ф. Бояров 1924 сыллаахха тохсунньуга В.И. Ленини тиһэх суолугар атаарыыга М.К. Аммосов салайааччылаах Саха сирин делегациятыгар П.А. Ойуунускайы, С.Н. Донской II, С.Ф. Гоголевы, Н.С. Варфоломеевы уо.д.а. кытта киирсэн, венок ууруутугар кыттыбыта.

Алексей Федотович Бояров национальнай библиотекаҕа ученай сэкиритээринэн улэлии сырыттаҕына Степан Павлович Кылатчанов редактордаах “Эдэр большевик” хаһыат 1938 сыллаахха бэс ыйын 14 күнүнээҕи нүөмэригэр “Библиотека дьыалатыгар сөптөөх кыһамньыны” диэн ыстатыйа тахсыбыта. Онно: “Саха государственнай национальнай библиотекатыгар норуот  өстөөхтөрө Бояров уонна Попов өр бириэмэҕэ буортулуур уонна куорҕаллыыр үлэни ыыппыттара. Кинилэр өстөөх литератураны ааҕааччылар ортолоругар тарҕата сатаабыттара, саҥа киирэр литератураны кэмигэр бэрийэри тохпуттара уонна ааҕааччылары тэйитэр санааттан сокуоннайа суох ыстараабы тэниппиттэрэ. Кинигэ фонун үөрдүү уонна сүтэрии куорҕаллааһын түмүгэ буолар”, — диэн этиллибит. Хааннаах репрессия ыар сылларыгар хара санаалаахтар, хобуоччулар, донуосчуттар, карьеристар тыллаахтарын эрэ кэрэх, ИДьНК үлэһиттэрэ иилэ хабан ылллара…

Алексей Федотович Бояров 1938 сыллаахха тохсунньу 17 күнүгэр сымыйанан балыллан хаайыллыбыта. Кинини кытта краевед, историк Григорий Андреевич Попов эмиэ хаайыллыбыта.

Алексей Федотович Бояров 1941 сыллаахха балаҕан ыйын 8 күнүгэр ССРС ИДьНК иһинээҕи оһуобай сүбэ мунньах уурааҕынан 58-с ыстатыйа 2-с, 11-с чаастарынан 8 сылга болдьохтоох хаайыыга түбэспитэ. Кини  Верхоянскай (Дьааҥы) оройуонугар Эһэ Хайа лааҕырыгар 1943 сыллаахха 46 саастааҕар сырдык тыына быстыбыта.

Саха АССР Верховнай суутун президиумун 1956 сыл ый ыйын 10 күнүнээҕи уурааҕынан, Алексей Федотович Бояров буруйа суоҕа дакаастанан, үтүө аата норуотугар төннүбүтэ.

Алексей Федотович Бояров кылгас олоҕун төрөөбүт Сахатын сирин, төрөөбүт норуотун сайдыытын, кэлэр кэскилин туһугар чаҕылхайдык олорон ааспыта.

Валентина Бочонина,

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунаһын академиятын чилиэнэ

Ссылка и qr-код на презентацию:

https://e.uacbs.ru/cbselib/kraeved/publicpeoples/Boyarov_AF

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *