Пятница , 6 Декабря 2024

Санаа күүһэ, тыын уларыйбат аналлаахтар

Аан дойдуга биэс тыһыынчаттан сэттэ тыһыынчаҕа тиийэ араас тыллаах омук баара биллэр. Балартан бэйэтин аатын иҥэрэн туран, государственность диэн улахан тутулу ситиспит омук аҕыйах.


 
Муус устар 27—өрөспүүбүлүкэбит төрүттэммит уонна төрүт сокуоммут—Конституциябыт олоххо киирбит күннэрэ. Үгүс дьон-сэргэ дьаптайбыт, сүмэһинин түмпүт санаата—«уһун санаа» дэнэр быһыылаах. «Уһун санаа» өлбөт үөстээх, уостубат аналлаах. Бэйэтин историятын кырдьыгынан билиммэт уонна чулуу дьонноругар махтаммат, албан ааттарын ахтыбат норуот кэскилэ кэрэгэй. Ол толкуйтан биһиги санаабытыгар, государственность статуһун ылыыга сүҥкэн оруоллаах, быыһык кэмнэргэ үлэлээбит «уһун санаалаах» дьоммут ааттарыгар кылгастык тохтоон ааһыахпыт.

Араскы тардыыта…

1632 сыл сэтинньи ый 25 күнүгэр Русь киин куоратыгар Москваҕа Мангазея бойобуодата Андрей Федорович Палицын Ыраахтааҕы Михаил Федоровиһы уонна Патриарх Филареты анаан-минээн көрсөн, Бүтүн Россия, Саха сирин уонна саха олоҕун дьылҕатыгар улахан суолталаах былаанын кытта билиһиннэрэр. Уонна кинилэрдиин сүбэлэһэн, сөбүлэҥнэрин ылан баран (бөдөҥ историк В.Н.Иванов суруйарынан: «…по видимому (записка) была составлена по указанию Царя Михаила Федоровича и Патриарха Филарета») «Докладной записка» оҥорор, онтукатын 1633 сыллаахха «Приказ Казанского дворца» (1637 сылтан «Сибирский приказ») илдьэн туттарар. Докумуоҥҥа туох туһунан этиллэрин туһунан эмиэ В.Н.Иванов үлэтиттэн ааҕыаххайыҥ: «Докладная записка А.Ф.Палицына дает понять следующие три важных обстоятельства: 1. Якутия, или «Новая Сибирь», по своему богатству представляет для экономики России громадный интерес; 2. Планомерная и разумная эксплуатация этой окраины возможна только при условии, если будет учреждено самостоятельное, облеченное большими правами воеводское управление; 3. На основе закрепления уже освоенных земель необходимо продолжать проникновение в еще неизвестные земли на восток, утверждая в них власть царизма». Бу былаанын олоххо киллэриигэ Русь дойдута илин диэки саҥа сирдэри баһылааһыныгар А.Ф.Палицын икки сүрүн суолу көрөр: «немирный и мирный». Уонна; «…Якутию вполне возможно присоединить мирным путем». Эти условия он видел в учреждении в «Новой Сибири» самостоятельного воеводского управления, которое взяло бы это дело в свои руки, разумно и дальновидно направляя его в пользу государства Российского. Он писал: «а якольские и якутцкие тайши и князцы и иные многие люди со всеми своими землями как услышат про государское величество и увидят к себе ласку и привет воеводцкой, все будут государю служить и ясак с себя давать на веки неотступно» (В.Н.Иванов). Ыраахтааҕылаах Россия сүнньүнэн эйэлээх суолу тутуспута мэлдьэҕэ суох, Палицын «уһун санаата»—«с ласкою» олохтоох норуоттарга сыһыаннаһыыны олохтуохпутун наада диэн толкуйа, кэлиҥҥи Ыраахтааҕылар ыйаахтарыгар көстөр, холобур, историк М.Н.Мартынов бэлиэтииринэн, Петр I правительствота олохтоохторго “с великим радением», «с ласкою, а не жестокостью», Екатерина II манифеһыгар «содержаться в желаемом спокойствии и с ними будут обходиться ласково, не чиня им не только каких-либо притеснений, обид, грабительств, но ниже малейших убытков»—диэн ыйыллар. Сибирскэй приказ (билиҥҥинэн киэҥ бырааптаах министерство, федеральнай уокурук даҕаны боломуочуйалаах тэрилтэ) Палицын докумуонун ымпыктаан-чымпыктаан 1638 сылга диэри үөрэппитэ биллэр. Түмүгэр, 1638 сыллаахха быһаччы Москаҕа Сибирскэй приказка бас бэринэр Дьокуускайдааҕы уезд тэриллибитэ. Маҥнайгынан, саҥа тэриллии Русь, биир үксүн сахалар көмөлөрүнэн, модун геополитическай держава буола үүнэригэр кыах биэрбитэ.

Эйэ суолун тутуһуу

Иккис өттүнэн, бу дьаһаныы Саха сирин кэлэр кэскилин өйдөөһүн курдук сыаналаныан сөп. Саха сирэ Русь дойдутун бары уезтарын кытта тэҥ бырааптаах туспа административнай холбоһукка кубулуйбута. Сахаларга, ол кэмҥэ умна быһыытыйбыт, судаарыстыбаннас туһунан өйдөбүллэрэ хаттаан үөскүүрүгэр араскы уурбута…диэхпитин сөп. Ыраахтааҕы дьаһалынан эйэнэн кэлбит дьону сахалар эйэнэн көрсүбүттэрэ диэн саха чаҕылхай, мааны киһитэ Алексей Аржаков, 1823 сыллаахха улуустар, нэһилиэктэр баһылыктара суруйан хаалларбыт докумуоннара кэпсииллэр. Киэҥ көҕүстээх, хорсун, күүстээх, өйдөөх омук «эйэ» суолун тутуһар диэн өйдөбүллээхпит. Дьиҥ Күүс Кырдьыкка сытарын, Кырдьык эйэ нөҥүө кэлэрин, Эйэ Таптал бэлиэтэ буоларын билэр, биир төрүттээх, биир тыллаах, сирдээҕи олох туһунан биир өйдөбүллээх—Орто Дойду олоҕо Айыы Тойонтон тутулуктааҕын, Айыы Дьоно—Айыы Тойон ыйааҕынан кэлбиттэрин туһунан толкуйдуур,—«Арҕаһыттан тэһииннээх» (ведомые) саха омуга уустук, иэмэ-дьаама биллибэт быыһык кэмҥэ сөптөөх суолу тутуспута, Лөгөй Тойоҥҥо эйэни түстүүр сүгэһэр сүктэриллибитэ.

Степной Дума тэриллиитэ

1935 сыллаахха уһулуччулаах Платон Ойуунускай Степной Дума туһунан санааларын суруйбута: «Николай I… исполнил просьбу якутского тоенатства—в 1827 г. была создана «Якутская Степная дума». Якутская Степная дума была по существу политическим центром якутского тоенатства, способствовавшим дальнейшему развертыванию его борьбы за власть и гегемонию в Якутской области. 1827 сыллаахха тэриллибит Саха Степной Думата саха өйүгэр-санаатыгар дириҥник иҥпит көрүҥнээх, ону 1883 сыллаахха Егор Дмитриевич Николаев (1885 сылтан Баатыр улууһун кулубата), 1906 с. Сунтаар улууһун инородецтара Степной Думаны сөргүтүөххэ диэн туруорсуулара этэллэр. Этэҥҥэ олордохпутуна, 2027 сылга бэйэлээх бэйэбит дьоммут тэрийбит, Саха сирин туһугар үгүс үлэни ыыппыт Степной Думабыт 200 сылын, 2020 сылга Степной Думаны олохтоспут, Степной Дума маҥнайгы баһылыга Иван Емельянович Мигалкин 250 сылын бэлиэтиэхтээхпит.

Итэҕэл туһунан кылгастык

Биир итэҕэллээх омук өлөн-быстан биэрбэт диэн өйдөбүл баар. Сахалар тустарынан суруйбут чинчийээччилэр, бары кэриэтэ сахалар уруу буоллун, оҕо төрөөтүн, дьиэ малааһына буоллун,.. Үрүҥ Айыы (Аар) Тойоҥҥо сүгүрүйэллэрин, үҥэллэрин, махтаналларын бэлиэтээбиттэр. Ыһыах Айыы Тойоҥҥо ананарын туһунан 1823, 1824 сс. Байаҕантай, Хаҥалас, Баатыр, Бороҕон, Мэҥэ, Нам улуустарын кулубалара чуолкайдык быһааран суруйбут докумуоннара туоһулууллар. Ол эрэ буолуо дуо… Төһө даҕаны киэҥ сиргэ тайаан олордорбут үҥэр-сүктэр күүспүт Айыы Тойон буоларын билэн, кини биһигини холбуурун, дьаһайарын итэҕэйэн туран, өбүгэлэрбит барахсаттар, Айыы Тойон итэҕэлин—Православиены ылыннахтара. 1869 сыллаахха Сибэтиитэл Иннокентий, епископ Дионисий (Хитров) туруорсууларын түмүгэр, Дьокуускайдааҕы уонна Бүлүүтээҕи епархия үөскээһинэ Саха сирин дьонугар-сээргэтигэр улахан ситиһии буолбута. Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон бэргэнник эппитинии: «Якутия впервые обрела свой суверенитет, и это был духовный суверенитет. В ту пору мы стали в один ряд со всеми политическими значимыми народами мира». Оччотооҕу кэмҥэ ити ситиһии этэ уонна 1692 сыллаахха сахалыы тылынан суруллубут мэлииппэ, алгыс иччилээҕин туоһулаабыта: «Айыыбыт биһиэнэ Мэҥэ таҥара үрдүгэр килбэйэр. Аатыҥ эйиэнэ кэлиэҕэ, Аатыҥ эйиэнэ буолуоҕа, көҥүлүҥ Эйиэнэ эмиэ, таҥараҕа уонна сиргэ».

Автономия туһунан…

«Докладная записка» М.К.Аммосова Сибирскому революционному комитету о предоставлении Якутии Губернскую самостоятельность (не ранее 1 мая 1920 г.)» суруллубут кылгас гынан баран, уһун толкуйдаах, дириҥ ырытыылаах докумуоҥҥа этиллэринэн: «С 1912-1913 гг. якуты требовали у правительства Николая введения в крае земского самоуправления и представительства от области в Государственной Думе». Ол эбэтэр Максим Кирович Аммосов аан маҥнай автономия боппуруоһа тура даҕаны илигинэ, киэҥ бырааптаах губернияны тэрийиигэ болҕомтотун уурбута уонна бу сана «силистээҕин» ыйбыта. Онон Автономнай Республика үөскээһинэ үгүс көлүөнэ дьон, ордук XIX-XX үйэлэр кирбиилэригэр олорбут, үлэлээбит дьон баҕа санааларын туолуута этэ диэн быһаарыахха сөп.

Саҥа кэм—Николаев кэмэ

Улуу империялар сууллуулара—алдьархай, иэдээн, трагедия. Россия Президенэ В.В.Путин Модун Сэбиэскэй Сойуус ыһыллыытын туһунан: «крупнейшая гуманитарная катастрофа», диэбитэ… Маннык уустук, быыһык кэмҥэ Орто Дойдуга «Ситим» баарын биллэрэн, Саха сирин салайыыны Михаил Ефимович Николаевка туттарбыта. Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон М.Е.Николаевка туһаайан 1991 сыл ахсынньы ый 27 күнүгэр: «Вы сын своей матери—русской. Вы сын своего отца—якута. А это не случайность, это—знамение, воля истории, эпохи. А воля истории всегда судьбоносна»,—диэн иччилээх тыллара ИЛГЭНЭН туолбуттара. Туох барыта ааһар аналлаах, туох барыта эргийэр аналлаах. Арай санаа күүһэ, тыын уларыйбат аналлаахтар.
 
Афанасий МИГАЛКИН,
«Саха сирэ» хаһыат, edersaas.ru саайтка анаан

Источник:www.edersaas.ru

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *