Пятница , 11 Октября 2024

Евдокия Избекова: «Таас Тумус Саха сиригэр литературнай Мекка диэххэ сөп»

Бу сайын СӨ Духуобунас Академиятын тэрийиитинэн Кэбээйи улууһун Таас Тумуһугар Николай Лугинов салайааччылаах литературнай экспедиция тэриллибитэ. Таас Тумус бэйэтин аатынан саха литературатыгар биир биллэр-көстөр айымньыны бэлэхтээбит сир буолар. Бу экспедицияҕа Евдокия Избекова салайааччылаах “Саха” НКИК айар бөлөҕө кэлэн үлэлээбитэ.


Күөх экраны көрөөччүлэр Евдокия Избекова төрүт култуураҕа аналлаах, ону тэҥэ суруйааччылар олохторун, айар үлэлэрин сырдатар биэриилэрин бэркэ биһирээн көрөллөр. Үлэтин чэрчитинэн Кэбээйи улууһугар хаста да сылдьыбытын, ону таһынан дьиэ кэргэнин устуоруйатынан Кэбээйини кытта алтыһар түгэннэрдээҕин истэн «Дабаан» хаһыат кэрэспэдьиэнэ кинини кытта ирэ-хоро кэпсэттэ.

-Евдокия Игнатьевна, айар үлэҕинэн Кэбээйигэ хаста да кэлэ сылдьыбыт эбиккин дии. Ханнык биэриилэри уста кэлбиккитий?

– 2000 сыллаахха олоҥхону чинчийиигэ научнай үлэбин көмүскээбитим. 2003 сыллаахтан саха тылынан уус-уран айымньытын шедевр быһыытынан ЮНЕСКО-ҕа киллэрэр Гуманитарнай чинчийии институтун иһинэн Агафья Захарова салайааччылаах авторскай кэлэктиип састаабыгар киирэн икки сыл үлэлээбиппит. Ол түмүгэр 2005 сыллаахха ЮНЕСКО олоҥхону киһи аймах тылынан уонна култуурунай нэһилиэстибэтин чулуу айымньытын быһыытынан биллэрбитэ. Өрөспүүбүлүкэҕэ далааһыннаах үлэ саҕаламмыта, улуустарынан үллэстэн олоҥхоҕо үлэлээн барбыппыт. Онно мин Елена Протодьяконованы кытта Кэбээйи улууһун кэрийэн норуот талааннаахтарын, кырдьаҕастары устар экспедицияҕа түбэспиппит . Мин ол саҕана “Саха” НКИК-кэ эмиэ үлэлиирим, ол иһин профессиональнай камералаах операторбын илдьэ сылдьарым. Мукучу, Баҕадьа, Чагда, Арыктаах, Кэбээйи нэһилиэктэрин барытын хаппыппыт, салгыы Куокуйга барыахтаах этибит. Онтон Тыайаҕа Николай Алексеевич Лугинов 60 сааһыгар аналлаах улахан муҥха тэриллээри турарын истэн, операторбын кытта онно барыахха диэн сүбэлэспиппит. Тыайаҕа Егор Степанович Полятинскай диэн 96 саастаах аарыма кырдьаҕаһы уонна булчут Дьяконов Афанасий Ивановиһы көрсөн устуохтаах этибит. Тыайаҕа тиийээт да, Полятинскайдарга тиийдибит. Биһигини утары сааһырдар да хоп курдук көрүҥнээх киһи дьиэттэн тахсан барда. Дьиэҕэ киирэн, оҕонньору ыйыталастыбыт. “Хайа оттон сип сибилигин тахсан барда дии, көрсүбэтигит дуо?” – диэтилэр. Мин 96 саастаах киһи итинник тэтиэнэхтик сылдьара буолуо диэн өйбөр да батарбаппын. Балыыһаҕа барда диэбиттэрин иһин, онно эккирэтэн тиийдибит. Арай биир кабинекка дьон саҥарсар. Иһиттэхпинэ, оҕонньор саҥата: “Дабылыанньам таҕыста, “Энап” диэн эмпин аҕал”, – диир бырааска. Ону быраас: “Дабылыанньаҥ 140 буолбут, эн сааскар космонавт дабылыанньатыгар тэҥнээх”, – диир. Оҕонньор буолуммат, эмин көрдүүр. Онно наһаа сөхпүтүм, бу 96 саастаах кырдьаҕас доруобуйатын наһаа кэтэнэр уонна эппиэтинэстээхтик да сыһыаннаһар эбит диэн. Оттон дьиэтигэр барсаммыт, ол киэһэ атах тэпсэн олорон сэһэргэстибит. Собо туһунан онно наһаа элбэҕи истибитим. Сарсыҥҥытыгар Күндээдэ диэн күөлгэ тардыллаары турар улахан муҥханы бу 96 саастаах кырдьаҕаспыт ыйан-кэрдэн ыытыахтаах эбит. Сарсыарда термометр 56 кыраадыс тымныыны көрдөрөр. Биһиги камерабыт 20 кыраадыстан намыһахха үлэлиэ, объектива кырыарыа суохтаах. Инньэ гынан операторым үс мүнүүтэ тахсан устубутун кэннэ, биир чааһы быһа массыынаҕа киллэрэн ириэрэбит. Аан бастаан онно көрдүм, муҥха диэни. Сарсыардаттан халлаан хараҥарыар диэри буолла. 14 туонна собону хостоон баран, өссө да бүтэрбэккэ муҥха ийэтигэр баайан хаалларбыттара. Ити 2008 сыллаах ахсынньы саҥата этэ.

