Пятница , 22 Ноября 2024

«Мин эһэм – сураҕа суох сүппүт биллибэт саллаат» экспедиция балаһыанньата

к-23-1-6-11

СӨ Духуобунаска академиятын “Мин эһэм – сураҕа суох сүппүт биллибэт саллаат” (“Мой дедушка – неизвестный солдат”) бырайыагар РФ Президенин Грана анаммытынан, өрөспүүбүлүкэ оскуолаларын үөрэнээччилэригэр, айар холбоһуктарыгар, кииннэригэр, кулууптарыгар уонна дьиэ кэргэттэригэр анаан

ИС ХОҺООНО, СЫАЛА-СОРУГА:

Сэбиэскэй норуот фашистскай Германияны утары 1418 хонуктаах хаан тохтуулаах кыргыһыыга Улуу Кыайыыны ситиспитэ.

1945 сыл ыам ыйыгар Кыайыы Кыһыл былааҕа өстөөх арҕаҕа Рейхстаг үрдүгэр тэлээрэрин туһугар 26,6 мөлүйүөн киһибитин толук уурбуппут.

Аармыйаҕа ыҥырыллыбыт 34,5 мөлүйүөн киһиттэн 11944100 саллаат кыргыс толоонугар охтубута уонна бааһырыыттан өлбүтэ. Онтон  5 мөлүйүөнтэн тахсата сураҕа суох сүппүтэ.

Дойдубут киинэ Герой куорат Москуба саамай сүрэҕэ Кыһыл Болуоссакка Биллибэт саллаат уҥуоҕар умуллубат уот умайар. Онно “Имя твое неизвестно, подвиг твой бессмертен” диэн суруллубут.

Аны туран, 2014 сылтан Россияҕа ахсынньы 3 күнэ Биллибэт саллаат күнүнэн биллэриллибитэ. Ол аата, махталлаах норуот сураҕа суох сүппүт дьоруойдарын умнубат.

Инники кирбииттэн ыраах Саха сириттэн фроҥҥа 62509 киһибит ыҥырыллан, аҥаардара төрөөбүт алааһыгар төннүбэтэҕэ. Кинилэр сырдык кэриэстэригэр поэт Пантелеймон Тулааһынап  хоһоонун анаабыта:

Аҕаҥ тааһын аттыгар

Атахтаһан сыппатыҥ,

Кыргыс хааннаах толоонугар

Кыламаҥҥын саппытыҥ…

Сэрииттэн эргиллибэтэх 32 тыһыынча киһибититтэн 7 тыһыынчата сураҕа суох сүппүтэ.

Быйыл Улуу Кыайыы 73 сылын үөрүүлээхтик бэлиэтиэхпит. Саха сирин хас биирдии ыалын таарыйбыт алдьархайдаах сэрии ыар содула үйэлэргэ умнуллубат. Улуу Кыайыы сырдык күнүн чугаһатыспыт эһэлэрбит, хос уонна хос-хос эһэлэрбит ааттара хас биирдиибит сүрэҕэр баар.

Олох тэтимнээхтик сайдан, байыаннай архыыптар докумуоннара, кистэлэҥҥэ тутулла сыппыт матырыйааллара, оннооҕор ньиэмэстэр концентрационнай лааҕырдарын дьыалалара Интэриниэккэ аһаҕастык таҕыстылар.  Кырыктаах кыргыһыылар ыытыллыбыт  сирдэригэр көрдүүр-ирдиир анал этэрээттэр тэриллэннэр, сири кытта сир буолбут саллааттар кырамталара, ону кытта сорохторун докумуоннара көстүтэлииллэр.

Ол түмүгэр уһун сылларга сураҕа суох сүппүтүнэн аатыра сылдьыбыт ытык дьоммут ааттара тиллэн эрэллэр.

Күндү ааҕааччыбыт! Эн дьиэ кэргэҥҥэр сураҕа суох сүппүт биллибэт саллаат баар буоллаҕына, бу махталлаах үлэҕэ кыттыс, дьиэ кэргэнинэн үлэлээ, ытык киһигит дьылҕатын дьон-сэргэ билиитигэр таһаар.

Дьэ, онно тирэх, күүс-көмө буолуохтаах бүгүн биллэриллэр ирдэбил үлэ экспедицията!

ЭКСПЕДИЦИЯНЫ ТЭРИЙЭЭЧЧИ:

Саха Өрөспүүбүлүкэтин Духуобунаска академията.

Координатор: Старостина Туйаара Васильевна, төл. 89241724980. Dedushka.soldat@mail.ru – почта.

КИМНЭЭХ КЫТТАЛЛАРА:

Кылаастарга тэриллибит бөлөхтөр, оскуолалар кулууптара, айар холбоһуктара, пресс-кииннэрэ, биирдиилээн дьиэ кэргэн.

СҮРҮН ИРДЭБИЛ:

– Сураҕа суох сүппүт биллибэт саллааты ирдиир үлэни хайдах саҕалаабыккытын,   кини туһунан матырыйаалы хантан булбуккутун, саллаат сырдык аатын үйэтитэргэ туох үлэни ыыппыккытын сиһилии кэпсиир видеоклип-ролик (3-5 мүнүүтэ).

– “Кэскил” хаһыакка анаан бу туһунан хаартыскалаан, уруһуйдаан, А4 кээмэйдээх 3 лиистэн элбэҕэ суох матырыйаалы бэлэмнээһин.

ЫЫТЫЛЛАР БОЛДЬОҔО:

I түһүмэх:

бу Балаһыанньа тахсыаҕыттан муус устар 30 күнүгэр диэри – бэлэмнэнии үлэтэ.

II түһүмэх:

ыам ыйын 1 күнүттэн атырдьах ыйын 31 күнэ – ирдэбил үлэ үгэнэ.

III түһүмэх:

балаҕан ыйын 1 күнүттэн сэтинньи 30 күнүгэр диэри – үлэни түмүктээһин.

Түһүмэх түмүктэннэҕин аайы Духуобунас академиятыгар уонна “Кэскил” хаһыакка отчуоту, матырыйаалы ыытан иһиллэр.

Бастыҥ үлэлэр “Саха” НКИХ анал биэриилэригэр көстөн, “Кэскил” хаһыакка бэчээттэнэн иһиэхтэрэ. Ахсынньы 15 күнүгэр диэри кыайыылаахтар быһаарыллыахтара.

НАҔАРААДАЛААҺЫН:

Анал хамыыһыйа биһирэбилин ылбыт үлэлэр дипломнарынан, биһирэбил бириистэринэн бэлиэтэниэхтэрэ. Кыттыылаахтар туоһу суругу (сертификаты) тутуохтара.

Күндү оҕолор, Ийэ дойду тутулуга суох буоларын туһугар кыргыс толоонугар сураҕа суох сүппүт ытык киһибит аата ааттанарын, үйэлэргэ умнуллубатын туһугар махталлаах үлэҕэ кыттыаҕыҥ!

“Кэскил” электроннай аадырыһа: keskil@sakhanet.ru

Ыйыталаһар төлөпүөн: 42-31-51.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *