Пятница , 22 Ноября 2024

Аҕам аата умнуллубат

к-20-2-2-15

Фашистскай Германияны утары Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ Саха сириттэн түөрт сыл устата 62509 киһи ыҥырыллыбыта. Онно өссө дойду киин куораттарыгар сулууспалыы, үөрэнэ сылдьан барбыт дьоммутун эбэн кэбис. Кинилэртэн аҥаардара төрөөбүт дойдуларыгар эргиллибэтэҕэ. Сэттэ тыһыынча киһибит сураҕа суох сүппүтэ.

Сэрии устуоруйатыгар Ильмень күөл кыргыһыыта бэлиэ миэстэни ылар. 1943 сыл олунньу 23 күнүгэр 12-с гвардейскай стрелковай куорпус бары чаастара Новгород уобалаһын Старай Русса оройуонун өстөөхтөн босхолуур атаакаҕа туруммуттара.

Бу күн аатырбыт Александр Матросов Чернушки дэриэбинэ таһыгар өстөөх пулеметун амбразуратыгар саба түспүтэ! Оттон 19-с туспа хайыһар биригээдэтэ эмиэ бу күн сарсыардатыгар Ильмень күөлгэ кэлбитэ. Ильмень күөл. Күөл диэн, сахалар санаабытыгар, муҥхалыыр, илимниир, муус ылар, ынах уулатар кыра күөлбүт курдук. Оттон Ильмень күөл 45 км уһуннаах, 35 км кэтиттээх, 9,7 м дириҥнээх, сайын борохуот кытта сылдьар сүдү байҕала!

Ытык сэрии кыттыылааҕа, билигин Чурапчыга олорор 95 саастаах Иван Михайлович Павлов 2015 сылга таһаартарбыт «Улуу сэрии усталаах-туоратыгар» диэн кинигэтигэр Ильмень кыргыһыытыгар улахан болҕомтотун уурбут.

Онно сурулларынан, аҥаардас 19-с туспа хайыһар биригээдэтигэр Горнайтан 66, Өлүөхүмэттэн 59, Үөһээ Бүлүүттэн 60, Ньурбаттан 40, Сунтаартан 62, Тааттаттан 41, Чурапчыттан 50, Мэҥэ Хаҥаластан 16 – барыта 394 саллаат баар эбит. Бэрт кылгас кэмнээх кыргыһыыга кинилэртэн түөрт гыммыт биирдэрэ эрэ тыыннаах хаалбыт.

Бу кыргыһыыга охтубут саллаат Петров Павел Петрович туһунан кыыһа, Сунтаар сэлиэнньэтин Бочуоттаах гражданина Евдокия Павловна Петрова ахтыытын билсиэххэ.

Аҕам Павел Петров Сунтаарга Чакыр (билигин Күндэйэ) нэһилиэгэр Илин Хомустаах диэн сиргэ 1913 сылга төрөөбүт. Аҕата Петр Петрович Петров-Бакык, ийэтэ Евдокия Алексеевна Янкова оччотооҕу Пушкин аатынан холкуос туруу үлэһиттэрэ.

Аҕам бииргэ улааппыт, үлэлээбит доҕоро, билигин Күндэйэҕэ олорор Максимов Николай Павлович кэпсииринэн, аҕам үрдүк уҥуохтаах, куударалаах баттахтаах, сытыы-хотуу, бэйэтин кыанар киһи үһү. Холкуоска үлэлии сылдьан, Тимофеев Хрисанф Григорьевич кыыһа Марияны кэргэн ылбыт. Соня диэн кыыс оҕоломмуттар. Онтон Кэмпэндээйигэ Куруҥ Үрэх диэн сиргэ олорбуттар. Аҕам туус собуотугар үлэлээбит, ийэм дьоно Аллыҥаттан холкуос сылгытын көрөллөрүгэр, астарын-таҥастарын бэрийээччи буолбут. Бэйэлэрэ эмиэ сүөһүлээх, аҕыйах сыарҕа табалаах эбиттэр. Аны эһэбит идэтийбит булчут, кэлин араас экспедицияларга сирдьиттээбит. Онон бары бииргэ тутуспутунан үлэлээн-хамсаан, быр-бааччы олорбуттар. 1938 сылга мин төрөөбүппүн.

1941 сылга сэрии саҕаланар. Нөҥүө сыл бэс ыйыгар эһэбин уонна аҕабын сэриигэ ыҥырбыттар. Эбэлээх ийэм оҕолорун кытта холкуоска үлэлии хаалбыттар. Аны иккиэн оҕолоноору сылдьар эбиттэр. 1942 сыл күһүнүгэр ийэм Шура, эбэм Илья диэн кыыстаах уолламмыттар.

Аҕам сэриигэ барарыгар 4 эрэ саастааҕым. Инньэ гынан, аҕабын бу диэн үчүгэйдик өйдөөбөппүн. Арай ыйытыга суох саахары ылан сиэбитим иһин сыҥаһа орон атаҕар баайбытын умнубаппын, оттон сирэйин-хараҕын, быһыытын-таһаатын туһунан өйдөбүл суох. Дьоммут сэриигэ барыахтарыттан олох ыараабыта, хоргуйуу куттала суоһаабыта. Эбэм Луклар диэн ынаҕын үүтүн бары үллэстэрбит. Ийэм туһахтыыр, туулуур, тиргэлиир этэ эрээри, үгүстүк мэлийэн кэлээхтиирэ. Оччоҕо оһохпут иннигэр сукуһан олорон, сылбырхай ууну иһэрбит. Ийэм үс кыра оҕону, эһэм ийэтэ Настаа диэн эмээхсини харайара. Мин аччыктаан, кыайан хаампат буолбуппар, эбэм аахха ииттэрэ биэрбитэ. Онно даҕаны аччыктыырым ааспатаҕа, хаппыт тириини өр баҕайы оргутан, миин буһараллара, саас бэс сутукатын, таба сиир лабыктатын хатаран, бурдук курдук мэлийэн, онно өссө тугу эрэ булкуйан, хааһы, лэппиэскэ оҥороллоро. Сороҕор тоҥсоҕойу бултаан, тэллэйи хомуйан, онон миин буһараллара. Хата, биһиги дьолбутугар, балтараа сылынан эһэбит эргиллэн кэлбитэ. Дьөлө ытыллыбыт уһун баҕайы синиэллээх этэ.

Кыайыы буолбута, аҕам суоҕа. 1946 сылга мин оскуолаҕа үөрэниэхтээх буоламмын, Кэмпэндээйигэ көһөн киирбиппит. Ийэм туус собуотугар үлэлиир буолбута. Чааҥҥа суукканы быһа тууһу оргутарга мас бэлэмнииллэрэ. Онтон оргуйбут уу паар буолан көтөн, туус сөҥөн хаалбытын таачыканан таһаллара. Сайын балык туустааһыҥҥа сырытыннарбыттара. Ийэм соҕотох үлэһит буолан, күҥҥэ 600 грамм килиэп биэрэллэрин биэс буолан үллэстэрбит. Онно сороҕор тардаах хааһыны эбинэрбит. Миигин, хата, интэринээккэ ылбыттара. Син тото аһаан, киһи-хара буолбутум. Оннооҕор тугу эмэ ордорунан, кыраларбар кэһии гынарым.

Аҕам аах сэриигэ Элгээн Аттаах Тумулугар мустан, сынньана түһэн, Бүлүү өрүһү Лоҥкурунан туораан барбыттар. 1942 сыл от ыйын 16 күнүгэр Иркутскай уобалас Заярскай станциятыгар хаартыскаҕа түспүттэр эбит. Онно биэс киһиттэн үһэ чакырдар – мин аҕам, убайа Янков Григорий Петрович уонна Иванов Иннокентий Алексеевич. Кинилэр үһүөн сэрииттэн эргиллибэтэхтэрэ. Бу хаартыска ийэбэр баара, кэлин сүтэн хаалбыта. Ийэм бу ортоку олорооччу эн аҕаҥ диирэ. Кэлин Күндэйэттэн суруйааччы Николай Егоров «Күндэйэлэр күн сирин көмүскэлигэр» диэн кинигэтигэр бу хаартыска баарын көрөн, дьонтон ыйыталаһан, аҕам мөссүөнүн булан, тыыннааҕын булбут курдук үөрэн аҕай сылдьабын. Аҕам салгыы тимир суолунан айаннаан, Молотов куоракка тиийбит. Онно 19-с туспа хайыһар биригээдэтин 2-с батальонугар түбэспит. 1943 сыл олунньу 23 күнүн сарсыардатыгар Ильмень күөлү туорааһыҥҥа өлбүт. Хата, син элбэх киһини, ол иһигэр мин аҕабын, муус анныттан булан, Буреш диэн дэриэбинэҕэ уопсай ииҥҥэ көмпүттэр. Оттон ийэбэр «Кэргэниҥ сураҕа суох сүттэ» диэн хара сурук кэлбит этэ. Оччолорго сураҕа суох сүппүттэр дьонноругар туох да көмө оҥоһуллубат этэ.

Кыайыы 50 сылын туолуутугар Подольскайга баар ССРС Оборуонаҕа министиэристибэтин Киин архыыбыттан «Аҕаҥ Ильмень күөл үрдүгэр буойуннар уопсай кылабыыһаларыгар көмүллүбүт» диэн суругу туппутум. Билигин Ильмень күөл кытылыгар Саха сирин Бырабыыталыстыбата туппут улахан пааматынньыга баар. Онно 2007 сыллаахха кыыһым Попова Альбина Феликсовна баран, эһэтин аатын булан, дойдутун буорун кутан, сибэкки ууран кэлбитэ. Оттон Дьокуускайга Ильмень күөл буойуннарыгар туруоруллубут пааматынньыкка аҕам аата эмиэ баар. Чакыртан үс буолан Ильмеҥҥэ охтубуттар: Парфенов Трофим Алексеевич, Трофянов (Петров) Илья Алексеевич уонна мин аҕам Петров Павел Петрович. Биир дойдулаахтарбыт оонньоон-көрүлээн ааспыт Аттаах Тумулларыгар 2010 сыллаахха Ильмень күөл үс сэрииһитигэр өйдөбүнньүк пааматынньык туруоруллубута. Бу ытык сиргэ сотору-сотору көлүөнэлэр көрсүһүүлэрэ ыытыллар, ытык дьоммут ааттарын ахтан-санаан ааһабыт. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *