Саллаат кэриэһэ (кэпсээн)
Аан дойдуга тымныытынан аатырар Өймөкөөн хоту сир ахсааныгар киирии бөҕө буоллаҕа. Оннооҕор сэрии ыар кэмигэр, хотуттан эр дьону аармыйаҕа ылбатахтарыгар, биһиэннэрин тыыппатахтара.
Ол да буоллар, сэрии тыйыс тыына бу хоту сири син биир хаарыйбыта. Ол сүппэт-оспот бэлиэтэ буолан, бөһүөлэк кытыытыгар күн уотуттан күлүмүрдүү оонньуур сулустаах пааматынньык турар. Сэриигэ баран сураҕа суох сүппүт буойун Сэмэни чиэстээн туруорбуттара.
Пааматынньык аттынан ааһан иһэн, бакыччы таттарбыт кыра эмээхсин, хамсатын туора уобан баран, тугу эрэ ааспыты, хаһан да эргийбэти саныырдыы олорорун үгүстүк көрүөххэ сөп. Бу Даайа эмээхсин эдэр сааһын доҕоро Сэмэн кэриэһигэр бокулуон уура кэлэн олороохтуур…
Сэрии кэмигэр биһигиттэн үлэ фронугар дьону ылаттаабыттара. Арай Сэмэн хаста даҕаны тылланан, элбэх көрдөһүүнэн фроҥҥа баран, Украина истиэптэригэр сураҕа суох сүппүтэ.
Сэмэн модьу-таҕа быһыыта, үрдүк сүүһүн аннынан чоҕулуччу көрбүт харахтара, чох курдук хап-хара хойуу баттаҕа элбэх кыыс хараҕар хатанара. Ол эрээри сылгыһыт Сэмэн ыаллыы олорор ыанньыксыт Дашаны таптаабыта.
Кинилэр дохсун сүүрүктээх Индигир биэрэгэр, уу баһар суол кытыытыгар үүнэн лаглайан турар соҕотох хатыҥҥа кэлэннэр инникилэрин ыраланаллара, кистэлэҥнэрин кэпсэтэллэрэ.
Маны барытын ким да истибэтин диирдии, Индигир эбэ араастаан курулаан-харылаан, тыаһаан-ууһаан, мөлбөһүйэ устара. Килбик таптал кимиэхэ да иһитиннэриллибэт тылларын кистиирдии хатыҥчаан сэбирдэхтэринэн сипсийэ оонньуура.
Таптал кыыма күүдэпчилэнэ оонньуоҕун кырыыстаах сэрии мэһэйдээбитэ.
Сэмэн сэриигэ барыаҕыттан Даша уота-күөһэ мөлтөөн, дууһатын түгэҕэр тугу эрэ күүтэр, кэтэһэр курдуга. Холкуос түбүктээх үлэтиттэн быыс-арыт булан, чугастыы олорор Сэмэн дьоно Татыйыыстаахха сүүрэн тахсара. Сээкэйи сэһэргэһэрин, Сэмэн дэҥҥэ кэлэр бэрт кэмчи тыллаах суруктарын хосхос ааҕан иһитиннэрэрин быыһыгар дьиэ хомуйара, таҥас сууйара.
Оскуолаҕа урут бииргэ үөрэнэ сылдьан кылааһын хаалбыт кыыһа көрсөн, Дашаны хайдах эрэ хомуруйардыы: “Кырдьаҕас дьон халыҥ кирдэрин кирэргиттэн сиргэммэккин дуу?” – диэн соһуппуттааҕа.
Даша, төһө да кыһыйдар-абардар, кырдьаҕастарга сылдьарын тохтоппотоҕо. Сэмэн дьоно Дашаны бэйэлэрин кыыстарын курдук көрсөллөрө.
Биир үтүө күн Сэмэнтэн саллаат таҥастаах хаартыската кэлэн үөрдүбүтэ. Татыйыыс эмээхсин балаҕаннары кэрийэ сылдьан көрдөртөөбүтэ.
Оттон Дашаҕа анаабыт кылгас эрээри, сылаас тыллаах суруктарын ис хоһоонун кыыс бэйэтэ эрэ билэн эрдэҕэ…
Даша ардыгар Индигиргэ киирэн, өр да өр хатыҥчаан аттыгар олорон, тугу эрэ ботугуруура, ааттаһара, көрдөһөрө. Хатыҥ намчы туоһун имэрийэн ылаттыыра.
Онтон, доҕоор, 1943 сыл тымныы кыһынын хаҕыс күнүгэр Сэмэн кыргыһыы толоонугар сураҕа суох сүппүтүн туһунан биллэрии кэлэн, сүллэр этиҥ буолан сааллыбыта. Эмээхсиннээх оҕонньор сордоохтор харах уутунан сууммуттара. Хара суругу итэҕэйбэккэ, харахтара айан суолуттан арахпат этэ.
Кыайыы өрөгөйдөөх күнэ үүммүтүн, дьон-сэргэ олоҕо арыый тупсан барбытын да үрдүнэн, Татыйыыстаах буорайаахтаабыттара. Кылгас кэм иһигэр кыаммат буола кырдьыбыттара. Оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ тастан туох да көмө суоҕа. “Уолгут сэриигэ сураҕа суох сүппүт, дьиҥнээхтик өлбүтүн туһунан биллэрии суох” диэннэр, үлэ фронугар баран суорума суолламмыттар дьонноругар биирдэ эмэ оҥоһуллар көмө кинилэргэ тиксибэтэ. Ол иһин Даша бэйэтин дьонуттан кинилэргэ көһөн киирэргэ күһэллибитэ.
Татыйыыс эмээхсин уһаабатаҕа, саҥата-иҥэтэ, ынчыга-хончуга суох утуйа сытан, анараа дойдуга бараахтаабыта. Кини этэ-сиинэ бараммыт уҥуох тарбахтарынан соҕотох оҕото Сэмэн хаартыскатын сүрэҕэр хам тутан сытаахтыыра. Онтон аны оҕонньор суох буолбута.
Хата, маладьыаҕыҥ, эрдэттэн тэринэн, туттар сэбин-сэбиргэлин, бигэ-таҕа оҥоһуулаах уктаах сүгэ, күрдьэх, атырдьах, хотуур, Даша убайыгар биэрбитэ. Оттон дьиэлэрин ый даҕаны гыммакка холкуос ыскылаатыгар кубулуппуттара.
Даша эдэр сааһыгар соҕотох хаалан баран, Сэмэҥҥэ эрэннэрбит тылын кэспэтэҕэ. Дууһа ыар баттыгыттан, күүстээх үлэттэн маа бэйэлээх хара суһуоҕа маҥан солко сүүмэхтэринэн солбуллубута. Кэрэ сэбэрэтэ чарчыстан, мыччыстан, онно эрэ хаалбыта.
Оттон били маҥнайгы таптал сырдык хатыҥа өргө диэри суугунуу туран баран, аны бары кистэлэҥи тутан бүтээхтээтим диэбиттии, уостан-кууран хаппыта. Сэмэн сэриигэ барыаҕыттан үйэ аҥаарыттан ордук кэм ааста. Ол тухары Даша…Дарья… Даайа эмээхсин хаста-хаста түһээн, Сэмэниниин сиэттиһэн, Индигир биэрэгинэн дьаарбайбыттара буоуой?
Сир үрдүгэр көмүс уҥуоххун хараттарбакка, туох да суола-ииһэ суох сүтэртэн ордук дьулаан, ама, баар буолуо дуо?! Сэмэни арай кини сэриигэ бараары олорон бүтэһик чэйин испит чубуку муоһуттан оҥоһуллубут сиэдэрэй ойуулаах иһитэ санатар. Олорбут балаҕанын, кэлин холкуос ыскылаатын киирэр аанын үрдүгэр ыйанан турара соторутааҕыга диэри көстөрө.
Уонна Улуу Кыайыы 60 сылынан нэһилиэк ыччата соҕотох саллаат Сэмэҥҥэ анаан оҥорбут бу дьоҕус пааматынньыга.
…Эмээхсин хамсатын уктан баран, пааматынньык аттыгар туран, ыраахтан иһиллэр Индигир эҥсэр долгуннарын бүтэҥи тыаһын иһиллээтэ. Онтон тайах маһыгар көмөлөһүннэрэн, дьиэтин диэки аа-дьуо сыҕарыйа тураахтаата. Барыта этэҥҥэ буоллаҕына, үс хонугунан эмиэ бу кэриэс сиригэр кэлээхтиэ.
Афанасий ГЕРМОГЕНОВ-ГАС, РФ суруналыыстарын, СӨ суруйааччыларын Сойуустарын чилиэнэ, Өймөкөөн улууһун Бочуоттаах гражданина, улуустааҕы Николай Заболоцкай-Чысхаан аатынан бириэмийэ лауреата.
Төрүт, Өймөкөөн.