Четверг , 21 Ноября 2024

Убайдыы-бырааттыы санаһан .

Урсун,
уһун сылга бииргэ сылдьыбыт, доҕордоспут убайа
Убайдыы-бырааттыы санаһан
(Харысхалы ахтыы)
Вася университекка мин кэннибиттэн икки сыл буолан баран 1969 сыллаахха
киирбитэ. Кини хам-түм «Сэргэлээх уоттарыгар» сылдьара. Ырытыыга кыттыбакка үксүн
саҥата суох олороро. Ол, арааһа, айар үлэтин саҕалаары буһа сылдьар кэмэ эбит
быһыылаах. Түмсүү салайааччытын (Е.П. Шестаков–Эрчимэн), чи­лиэннэрин тылларын-
өстөрүн тугу да сыыска түһэрбэккэ бэркэ кэрэхсээн истэн олороро, иһигэр ырытара
харахха быраҕыллара.
Оччолорго бэчээттэммит түмсүү прозаик­тарын «Хомус» хомуурунньугар кини
биир кэп­сээ­нинэн кыттыбыта. Псевдонима Б. Амгинскай диэн этэ. Оччолорго мин
түмсүү ыстаарыстата уонна кириитигэ, бука, улахан кууруспунан өҥнөн, кини кэпсээнин
кириитикэлээн турабын. Мин санаабар, уулусса дьэллик ытын уонна киһи дьылҕатын
кэккэлэһиннэрэ туппута сата­была суохха дылыта. Билигин өйдөөтөххө, ол литература
партийнаһын, оччотооҕу кытаанах ирдэбилин турууласпыт курдук санаммыппыт­тан
буолуохтаах. Вася кэлин ол кэпсээнин эбэн-сабан, эттээн-сииннээн, силигин ситэрэн,
«Ханнаҕыный даа, мин кэрэ музыкам?» диэн бэртээхэй сэһэн оҥорбута. Соторутааҕыга
диэри Вася хаадьылаан: «Мин бастакы кэпсээммин ыкка бырахпыт, сиэбит киһи бу Урсун
баар», – диэхтиирэ. Мин баһыылаах кириитикэбиттэн хомойоохтообут буоллаҕа…
Ол гынан баран Васялыын дьылҕабыт уу тэстибэт гына алтыһыннарбыта,
доҕордо­һуннарбыта. Бука, ол иһин буоллаҕа, аатырбыт пьесалара аан маҥнай түмүллэн
тахсыбыт дьоһун кинигэтин маннык анал суруктаабыт этэ: «Убайбар Урсуҥҥа! Уһун
сыллаах убайдыы-бырааттыы истиҥ сыһыаммыт бэлиэтигэр. Б. Ха­рысхал. 26.09.2017 с.».
Биһигини эдьиийдэрбит Дора Васильева, Татьяна Румянцева уонна Раиса
Аммосова түмпүт литературнай салоннара (70-с сыллар ортолоро, 80-с сыллар
саҕаланыылара) ордук чугаһап­пыта. Ол түмсүүгэ Далан, Лугинов, Ан­дрей Бо­рисов,
Харысхал, мин өрүү сылдьар­быт. Сороҕор Софрон Данилов, Багдарыын Сүлбэ, Ойуку,
Наталья Харлампьева кэлэн бараллара. Онно даҕаны Вася бэйэтэ туспа кө­рүүлээх,
этэрдээх, норуотун туһугар олоҕун аныыр баҕалаах, уоттаах-төлөннөөх, кырдьыгы
туруулаһар, ыраас санаалаах эдэр киһи этэ. Олус өрүкүйэн бардаҕына эдьиийдэрэ:
«Оҕобут олорон эрэ уотунан оонньоору ыксатан эрэҕин дуу?» – диэн омунун
уҕарыталлара. Билигин санаатахха, ити түмсүү барыбытын да, Даланы Далан, Лугинову
Лугинов, Өндүрэйи Өндөрөй, Харысхалы Харысхал, Урсуну Урсун оҥорбут эбит!
Биһиги саломмутугар аҥардас литература, саха култууратын туһунан эрэ кэпсэппэт
этибит – барыбытыгар да ырыа эмиэ обургу суолтаны ылара. Эдьиийдэрбит Татьяна
Румянцева уон­на Раиса Аммосова олус үчүгэй ырыаһыттар этэ. Татьяна ыраас
куоластааҕа, оттон Раиса кылыһахтаах ырыалары табыллан ыллыыра. Кини хомуска
иэйиилээхтик оонньуура, ардыгар Сайсары эмээхсин монологун үрдүк таһымнаахтык
ааҕара. Дора Егоровна уопсай ырыаларга ыллаһара, балачча куоластааҕа. Арай биирдэ
Москваҕа убайа сахалыы тылбаастаа­быт «Катюшатын» иккиэн ыллаан, нуучча
суру­йааччыларын улахан биһирэбиллэрин ылан турабыт. Ол эрээри Дора хоһоон ааҕарын
ордороро. Кини эдэр сылдьан хоһоон суруйар эбит. Ол суруйара – литератураны
дириҥэтэн үөрэтэр идэтин ылбытыгар кирилиэс буолбут быһыылааҕа.
Оттон Вася Амма нууччаларыттан үөрэммит, киһи билбэтин курдук сахатыйбыт
ырыатын үгүстүк толороро. Ол ырыа «Ахадыамысса, ахкырасаабысса» диэн тыллартан
саҕаланара. Толорон баран Вася сахалыыттан нууччалыы тылбаастыыр буолара. Онто
маннык эбит: ахадыамысса – ах, ты девица, ахкырасаабысса – ах, красавица, Баһылай
хамыйах – поцелуйка меня, күлэ-күлэ холомуох – гуляй-гуляй, голубок, сиирэ-хайа
уулуста – широкая улица, иэй, молооччук, быыс-бытырыыс – эй, молодчик, подбодрись

диэн үһү. Күллэрэн да биэрэрэ! Арай итини убайа Далан соччо сөбүлээбэтэ: «Вася, били
ырыаҕын ыллаайаххыный», – диэн арыт быраатын тохтоторо.
Далан муҥутуу үөрдэҕинэ сэриигэ бараары турар уол ырыатын (тылбаас
быһыылааҕа) биир-икки күппүлүөтү ыллыыра. Ойуку «Кыталык» диэн М. Тимофеев
тылыгар, Т. Стручков мело­диятыгар арияҕа майгынныыр ырыаны толорон чахчы үчүгэй
ырыаһыт буоларын биллэрэн, ба­рыбытын сэргэхситэн турар. Арай ырыаҕа Н. Лу­гинов
уонна А. Борисов сыстыбаттара.
Вася аҕам ырыата диэн ааттыыр «Ой, не вечер, не вечер» диэн нуучча норуодунай
ырыа­тын үрдүк иэйиилээхтик ыллыыр буолара. Дьэ бу ырыаҕа Вася ураты куоластааҕа,
ырыаны таптыыра чахчы-бааччы арыллан тахсара. Бу ырыатын нуучча доҕотторо олус
сөбүлүүр, тэҥҥэ ыллаһар буолаллара.
Пьесалара түмүллэн тахсыбыттара Харысхал айар үлэтигэр бэлиэ түгэн буолбута.
«Эргиллиэм хайаан да!» кинигэтигэр «Эргиллиэм хайаан да!», «Бастыҥ хатыыта»,
«Көмүөл», «Учуутал», «Тэпсиллибэт үтүө аат» курдук театрга ситиһиилээхтик турбут
пьесалара киирбиттэрэ. Ааптар бэйэтэ миигин эрэдээксийэлээн көмө­лөс диэн көрдөспүтэ.
Мин ону ылынан, пьеса­лары эрэдээксийэлээбитим. Кинигэҕэ эрэдээк­тэр быһыытынан
аатым киирбэккэ хаалбыт. Онон, ааҕааччылар, тылбын итэҕэйэргитигэр көрдөһөбүн…
Киирии тылы Наталья Харлампьева суруй­бута. Онно кини этэр: «…театрга турбут
спектакыллары режиссер эрэ өҥөтүн курдук санааччылар эмиэ бааллар. Айанын
далааһы­нын, үлэлэһэр тематын сорохтор билиҥҥи эрэ кэм ирдэбилигэр сөп түбэһэр
дэһэллэр. Дьиҥэ, оннук буолбатах». Салгыы түмүк сыанабыла: «Баһылай Харысхал саха
литературатын үтүө үгэстэрин салҕаан, суруйааччы убайдара ыйбыт ыллыктарын аныгы
кэм кыаҕынан кэҥэтэн, эрэллээхтик, тахсыылаахтык айаннаан, үйэлээҕи үмүрүтэн иһэр»,
– диир. Ити саамай сөптөөх сыанабыл.
Кырдьык, сорохтор Харысхал пьеса кинигэтэ суох, режиссер көмөтүнэн эрэ
дьоҥҥо-сэргэҕэ тиийэр диэн этэллэрэ. Дьэ бу кинигэ тахсыбы­тын кэннэ, ааптар тус
бэйэтэ суруйбутун уонна режиссер сыанаҕа туруоруутун ааҕааччы тэҥнээн көрөр
кыахтанар.
Эдьиийбит, наука доктора Дора Васильева барахсан «Олоҕу кырдьыктаахтык»
(Биллиилээх драматург В.Е. Васильев–Харысхал айар үлэтэ) диэн ыстатыйата ааҕааччыга
элбэҕи биэрэр, онно киирбит пьесалар суолталарын ааҕааччыга сөпкө арыйар.
Кинигэҕэ биир дойдулааҕа Олег Сидоров «Баһылай Харысхал. Төрөөбүт дойдуну
анаа­ран» ыстатыйата, «О творчестве драма­турга В.Е. Васильева–Харысхал» биллиилээх
дьон этиилэрэ кинигэ кэннигэр киллэриллибитэ сиэрдээх (драматург А. Салынскай,
кириитиктэр С. Есин, Б. Бедюров (Алтай), режиссер А. Бори­­сов, филология наукатын
доктора А. Петров (Санкт-Петербург), суруналыыс О. Солоухин уо.д.а. этии­­лэрэ). Ити
Харысхал сахаларга эрэ буол­бакка киэҥник сыаналанарын туоһулууллар.
Биир кэмҥэ саха норуодунай суруйааччыта Софрон Данилов Национальнай
библиотека саалатыгар тыл этэригэр Харысхал үүнэн-үрдээн иһэригэр, кэскилигэр
эрэмньитин эппитэ. Ол сөптөөҕүн олох көрдөрдө.
Биһиги салон диэн ааттыыр түмсүүбүтүттэн Далан, Лугинов, Харысхал, Наталья
Харлам­пьева, Ойуку курдук норуодунай суруйааччылар үүнэн таҕыстылар. Дора
Васильева наука доктора, Раиса Аммосова наука кандидата, мин П.А. Ойуунускай
аатынан судаарыстыбан­най бириэмийэ лауреата буоллубут. Оттон А.С. Борисов курдук
албан ааттаах режиссер биһиги кыһабытыттан тахсыбытынан бары киэн туттабыт.
Софрон Данилов түмсүүгэ анаан ыҥырыллыбатар даҕаны түмсүүлээх түгэннэрбитигэр
киирэн кэлэрэ.
Харысхал драмаҕа уонна прозаҕа тахсыы­лаахтык үлэлээтэ. Олоҕо эмискэ
быһыннар даҕаны, сүрүн кинигэтин – документальнай романын – «Ааспыт кэм
аартыктарынан» бэчээт­тэнэргэ бэлэмнээн, кэриэһин хаалларан барда. Ол кинигэтэ
соторутааҕыта күн сирин көрдө.

Баһылай айаҥҥа сылдьан суолу быһа ыл­лыы­рын, тыынын таһаарарын таптыыра.
Дуу­­һата үөрүнньэҥ, уйаҕас этэ. Саха урукку ырыа­­ларын ааҕа кэриэтэ билэрэ, арыт
нуучча ырыаларын бэркэ ыллыыра. Мин ырыа тылын билэрбин биһи­риирэ. Ити суолу
кылгатар уһун ырыалар туох төрүттээхтэрин доҕорбут Ойуку этэн турар: «Хас эмэ күн
устата олоҥхону сылайбакка толорор сындааһыннаах үгэстэрин аныгы көрүҥэ Урсун уһун
ырыалара быһыылаах». Кырдьыга, иккиэ буоллахпытына ырыа быдан тахсыылаах
буо­лара. Итинник айаннар, ырыалар кэннилэриттэн наҕылбытыгар түһэн, уоскуйан
хааларбыт.
Вася доҕотторугар олус бэриниилээх этэ. Ыарахан күннэрбэр кини кэлэн
аралдьыта, аһыыны-көтүүнү аһарарга кыһалла сатыыра. Атын да дьон алдьархайга
түбэстэхтэринэ ким хайа иннинэ Харысхал тиийэрэ. Мин кинини ити иһин олус
сыаналыырым. Кырдьыга да, доҕор чугаһа ордук итинник түгэннэргэ биллэр!
Казахстаҥҥа иккиэ сылдьыбыппыт. Сабит Муканов үбүлүөйэ этэ. Онно маҥнайгы
сы­рыыта да буоллар, сотору үлүгэр казахтыы өйдүү, саҥара сатыыра, билсэ, доҕордоһо
охсоро түргэн буолара. Мин бэһис сылдьыым этэ. Ол да буоллар түмүктүүрбүт саҕана,
бэйэм да өйдөөбөп­пү­нэн, кинини батыһа сылдьар буолбутум. Сүр­дээх сытыы, толлон
турбат үгэстээҕэ. Ол сырыыга кабинетыгар кыайан көрсүбэтэх, оччотооҕу Суруйааччылар
сойуустарын бэрэссэдээтэлэ Олжас Сулейменов массыынаҕа олорон истэҕинэ улаханнык:
«Олжас Омарович! Здравствуйте! Мы из Якутии», – диэтэ. Ону истэн Олжас Сулейменов
төттөрү тахсан, биһигини кытта илии тутуһан дорооболосто, кэпсэтэ түстэ.
Иккис түгэн. Киэһэ Сабит Муканов банкетыгар үҥкүү буолбутугар киһим сулбу
ойон туран Казахстан Үрдүкү сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ үтүө-мааны эдэрчи дьахтары
үҥкүүгэ ыҥырда, үҥкүү­лээтэ. Дьахтары ыҥырбыт миэстэтигэр илдьэн баран махтанна,
бокулуоннаата. Мин аттыбар олорбут казах суруйааччыта эттэ: «Ваш друг – очень смелый
человек!» – диэн бэркиһээбитин бил­лэрдэ. Ол саҕана кини Саха Өрөспүүбүлүкэ­тин
норуодунай депутата этэ, значогун кэтэ сыл­дьа­ра. Үрүҥ көстүүмнээҕэ, бэртээхэйдик
үҥкүү­лүүрэ.
Кини миигиттэн биэс сыл балыс да буоллар, Россия Суруйааччыларын сойууһун
чилиэнэ этэ. Мин оччолорго сойууһум суоҕа. Ону Вася: «Аҕа киһи, эн, делегация
салайааччыта буол, миэхэ тыл биэрдэхтэринэ мин этиэм, эн ыллаа», – диэтэ. Банкет
улахан, кини тыл этэн иһэн: «Убай­бар Саха сирин делегациятын салайааччытыгар, поэкка
тылым түмүгүн салайабын», – диэтэ. Онуоха мин ойон туран, кэпсэтии быһыытынан,
ырыа ыллаатым. Соччо ырыам тахсыбата буолан баран, казахтар хайҕаатылар: «Ай-да,
сахалар азаматтар!» – диэтилэр. Ол аата маладьыастар диэн тыл. Онон сылдьарбыт тухары
азамат аатырдыбыт. Үчүгэйэ сүрдээх!
Айаннаан бүтүүбүт саҕана мин оонньоон этэбин: «Бээрэ, Вася, эн миигин
батыһаҕын дуу, мин эйигин батыһабын дуу?!» Вася күлэр. Ол сылдьан киһим
Казахстаҥҥа тахсар немец хаһыатын холкутук ааҕар, өйдүүр, тылбаастыыр эбитин
билбитим.
Кини баһылаабыт идэтэ – асчыт. Биирдэ Бүлүү суолугар судургу даачалаахпар
сайын тиийэн кэллэ. Киһим ыйытар:
– Туох астааххыный?
– Ээ, куурусса баара буолуо да, буһа илик, – диэтим.
– Хобордоох баар дуо?
– Суох, – диибин.
– Миискэлээххин дуо? – киһим ыйытар.
– Баар.
– Ээ, оччоҕо цыпленок табака оҥоруохха, – диир.
– Ол эмиэ туохпутуй? Буһарыахха да, бүттэҕэ ол, – диибин.
Киһим миискэ ылла, арыы кутта, билииккэ холбоото, астыы хаалла.
Мин таһырдьа үлэлии түһэн баран киирбип­пэр киһим этэр:
– Чэ, аһыахха, – диир уонна саһарчы буспут табакатын таһаарар. Үчүгэй ас эбит.

Вася, хор, оннук асчыт киһи этэ.
Куорат таһыгар Таала диэн ууга кустуубут. Киһим ол саҕана депутат. Киэһэ биирдэ
кэлэр. УАЗ-ик массыынаны саҥа ыыта сылдьара.
Биир киэһэ хойутаата. Мин суолунан утары бардым. Киһибин ыраах көрүстүм.
Батыллан хаалбыт. Төннүбүт. Хастарбыт. Кө­лүөһэтэ тимирбит. Аны сүгэбит да,
дом­краппыт да суох. Ону-маны көрүөлээн эргэ баҕананы булан ыллыбыт. Көлүөһэттэн
көтөҕөн, анныгар мас уган таһаардыбыт. Отуубутугар хойут кэллибит. Мин ыйытабын:
– Туох сонун баарый?
– Соччо суох быһыылаах. Арай Болот Боотур ыалдьыбыт. Реанимацияҕа киирбит, –
диир.
Мин этэбин:
– Ээ, ол оҕонньор бөлүүн манна кэлэ сырыт­та ээ… Арай уотум таһыгар Болот
оҕонньор табахтыы олорор эбит. Тугу да саҥарбат. Бөп­пүрүөскэтэ бүппүтүгэр иккиһин
уматтар, бу­руотун үрэр, миигин көрөр. Уоһун хамсатар…
– Кырдьаҕаспыт, дьэ, хайдах буолар? Өрүттэр ини? – диир Вася уонна тута ас
астаабытынан, түбүгүрбүтүнэн барар. Бииргэ кустуурга, асчыта бэрт буолан, абыраабыта.
Бэл, аһылыгын рестораҥҥа курдук иһиккэ үчүгэй баҕайытык ууран биэрэрэ.
Былырыын миэхэ эттэ:
– Коля, үрүк-түрүк сылдьаҥҥын дневниккин талан бэчээттэнэргэ бэлэмнээн кэбис.
– Оо, бэйэм компьютерга үлэлээбэт буолан миэхэ ол кыаллыбата буолуо ээ… –
диибин.
Билигин биллэххэ, ити кини миэхэ кэриэһэ эбит. Мин уһун сылларга дневник
сурунарбын билэрэ. Миэнэ, кырдьык, үксээтэ, 20-чэ күннүк буолла. Онтон талан кинигэ
оҥоруохха сөп буоллаҕа. Компьютерга бэчээттиир киһини булуохха наада. Онно ол-бу
түгэннэр син элбэхтэр. Ордук Реастыын, Башаринныын, Суоруннуун алтыһыылар
ааҕааччыга сонун буолуохтара. Съезтэр, мунньахтар. Ким, туох диэбитэ. Күнүнэн сурунар
буолан кырааскалааһына, киэргэтиитэ, эбиитэ-сабыыта суох.
Вася биһикки адьас убай-быраат курдук санаһарбыт. Кини «Сэрии тыйыс тыына»,
«Тыал» диэн пьесаларыгар рецензия суруйбутум. Бу күннэргэ «Ааспыт кэм
аартыктарынан» кинигэтин ааҕан бүтэрдим. Үчүгэй кинигэ. Киһи элбэҕи билэр, үөрэнэр,
толкуйдуур айымньыта. Улахан үлэ, 368-с сирэйдээх. Хаартыска тэҥэ уруһуйдардаах.
Сороҕор хаартыска да баар.
Кини, массыыналаах буолан, биһигини элбэхтик тиэйбитэ. Нерюнгрига олорор
эрдэҕинэ биирдэ дьиэбэр кэллэ. Чурапчыга тиийэн балтыгар хонон баран, миэхэ кэлбит.
– Горнайга бара сылдьыах эрэ. Саша Тара­совка тиийэ сылдьыах, – диир. Мин да
уоппускам этэ.
– Чэ, барыах, – диэтим, Вася үөрдэ.
Куораттан тахсаат ыллыахха диэтэ уонна бэйэтэ таһаарда. Үгэспитинэн
«Массыына тыаһаабатыттан» саҕалаан, Баал Хабырыыһы бүтэрэн, Дьуон Дьаҥылыга
киирдибит.
Үрүҥ хаардаах сыһыылар
Үрүйэлэр, сис тыалар
Туллуктара – сылгылар –
Хаһан аһыы бардылар.
Билигин ким да ыллаабат кэриэтэ поэтын «Похуотун», «Кыыһырбаппын,
ааттаспаппын» кытары ыллаатыбыт. Онтон Сэмэн Данило­вы саҕалаатыбыт. Итинник
Горнайга айаннаан иһэн Сэмэн урукку ырыаларын ыллыыбыт. Вася мас­сыынатын ыытан
иһэр, мин олорсон иһэн ыл­лаһабын. Бу түгэҥҥэ Васялыын олус да тапсабыт.
Бэрдьигэстээххэ тиийдибит. Киһим Соло­ҕоҥҥо барыахтааҕын, аны Аһымаҕа
сылдьан ааһыах диэтэ. Онон ааһа турдубут. Үс көс сир. Онно тиийэн биир ыалга тугу эрэ
биэрдэ. Онтон төнүннүбүт. Бэрдьигэстээхтэн тахсыыга биир кыыс куоластыы турар.

– Ээ, киэһэрэн эрэр. Эрэйдээҕи ылан ааһыах­ха, бука, Маайга барар ини? – диэтэ
Вася. Тохтоото. Кыыс олордо. Мытаахха барар эбит.
Вася күлэр:
– Чэ, борогуонуҥ биир ырыа. Ол биһиэхэ сөп, – диэтэ. Кыыс ыллаабата эбитэ дуу,
саҥата суох олордо. Вася миэхэ этэр:
– Ыл, Коля, ырыаҕын саҕалаа, – диир.
Мин бу сырыыга тоҕо эрэ Савва Тарасов ырыатын саҕалаатым.
Чуумпу киэһэ. Чараҥ иһэ
Намылыйа наскыйда.
Тапталлааҕым, далбарчааным,
Тахсыах эрэ дьаарбайа.
Ити 60-с сыллардааҕы ырыа. Вася да билэр эбит. Сотору Мытаахха кэллибит.
– Ханна түһэҕин? – диэн Вася ыйытта. Кыыспыт өссө тэйиччи Эбэҕэ барар эбит.
Күн киэһэрдэ.
Вася кыыһы хаадьылыыр:
– Дьэ, ырыаҕын иһитиннэрбэтиҥ да, хайыах­пытый? Илдьэргэ тиийэбит, – диэн
Эбэҕэ туораатыбыт.
– Киэһэрдэ. Чэ, чэйдэтэр буоллаххына – ил­дьэбит, – диир Вася күлэ-үөрэ.
Суол төрдүгэр киирэн баран, сотору Эбэҕэ тиийдибит. Кыыспыт дьонугар тиийээт
дьэ тылланна-өстөннө. Бэрт түргэнник саҥа сүүр­дүллүбүт сүөгэйдээх, бэйэ буһарыы
килиэп­тээх чэй тэрийдэ, биһиэхэ махтанна. Биһиги Мытаахха төннөн, Солоҕонноотубут.
Саша Тарасов соһуйа көрүстэ. Хоннубут. Сарсыныгар киһибит Савва Иванович
төрөөбүт сиригэр бултуур эбит, онно бара сылдьыахха диэтэ. Нөҥүө күн Чычаас диэн
ааттаах суола суох кэриэтэ сиргэ айаннаатыбыт. Кэпсэтии бөҕө. Тарасовтар олохторун
(өтөхтөрүн) көр­дүбүт. Булпут суох. Солоҕоҥҥо тиийиигэ бэҕэһээ ардаабыт буолан
массыына сыыры кыайан дабайбата. Аны умуллан хаалла. Көрбүттэрэ, бензинэ бүппүт.
Саша дьиэтигэр баран, биэдэрэҕэ бензин аҕалан, кутан, дьэ массыынабыт собуоттанна.
Аһаан баран куораттаатыбыт. Сашабыт сайыһа хаалла. Нерюнгри киһитэ
(оччолорго суол мөлтөх) Чурапчыга ааһан, хонон баран, нөҥүө күнүгэр Горнай
Аһыматынан, Эбэнэн, Солоҕонунан, Чычааһынан эргийэн куоракка төннөн кэллибит.
Ол сылдьан Вася Сашаҕа этэр:
– Сойууска киириэҥ этэ… Горнайга чилиэм­мит суох буолла, – диэтэ. Дьиҥ
айаммыт ис хоһооно ити эбит.
Александр Тарасов хойутаатар да, Сойууска киирбитэ.
Харысхал тыаҕа олорор, айар эйгэттэн тэйэ быһыытыйбыт доҕорун итинник тардан
ыл­быта.
Кэлин сылларга Харысхал элбэх эдэр дьон айар суолга үктэнэллэригэр,
бэйэлэригэр эрэ­нэллэ­ригэр, үүнэллэригэр-сайдалларыгар көмөлөстө.
Итинник урут Нам диэки Покровскайга, Төхтүргэ (Идэлгилээххэ) айанныырбыт.
Ордук элбэхтик араас тэрээһин кэнниттэн Туматы (куорат таһыгар олорор) дьиэтигэр
илдьэрэ.
Былырыын сайын Макаровтыын эйиэхэ айаннаан иһэбит диэн төлөпүөннээтэ.
Сотору кэллилэр. Николай Афанасьевич видеоҕа устан, инстаграмҥа сэттэлии
мүнүүтэлээх биэрии уста кэлбит. Бэйэм темабын – сакаларбын – кэпсээтим. Ону уһун,
икки биэрии оҥоруом диэтэ. Балаҕан иһигэр уһулла. Оннук хаста да кэлэ сырыттылар.
Кымыс кэһиилээхтэр. Вася иһирдьэ киирбэккэ таһырдьа уокка буһаран, шашлык оҥорон
киллэрдэ. Ол кэлэ сылдьан мин күүлэбиттэн Сиэн Өкөрү көрөн, киниэхэ сылдьан
аастылар. Кэлин билбитим, Сэмэҥҥэ: «Убайыҥ Урсун килиэбэ да суох олорор.
Массыыналаах, кэлэр-барар киһи тоҕо аҕалан биэрбэккин?» – диэн мөхпүт. Сэмэн кэлин
төлөпүөннээбитэ, Вася эппитин тиэрдибитэ. Тылын тамаҕыттан иһиттэххэ, миигин
ыарытыннарбыт ааты­рымаары сылдьыбат, телефоннуур эрэ эбит. Тоҕо эрэ килиэп
аҕалбатаҕа…

Макаров ол устууларын миэхэ флешкэ­нэн биэрбитэ.
Вася өлүүтэ уонна көмүллүүтэ миэхэ улахан охсуунан буолбута. Олус аһыйбытым.
Саха театрыттан быраһаайдаһыыга суруйааччылартан Наталья Ивановнаҕа тыл
биэрбиттэрэ, Тумат эппитэ. Ыытааччы Толя Николаев эмискэ тыл биэрэн соһуппута.
Иккитэ-хаста: «Урсун баар дуо?» – диэн ыйыппыта. Дьон: «Баар! Баар!» – диэбиттэрэ.
Васяны дойдутугар таһаарар буоланнар барсар кыах суоҕа. Мин төһө да хомолтолооҕун
иһин, Вася бу Орто дойдуга оҥоруохтааҕын оҥорон барда: романын бүтэрдэ, киинэтин
уһулла, «Тыгын Дархаҥҥа» диалогтары суруйан, улаханнык көмөлөстө диэтим. Дьон
бары улаханнык аһыйбыт этэ.
Кэлиҥҥи кинигэтин ааҕан баран Харысхал чахчы да улахан дьыаланы оҥорон,
бэйэтин аатын курдук, норуотун аатын үрдэтэн, харыстаан бараахтаабыт диэн санаатым,
аһыйдым. Николай Лугинов, наар: «Васяны улаханнык суохтаатым!» – диэн ытамньыйа
быһыытыйан этэрин хаста да иһиттим. Итиитигэр соччо билбэтэхпит иһин, ыраатан
бардаҕын аайы норуот аһыйар, суохтуур киһитэ эбитин ордук өйдөөн иһиэхпит.
Кырдьыга, харыстаммакка да итинник эмискэ оҕунна дии…
Быраатым, Баһылай Харысхал, быдан уххан бырастыы! Бу олоххо чугас доҕордуу
этибит, ол дойдуга дууһаларбыт убайдыы-бырааттыы санаһыахтара дуо?!

АНДРОСОВ Г.Г.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *