Амма Мээндигитигэр норуот суруйааччыта Баһылай Харысхалга өйдөбүнньүк турда
Балаҕан ыйын 25 күнүгэр төрөөбүт-үөскээбит Мээндиги сэлиэнньэтигэр норуот суруйааччыта уонна судаарыстыбаннай уопсастыбаннай диэйэтэл Василий Васильевка-Харысхалга өйдөбүнньүк туруорулунна. Ол туһунан улуус дьаһалтатын пресс-сулууспата иһитиннэрдэ.
“Василий Васильев – аат эрэ буолбатах, бу биһиги литературабыт уонна култуурабыт баайа. Кини айар үлэтэ үүнэр көлүөнэни инникигэ кынаттыы, кини тыллара саха дьонун сүрэҕэр иһиллэ туруохтара. Өйдөбүнньүгү арыйан, биһиги өрөспүүбүлүкэбит сайдыытыгар кини киллэрбит сыаналаммат кылаатын билиниибит, ытыктабылбыт буолар”, — диэтилэр улуус дьаһалтатыгар.
Саха драматура, прозаига Баһылай Харысхал айар үлэтин 1975 сыллаахха саҕалаабыта. VIII Бүтүн Сойуустааҕы эдэр суруйааччылар мунньахтарын кыттыылааҕа (1984). Элбэх драматическай айымньылар, кэпсээннэр, сэһэннэр, очеркалар ааптардара. Кини пьесаларынан Саха сирин тыйаатырдарыгар “Аммаҕа саас этэ”, “Хайаан да эргиллиэм”, “Кэт Мардсен. Үтүө санаа аанньала”, “Көмүөл” испэктээкиллэр турбуттара.
Маны таһынан Василий Васильев уопсастыбаннай-бэлитиичэскэй үлэнэн дьарыктаммыта, XI ыҥырыылаах Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин дьокутаатынан талыллыбыта.
Ааптар: Антонина Эверстова
Источник: sakha-sire.ru
Ссылка: https://sakha-sire.ru/amma-meendigitiger-noruot-surujaachchyta-bahylaj-haryshalga-ejdebynnyk-turda/