Среда , 4 Декабря 2024

НАМҤА ЧАҔЫЛҔАН ААТА ААТТАННА

От ыйын 31 күнүгэр намнар чаҕылхай бэйиэттэригэр И.Д. Винокуров—Чаҕылҕан 105 сылын чэрчитинэн өссө биир боччумнаах тэрээһини тэрийэн ыыттылар.


Аппааныга Чаҕылҕан скверигэр буолбут миитиҥҥэ Нам улууһун баһылыга Ю.И. Слепцов, Аппааны нэһилиэгин баһылыга И.Д. Ноговицын, норуодунай суруйааччы Н.А. Лугинов, учуонай, Чаҕылҕан аймаҕа Л.М. Сабарайкина уо.д.а. улахан суруйааччы олоҕун туһунан истиҥ, үтүө тыллары эттилэр, пааматынньыгар сибэкки дьөрбөтүн уурдулар уонна мустубут дьон күргүөмүнэн хаартыскаҕа түстүлэр.

Эбиэттэн киэһэ Намнааҕы П.И. Сивцев аатынан история уонна этнография музейын кэлэктиибин көҕүлээһининэн, «Чаҕылҕан талааныгар сүгүрүйэн» диэн И.Д. Винокуров—Чаҕылҕан кылгас эрээри сырдык олоҕун сырдатар, аатырбыт айымньыларын өлбөт-сүппэт тыынныыр сыаллаах төгүрүк остуолу тэрийдилэр.

Манна Нам улууһун баһылыгын солбуйааччы П.В. Абрамов, Саха Суруйааччыларын сойууһун бэрэссэдээтэлин солбуйааччы С.Е. Сивцев—Хамалҕа, суруйааччылар: П.А. Ойуунускай аатынан литературнай музей сүрүн үлэһитэ Н.Е.Винокуров—Урсун, «Чолбон» сурунаал редактора И.И.ОсиповУйбаан Ойуур, НКИХ радионан биэриитин редактора В.Д. Петрова, Чаҕылҕан аатынан Нам оскуолатын кэлэктиибэ уонна «Отуу уота» литературнай түмсүү бөлөҕүн чилиэннэрэ уо.д.а. төгүрүк остуолга көхтөөхтүк кытыннылар. Кинилэр чаҕылхай бэйиэт Чаҕылҕан аатын үйэтитэргэ уонна сыл-хонук ааһан истэҕин ахсын хас биирдии саха киһитэ кини аатын киэн тутта ааттыырын ситиһэргэ санааларын үллэһиннилэр.

 

Ааптар: Иван ОСИПОВ, Портал САХА-ПЕЧАТЬ

Ааптар хаартыскаҕа түһэриилэрэ

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *