Четверг , 31 Октября 2024

Эдэр суруйааччы оскуолата

Мин эдэр доҕорум, эн бүгүн Аан айылҕа кэрэ көстүүтүн сөҕө-махтайа көрөҥҥүн, биитэр аан маҥнай Кэрэ-куону таптааҥҥын, биитэр олоххор хаһан да буолбатах түгэҥҥэ дууһаҥ нарын кылын таарыйтаран, урут хаһан да билбэтэх дьикти иэйиигэр куустараҥҥын, ол дьикти иэйиигин хоһоон хомоҕой тылынан этиэххин баҕардыҥ…

Иннигэр ыраас илиис кумааҕыны уураҥҥын ол дьикти иэйиигин кэхтибэт кэрэкэ тылларга тиһиэххин баҕарбытыҥ — оннук дьикти кэрэ, уран тыл сааһыланан кэлэ охсубаттар! Ол курдук суруйар, айар үлэ мас мастыыр, уу баһар курдук судургу буолбатах.

Мин эмиэ эн курдук Аан айылҕа кэрэ көстүүтүттэн таалан турбут, аан маҥнай Кэрэ куону таптаан дьикти иэйиигэ куустарбыт, олохпор көрсүбүт дьикти түгэннэрдээх Суруйааччы киһи эйиэхэ, эдэр доҕорбор айар, суруйар үлэнэн дьарыктанаргар бэйэм билиибин кэпсиэхпин баҕарабын…

2001 сыллаахха Аляска Джуно куоратыгар Джим Уолтер диэн тлинкит профессорын, Аан дойдуга аатырбыт ученайы, киһи кэрэмэһин кытта алтыспыт дьоллоохпун. Саха сирин, саха дьонун олус үчүгэйдик билэрэ, сүрдээҕин ордук санаан:

— Эһиги сахалар Республикалааххыт, Президеннээххит, университеттааххыт, театрдааххыт, төрөөбүт тылгытынан литературалааххыт! — диэбитэ.

Профессор Уолтер барахсан отой уот харахха этээхтээбитэ. Суруйааччы баар буоллаҕына — литература баар. Литература баар буоллаҕына — Театр баар. Театр баар буоллаҕына — омук баар!

Биһигини кытта тэҥ ахсааннаах омуктары кытта тэҥнээтэххэ саха литературата — дьоллоох литература. Отутус сыллардаах репрессиялар кэннилэриттэн Марий Эл биир суруйааччылаах, Коми түөрт суруйааччылаах, Чувашия биэс суруйааччылаах, Удмуртия биэс суруйааччылаах хаалаахтаабыттара. Төһө да сорун сордообуттарын үрдүнэн Былатыан Ойуунускай биир да суруйааччыны куомуннааҕым диэн уган биэрбэтэҕэ. Онон саха суруйааччылара чөл хаалан, Амма Аччыгыйа, Күннүк Уурастыырап, Эллэй, Суорун Омоллоон, Эрилик Эристиин, Күн Дьирибинэ, Степан Ефремов саха литературатын барҕардыбыттара, саха омугун төрөөбүт тылларынан саҥардан саха омук буолалларын түстээбиттэрэ.

Улуу убайдарыттан Туоҕаны туппут Сэмэн, Софрон Даниловтар, Болот Боотур, Иван Гоголев, Далан, Василий Яковлев, Моисей Ефимов о.д.а. суруйааччылар Саха литературатын салгыы сайыннаран саха омугу саҥалыы тыыннаабыттара…

Билигин научнай-техническэй революция ыллар хардыынан айанныыр, интернет, телевидение дьон өйүн-санаатын барытын баһылыыр кэмигэр литература, чуолаан саха литературата, ол аата ийэ тылбыт бу Сүүрбэ Биирис үйэҕэ тыыннаах хаалар хаалбат тыын ыйытыга тирээн кэллэ. Дьэ, ити түгэҥҥэ билигин айа-тута сылдьар саха суруйааччыларын айар аартыктарын салгыыр ыччат баар буолуо дуо диэн санаа үүйэ-хаайа тутар.

Бэйэбит кэннибититтэн хаалар суруйар ыччаты ииппэтэхпитинэ — ол аата ийэ тылбыт, литературабыт умнулларыгар, сабылларыгар тиийэр. Дьэ, ол иһин Саха суруйааччыларын Ассоциацияларын саайтыгар айыан, суруйуон баҕалаах дьоҥҥо туһалаатын диэн сүбэ-ама биэрэр ЭДЭР СУРУЙААЧЧЫ ОСКУОЛАТА диэн анал салааны арыйабыт.

ААНЫ АРЫЙЫЫ.

Маҥнайгы сүбэ.

Суруйар үлэнэн дьарыктанар баҕалаах киһи бастатан туран ийэ тылын ымпыгар-чымпыгар тиийэ билэр, тыл суолтатын, тыл ис домоҕун, тыл дэгэтин өйдүүр, таба туһанар буолуохтаах.

Билигин оскуолаларга ийэ тылы, литератураны үөрэтэр уруоктар олус аҕыйахтар. Дьэ, ити түгэҥҥэ ийэ тылы, литератураны дириҥник билиигэ биир эрэ ньыма баар — ААҔЫЫ.

Суруйар үлэнэн дьарыктаныан баҕарар киһи элбэхтик ааҕыахтаах. Баай тыллаах буолуон баҕарар киһи ОЛОҤХОНУ ааҕыахтаах, ОЛОҤХО тылын үөрэтиэхтээх, кыаллар буоллаҕына олоҥхолуу үөрэниэхтээх.

ОЛОҤХОНУ Билэр, өйдүүр киһи баай тыллаах, санаатын сайа, сайгыччы этэр кыахтаах буолар.

(салгыыта бэчээттэниэ)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *