Николай Лугинов Кэбээйигэ кэлэн сынньанан барда
Быйыл күһүн биир дойдулаахпыт, Саха норуодунай суруйааччыта Николай Лугинов үбүлүөйүн көрсө Куокуйга араас үлэни ыытабыт. Бу соторутааҕыта Николай Алексеевич дойду оҥостубут сиригэр кэлэн барда.
Николай Алексеевич тапталлаах «Хаахынайдааҕар» доҕорунаан Геннадий Ивановтыын икки күн дуоһуйа балыктаан, бултаан-алтаан, сынньанна.
Куокуйга кэлбит кэмигэр Ивановтар дьиэ кэргэттэригэр тиийэн Николай Алексеевиһы кытта сэһэргэстим. Николай Алексеевич “Уларыйыы кэмэ” диэн улахан айымньыны быйыл саас суруйан бүтэрбит. Айымньы сүрүн тиэмэтинэн улуу Кытай өр кэмнээх устуоруйата буолар, “Хунские повести” сэһэн салгыыта эбит. Романы суруйааччы 2011-2012 сыллартан саҕалаабыт. Нууччалыы тылбааһын Владимир Крупин оҥорон «Полярная Звезда» сурунаалга былырыыҥҥаттан бэчээттэнэр.
Николай Алексеевич төрөппүттэрин, Куокуйдааҕы аймах-билэ дьонун туһунан истиҥник кэпсээтэ. 1977 сыллаахха саха улуу поэта Сэмэн Данилов Куокуй сиригэр кинилиин кэлэ сылдьыбытын, айылҕаны, булду-аһы, Луҥха үрэҕи астынан барбытын аҕынна. Бу кэлэ сылдьан кини Николай Алексеевичка анаан «Кэбээйи бэлэҕэ» хоһоону суруйбут.
Күндү ыалдьыппыт кылгас да буоллар биһигини кытта көрсөн барбытыгар махтанабыт.
Ааптар: Варвара Спиридонова.