– Дьэ ол устубут киинэҕит хайдах-туох дьылҕаланна?

– 2009 сыл күһүнүгэр Дагомыска Бүтүн Арассыыйатааҕы суруналыыстар бэстибээллэрэ буолла. Онно араас хайысханан куонкурустар ыытыллааччылар, ол иһин документальнай киинэ жанрыгар кыттыам диэн муҥхаҕа уһулбут биэриибитин илдьэ барбытым. Куонкурус түмүгүн биллэрэр кэмнэрэ кэллэ, арай документальнай жанрга бастакы миэстэ “Почтенная Күндээдэ Хотун” диэн биллэрдилэр. Мин кыайыахпыт диэн түһээн да баттаппакка сылдьыбыт киһи соһуйан эрэ хааллым. Үлэлээн-хамсаан, кырыа буолбут үлэ дьонун итиэннэ бурҕачыйар тымныыны көрдөрбүппүт түмүгэ итинник буолла. Ити саҕана үлэ дьонун көрдөрүү бүтүн Арассыыйа үрдүнэн эфиртэн олох сүтэн турбут кэмэ эбит. Онон киэҥ иһит салааһыннаах дииллэринии, Николай Алексеевич үбүлүөйүгэр алҕаска түбэһэн, Арассыыйаҕа бастыыр киинэ уһуллан хаалбыта. Бу киинэ саха телевидениетын бэлиэ ситиһиитэ буолбута.

– Эн дьиэ кэргэниҥ Кэбээйигэ тугунан сыһыаннаахтарын кэпсиэҥ буолаарай.

– Мин төрөппүттэрим манна Кэбээйигэ билсибиттэр. Аҕам, сэрииттэн кэлбит офицер, оччолорго судьуйанан үлэлээбит, кэргэннээх эбит. Оттон ийэм силиэдэбэтэлинэн ананан үлэлии кэлбит. Кэбээйи оччолорго улуус киинэ. Николай Лугинов 50 сааһыгар киинэ устарбын истээт, ийэм: «Алексей Давидович диэн аҕалаах, Кэтириис диэн ийэлээх буолуохтаах”, – дии түспүтэ. Ону кэлэн Николай Алексеевичка эппиппэр, мин аҕам хаартыската кинилэргэ баарын көрдөрбүтэ. Николай Алексеевич аҕата сэрииттэн кэлэн баран аҕабын кытары чугастык билсибит. Ол саҕана аҕам Кэбээйи оройуонун судьуйатынан үлэлиирэ. Ийэм Алексей Давидовичтааҕы эмиэ чугастык билэр эбит. Биирдэ сэтинньигэ Тыайаҕа баран иһэн сиикэйдии сүүрэ сытар үрэххэ түспүт, халлаан тымныйан турар кэмэ үһү. Сэбиргэхтэтэрэ буолуо диэн куттаммыттар. Алексей Давидовичтаахха илдьибиттэр, кинилэр хата испиирдээхтэр эбит, онон сотон баран, эһэ тэллэҕэр суулаан кэбиспиттэр. Инньэ гынан ийэм дьөрү тымныйбатах даҕаны. Ийэлээх аҕам Кэбээйигэ итинник биир кэмҥэ үлэлээн ааспыттар. Кэлин аҕам Эдьигээҥҥэ үлэлээбит, ийэм Юстиция министиэристибэтигэр үлэлээн баран, Сунтаарга судьуйалыы барбыт. Аҕам онно батыһан тиийэн, Сунтаарга холбоспуттар. Ийэм Кэбээйи, Луҥха үрэх туһунан наар кэпсиир этэ. Ол иһин иллэрээ сыл Луҥха, Булгурума үрэхтэринэн устан иһэн наһаа долгуйбутум, хаһан эрэ ийэлээх аҕам эмиэ маннык айаннаабыттара буолуо диэн.

– Тимофей Сметанин 100 сыллаах үбүлүөйүгэр хаста да кэлэ сырыттыҥ дии.

– Икки сыллааҕыта Тимофей Сметанин 100 сыллаах үбүлүөйүн көрсө матырыйаал хомуйа кэлэ сылдьыбыппыт, оччотооҕу култуура управлениетын салайааччыта Левин И.И. арыаллаан сылдьыбыта. Ол сырыылартан Тимофей Сметанин туһунан “Возвращение” диэн ааттаах нууччалыы, «Түмэппий Сэмэтээлдьин туһунан өссө биирдэ…” диэн нууччалыы уонна сахалыы икки киинэ таҕыста. Бу киинэлэр 2019 с. тахсыбыттара. Сметанин сэрииттэн тыыннаах эргиллибит дьоллоох, кини үөрүүтүн нөҥүө саллаат ахтылҕанын биллэхпит дии. Сэрии иннинэ, доҕотторун кытта бэһиэ буолан дойдуларыгар тыынан эрдинэн кэлбиттэр. Кинилэр быыстарыгар чугас доҕоро Иван Егорович Левин баар эбит. Хомойуох иһин, киниэхэ чопчу болҕомтобун уурбакка хаалбыппын. Онтон кэлин физико-техническэй институкка үлэлиир профессор дьүөгэбиттэн истэбин, бу соторутааҕыта ол киһи уола Левин Алексей Иванович өлөн хаалбытын. Аҕатын туһунан ахтыы бөҕөнү хомуйан таһаарбыт эбит, мин ону билбэппин. Баарыгар көрсөн, аҕатын туһунан ахтыы ылбакка, мүччү тутан кэбиспиппиттэн наһаа хомойобун. Кини аҕатын туһунан ахтыыта киирбитэ буоллар, киинэбит төһөлөөх байыах этэй. Иван Романович Петров хаартыскалаах ахтыыта баар, Николай Алексеевич Лугинов аймаҕа эбит. Ону кытта бииргэ сэриилэспит киһитэ Николаев Николай Николаевич оҕото Тааттаҕа олорор. Аҕатын ахтыытын, Тимофей бэлэхтээбит хаартыскатын ыытан, киинэбит киэркэйэ түспүтэ. Итиэннэ Иван Рожин ахтыыта киирбитэ, сэрииттэн кэлэр сахалары көрсөр эбит. Николай Алексеевич тэрийэн, Тимофей Сметанин прозатын, поэзиятын нууччалыы тылбаастаппыта. Ол гынан баран саамай күүстээх айымньылара – эсселэрэ тылбаастана иликтэр. Наһаа күүстээх тыллардаах “Бу Лена”, “Былатыан суолунан бардарбыан” хоһоонноро эмиэ тылбаастана иликтэр. Онон Сметанины киэҥ эйгэҕэ таһаарарга билигин да үлэ элбэх.

– Оттон бу Таас Тумуска экспедиция түмүгүнэн туох биэрии уһулунна?

– Таас Тумус Саха сиригэр литературнай Мекка диэххэ сөп. Тоҕо диэтэххэ, бу тумус туһунан “Таас Тумус” диэн Николай Лугинов сэһэнэ саха литературатыгар бастакы Аан дойду бириэмийэтин аҕалбыта. Иккиһинэн, ону бэлиэтээн кэбээйилэр Таас Тумуска үс объект туппуттар, Николай Лугиновка балаҕан, Таас Тумус 1-кы №-дээх олохтооҕор Владимир Федоровка нуучча дьиэтэ уонна Андрей Кривошапкиҥҥа эбээн ураһата. Үсүһүнэн, сүнньүнэн “Таас Тумус” сэһэҥҥэ олоҕуран уһуллубут “Мин үрдүбэр күн хаһан да киирбэт” диэн киинэ ММКФ икки сүрүн бириэмийэтиттэн саҕалаан Аан дойдуга бириис бөҕөнү хомуйда. Онон, бу Таас Тумуска анаан экспедиция тэрийэн, быйыл иккитэ кэлэн бардыбыт: атырдьах уонна балаҕан ыйдарыгар.

Николай Алексеевич ыҥырыытынан саха норуодунай суруйааччылара Семен Попов-Тумат, Василий Васильев-Харысхал, эдэр поэт Гаврил Андросов кэлэ сырыттылар, саха литературатын туһунан элбэҕи кэпсээтилэр, ахтыылары оҥордулар.

Онон алтынньы 25 күнүттэн саҕалаан, хас өрөбүл ахсын сарсыарда 10 чаас 45 мүнүүтэҕэ, саха норуодунай суруйааччылара Эллэй, Амма Аччыгыйа, Күннүк Уурастыырап, Суорун Омоллоон, Семен Данилов, Софрон Данилов, Далан тустарынан барыта 7 биэрии “Саха” НКИК канаалыгар көстүөхтэрэ. Бу биэриилэргэ саха норуодунай суруйааччыта, Арассыыйа суруйааччыларын Сойууһун хос бэрэссэдээтэлэ Николай Лугинов, саха норуодунай суруйааччыта, П.А. Ойуунускай аатынан Госбириэмийэ лауреата Семен Попов-Тумат, саха норуодунай суруйааччыта Василий Васильев-Харысхал уонна П.А. Ойуунускай аатынан Госбириэмийэ лауреата Николай Винокуров-Урсун кыттыыны ыллылар. Суруйааччылар айымньыларын СӨ үтүөлээх артыыһа Кирилл Семенов ааҕыытыгар истиэхпит. Оттон устуутун режиссер Александр Лукин уонна оператор Илья Жараев оҥордулар. Түгэнинэн туһанан экспедициябыт тэриллиитигэр көмө-тирэх буолбут “Кэбээйи улууһа” МТ баһылыга Иван Левиҥҥэ, улуустааҕы култуура управлениетын салайааччыта Александр Кычкиҥҥа, “Дабаан” хаһыат сүрүн редактора Виктор Эверстовка, ону кытта Куокуй нэһилиэгин олохтоохторугар Давид, Геннадий, Григорий Ивановтарга, бэрт элэккэй моториспытыгар Василий Новгородовка махталбытын тиэрдэбит.

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 

 
 
 
 
 
 
– Евдокия Игнатьевна, биһиги Кэбээйибитин, биир дойдулаахтарбытын сырдатар айымньылаах үлэҥ иһин улахан махтал.

 

Источник: ulus.media

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *