Айыы Тойон — Саханы Саха дэппит күүс
«Өбүгэлэрбитин Православиеҕа күүһүнэн киллэрбиттэрэ диэн — татым санаа, онно улахан төрүөт даҕаны, чахчы (факт) даҕаны суох…”
Автор: А.В.Мигалкин
Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо
Нуучча уонна саха итэҕэллэрэ алтыhыыларын туhунан элбэхтэ сурулуннаҕа, этилиннэҕэ да. Санаалар араастар эрээри, чахчыта — биир: норуоттар сомоҕолоhууларыгар күн бүгүн бу икки итэҕэл эйэ-дэмнээхтик сайдаллара — олукпут. Онон саха уонна нуучча итэҕэллэрин туhунан ураты, сонун санаалаах дьон интэриэhиргэтэр. Оннук дьонтон биирдэстэрэ А.В.Мигалкин. Истиэҕиҥ:
Сахалар итэҕэл, таҥара туһунан өйдөбүллэрэ киэҥ уонна баай соҕус силистээх-мутуктаах, ону ааһан түҥ былыргыны хабар диэн санаалаахпын.
Маҥнайгынан, олоҥхоҕо, номохторго, норуот ырыаларыгар, алгыстарга Орто Дойду олоҕун түстээччинэн, маны таһынан халлааны, халлаан куйаарын, аан дойдуну, көстөрү уонна көстүбэти, быһата, баары барытын айааччынан Айыы (Аар) Тойон ааттанар.
Айыы Тойон аата: ай, айар, айбыт, айааччы,… диэн тыллары кытары дьүөрэлэһэр диэтэхпитинэ сыыспаппыт. Ол эбэтэр, өбүгэлэрбит барахсаттар түҥ былыргы киһи-аймах үөскээһинин кэминээҕи, бэйэтин бэйэ билиниитин саҕанааҕы («ветхозаветные времена») сүрүн үөрэҕи, билиини: хамныыры уонна хамнаабаты, тыынары уонна тыымматы, киһи илэ өйүнэн өйдүүрүн уонна өйдүүр кыаҕа да суоҕун Айыы Тойон (Творец Почитаемый) эрэ айбыта уонна олохтообута диэн толкуйу, санааны илдьэ (кэлбиттэр) сылдьыбыттар.
Дэлэҕэ, Айыы Тойон баары барытын айбытын билинэр буоланнар, «ай» диэн тылтан таһаараннар (үөскэтэннэр): ай+ыы киһитэ, ай+ыы ай+маҕа, ай+ыы дьоно, ай+мах…; ай+ылҕа, ай+ымньы, ай+ылгы…; ай+даан, ай+малҕан, ай+хал,… уонна даҕаны үгүс дириҥ ис хоһоонноох өйдөбүллэри үөскэтиэхтэрэ дуо…
Иккиһинэн, саханы үөрэппит уонна сахалар тустарынан суруйбут үөрэхтээхтэр бары кэриэтэ, биһиги өбүгэлэрбит Айыы (Аар) Тойоҥҥо үҥэллэрин-сүктэллэрин бэлиэтээбиттэр. Ити, биһиги омукпут биир итэҕэллээҕин, ол эбэтэр, түмсүүлээҕин эппиттэр. Куска-хааска, эһэҕэ-бөрөҕө, кыылга-сүөлгэ, окко-маска,… ытыктабыл сахаларга куруутун баарын үрдүнэн, Саха омугун биир өй-санаа, биир күүс түмэрин ыйбыттар.
Холобура, геология профессора М.М.Геденштром XIX үйэ саҥатыгар бэлиэтээбитинэн: «…Справляли новоселье – воздавали хвалу Аи-Тоену и
просили у него благополучие; при рождении ребенка тоже воздавали – хвалу Аи Тоену».
XVII-XVIII үйэлэр кирбиилэригэр Э.И.Идес суруйар: якуты «верят, что наверху, на небе, есть кто-то, великий, давший им жизнь и дарующий им пищу, жен и детей».
Я.И.Линденау 1741-1745 сылларга хомуйбут матырыйаалларыгар сахалар Аар Тойоҥҥо, үс саханы үөдүппүт Үрүҥ Аи Тойоҥҥо,… ыһыах кэмигэр ааттаһаллара уонна «Айыыҥ-таҥараҥ абыраатын» дииллэрэ суруллубут.
1664 сыллаахха түөрт ый Москва куоракка олорбут Н.К.Витзен (кэлин Амстердам куорат бургомистра) 1692 сыллаахха тахсыбыт кинигэтигэр «Отче наш» мэлииппэни сахалыы тылынан суруйбута баар: «Айыыбыт биһиэнэ Мэҥэ (вечное) Таҥара (небо) үрдүгэр килбэйэр, Аатыҥ эйиэнэ кэлиэҕэ, Аатыҥ эйиэнэ буолуоҕа, көҥүлүҥ эйиэнэ эмиэ Таҥараҕа (на небе) уонна сиргэ».
Айыыбыт, Айыы тойоммут биһиэнэ ханна баарый? – Таҥараҕа, ол эбэтэр Халлааҥҥа. Кини Үрдүк аатын Саха илдьэ сылдьар уонна билинэр, ылынар. “Таҥара” тыл туһунан кылгастык эттэххэ, бу биир киһи-аймах түҥ былыргы тыла буолуон сөптүҥү, саха тылын сокуонунан (В.В.Мигалкин формулатынан) суоттаатахха кини ТА-ТАҤ (чудо, утренняя заря, восклицание удивления,…) диэн тылтан төрүттээх буолуон сөп. XIX үйэ ортотугар диэри өбүгэлэрбит бу тылы икки сүрүн өйдөбүлгэ туттубуттар: 1. Небо – халлаан (аах А.Я.Уваровскайы, О.Н.Бетлингк тылдьытын,… Н.С.Гороховы, И.Д.Новгородовы,…). 2. Бог; святой, священный.
И.Д.Новгородов бэлиэтээбитинэн сыыйа-баайа, Таҥара – тыл, маҥнайгы халлаан диэн өйдөбүлүн үтэйэн, архаизмҥа кубулутан, «впоследствии стало понятием христианского Бога».
Онтон сиэттэрдэхпитинэ, Таҥара дьиэтэ – Небесный дом; Дом неба; Дом Бога,… диэн өйдөбүлү илдьэ сылдьар диэн санаалаахпыт уонна өбүгэлэрбит барахсаттар олус муударайдык, дириҥник толкуйдаан храм, церковь диэн тыллары тылбаастаабыттар диигин. Уонна, сахалар, дириҥ историялаахпытын, улахан төрүт-уус омук буоларбытын бэлиэтээбиттэр.
Атын даҕаны тылларбыт, холобура: Үрүҥ – белый, светлый эрэ буолбакка, тыһыынча сыл кэриҥэ анараа өттүгэр: чистый, благородный; Аар чистый, истинный, неложный, праведный, священный, святой – өйдөбүллэри илдьэ сылдьыбыттарын аахсыбат буолуохха сатаммат.
Илгэ – божий дар, алгыс – молитва к Богу, Аал уот – божественный огонь, Аал Луук (дууп) мас – божественное дерево – тылларбытыгар, Ал-Эл-Ил-Бог диэн түҥ былыргы Таҥара аата сылдьыан сөптүҥү. Киһи соһуйуохтуҥу…
«Эллэй, Эллэйада» тыллар быһаарыыларын библейскай энциклопедияҕа баар ханыылыы тыллары кытта ис хоһооннорун кытары тэҥнээн көрдөххүнэ, Гаврил Васильевич Ксенофонтов улахан үлэтин «Эллэйада» диэн тоҕо ааттаабытын уонна мээнэҕэ буолбатаҕын толкуйдуугун… Гаврил Васильевич улахан өйүгэр сүгүрүйэҕин, киэн туттаҕын, сөҕөҕүн.. уонна «көхсүттэн тэһииннээх» айыы аймаҕа омук буоларбытын итэҕэйэҕин…
Бука уһун дьылларга ойдом олороммут (сүнньүнэн) быһыылаах, саха тыла түҥ былыргы тыллары өйдүү уонна илдьэ сылдьара элбэх буолуон сөп. Академик С.Е.Малов: якутский язык можно «зачислить в группу древнейших тюркских языков» этиитин холобурдуохха сөп. Ону таһынан С.Е.Малов саха тылын «новейшие тюркские языки» киллэрбитэ эмиэ улахан оруннаах. Тоҕо?
1. Эрдэ соҕус атын норуоттартан тэйэн, ойдом олорон, түҥ былыргы тыллары илдьэ сылдьарбыт өйдөнөр.
2. Ойдом олорон, өбүгэлэрбит барахсаттар, былыргы түүр омуктарыгар үөскээбит тылы табатык уонна толорутук туһаныыга туһуламмыт
(көдьүүстээхтик) кэриҥи (формуланы) муҥутуурдук сайыннарбыт көрүҥнээхтэр, ол эбэтэр тылы сыһыарыылар көмөлөрүнэн өйдөбүллэрин кэҥэтии, сайыннарыы. Бу теманан анаан дьарыктаммыт В.В.Мигалкин үлэтин ниэмэстэр бэйэлэрэ көрдөһөн ыланнар, Германияҕа таһаарбыттара, онно этиллэринэн: 15442 саха сүрүн тылларыттан 50000000 тылы таһаарыахха сөбө дакаастанар.
Эттэххэ дөбөҥ, 50 мөлүйүөн тыл… Бу саха өйүн мындырын, ис кыаҕын көрдөрөр быһыы диэн сыаналыахха сөп.
Саха тылын формулатыгар сөп түбэһиннэрэн «ай» уонна киниттэн түҥ былыргы «-ыы» аффикс көмөтүнэн үөскээбит «айыы» тыллартан төрүттээх сүүһүнэн, тыһыынчанан тыллары биһиги билигин тутта сылдьабыт.
«Айыы» диэн тылы Г.В.Попов быһаарыытыгар: «1. творение, создание,..; 2. Доброе начало,..; 3. общее название высших существ; бог, божество, творец, создатель. (возводится к якут. корню ай “творить, создавать”)” – баар өйдөбүллэргэ сыһыаран туттабыт.
Ол эбэтэр Үрүҥ Айыы Тойон:
– Үрүҥ белый, светлый; чистый, благородный;
– Айыы Бог, Творец, Создатель;
– Тойон (то почитать, той воспевать, восхвалять величать) Восхваляемый, Почитаемый – өйдөбүллэргэ сөп түбэһиннэрэн түҥ былыргы өбүгэлэрбит биһиэхэ утары ууммут буолуохтарын сөп, Үрүҥ Айыы Тойон ааты!
Манна мөккүөрдээх буолуон сөп эрээри, Ай, Айыы тылларга биири эбиэххэ сөптүҥү. Былыргы түүр тылдьытыгар: «Ай» 1. Говорить, рассказывать; разъяснять, толковать; 2. Называть; 3. Указывать, распоряжаться, руководить диэн быһаарыылаах. Академик М.Н.Боголюбов «ай» тыл «общеарийский, индоиранский» диир (түҥ былыргы тылларга
киллэрэр) уонна «говорить, учиться» диэн быһаарар (бу «ай» тылга анал ыстатыйалаах).
Саха тылын дириҥник үөрэппит билиҥҥи кэм үөрэхтээҕэ Г.В.Попов, А.Г.Нелунов үлэлэриттэн «ай говорить» өйдөбүлгэ ситимнээн балай да элбэх тыллары булуохха сөп.
Православие (христианство) биир сүрүн кэриҥинэн, туругунан буолар: Благой помысел – Благое слово – Благое дело.
Ол эбэтэр:
– Благой помысел үтүө санаа, сырдык, ыраас санаа;
– Благое слово молитва, алгыс, тыл иччилээх, тыл тиийэр диэн өйдөбүл. Түҥ былыргы «ай говорить» диэнтэн үөскээбит буолуон сөп.
– Благое дело «Ай творить, создавать» диэнтэн сиэттэрэн – Айыы.
Аан дойдуга «мировые религии» дэнэр итэҕэллэр тус биирдии киһиттэн ситимнээн, тус биирдии киһиэхэ туһаайыылаахтар, киниэхэ ананар буоллахтарына, «айыы киһитэ благословенный человек» диэн толкуйга өбүгэлэрбит барахсаттар бу санааны иҥэрбит буолуохтарын сөптүҥү. Үөһээ этиллибиккэ олоҕурдахпытына, «ай говорить» өйдөбүлтэн, «ай творить, создавать» өйдөбүл үөскээбит буолуохтуҥу. Уонна, христианство биир сүрүн өйдөбүлүн: «Слово – Творец» формуланы өбүгэлэрбит билиэхтэрин сөп эбит диэн санааҕа кэлэҕин.
«В начале было Слово, и Слово было у Бога, и Слово было Бог.
Оно было в начале у Бога.
Все чрез Него начало быть,
и без Него ничто не начало быть, что начало быть.
В Нем была жизнь, и жизнь была свет человеков.
И свет во тьме светит, и тьма не объяла его.»
Сахалыы:
Маҥнай Ай баара,
Ай Айыыга баара,
Ай Айыы этэ. Кини маҥнайгыттан Айыыга этэ. Туох барыта киниттэн (Айыыттан) саҕаламмыта, Кинитэ (Айыыта) суох туох да саҕаламматаҕа. Кини (Айыы) олох төрдө этэ, онтон олох киһи аймах сырдыга этэ. Сырдык хараҥаҕа да сырдатар, хараҥа сырдыгы кыайар кыаҕа суох».
Манна даҕатан эттэххэ, Платон Алексеевич Ойуунускай мээнэҕэ еврейдэр “Яхве” диэн таҥараларын аатын сахалар таҥараларыгар ханыылыы көрбөтөх кэриҥнээх…
Онон түмүктээн эттэххэ, Айыы Тойон саха омугун түмэр аналлаах кэми холбуур өйдөбүл, көлүөнэни ситимниир ситим, Саханы Саха дэппит күүс.
Өбүгэлэрбитин Православиеҕа күүһүнэн киллэрбиттэрэ диэн татым санаа, онно улахан төрүөт даҕаны, чахчы (факт) даҕаны суох курдук. Саха өйүнэн-санаатынан ылымматаҕына, өһөстөҕүнэ «суоҕу-баар» диэбэт омук дии саныыбын.
Улахан, күүстээх санаалаах омук түмсүүлээх буолар. Сүүһүнэн сыллар тухары Айыы Тойону, Айбыты итэҕэйэн кэлбит, айхаллаабыт дьон, норуот Православиены – кырдьыгы Айхаллыыр итэҕэли өй-санаа өттүнэн, сүрэҕинэн (сө-сү – любить; сүр – энергия любви; сүр+(э)х сердце – сүрэхтэнии, биитэр обретение любви,…) ылыммыт, чугаһаппыт буолуохтуҥу… Православнай итэҕэл сахаларга 1812, 1819, 1821 сылларга сахалыы тылынан Православнай итэҕэл бэлиэлэрэ (символлара) диэн кинигэлэр тахсыахтарыттан, аҕабыыттар норуот төрөөбүт тылынан быһаарыылара, кэпсээһиннэрэ саҕаланыахтарыттан чугастык, киэҥник киирбит буолуон сөп. 1824 сыллаахха суруллубут докумуону көрүөххэ:
“Жертвоприношение богу под разными именами всеми вообще Якутами в том числе и крещенными производятся в следующем порядке:
1. При начале весны и первого доения Кобыл по скоплении из молока оных Кымыса. Оный наливается в трех ручных больших посудах, в виде бокалов из дерева делаемых, держатся верх выше Головы человека. Потом изливается на огонь, с произношением славословия, что называется Алгыс, относя сие приношением жертвы богу под названием (Юрюнь аи:) то есть Господь создатель мира святых; (Юрюнь ар:) то есть сынъ божий, разумея подсим наименованием святую троицу; (Кюнь Кюбяй хотун:) то есть божия матерь; (Эехсить:) то есть благодать. Применение таковое зделано из восприятии Якутами веры Христианской. Обряд сей делается у всех вообще Якутов с восхищением Сердечной радости и возвышением ума и чувств к богу в знак благодарности За все благодеяния, ниспослаемые им к роду Человеческому и в умилоствление к Оному. После сего собравшийся народ пьет Кымыс, что называется ыссехом.
2. Кто не исполняет Сих Обрядов, тому сие в предосуждение не ставится, но пренебригающий Оными и делающей насмешку считается между Своими собратиями без Честным.
Печати депутатовъ Якутской Области и округи:
Борогонского Улуса Головы
И Князьца Ивана Мигалкина,
Кою Ево веление описаль
Ясашной Князьцовский Сынъ
Федорь Сивцевъ
Кангаласского Улуса бывшаго
Сельскаго заседателя и головы, а ныне
Существующего Князьца Саввы Кирилина,
Кою Его веление описаль родникъ
Ево Ясашной Николай Никитинъ
Улуса бывший голова, и…
Мальджагарской волости
Князец Николай Рыкунов”.
Түмүкпэр ытыктыктыыр, таптыыр, ахтар киһим Дмитрий Кононович Сивцев-Суорун Омоллоон биһиэхэ барыбытыгар анаан улуу киһибит Алексей Елисеевич Кулаковскай айымньытыттан тылбааһын алгыс тылын ааҕыаххытын баҕарабын:
“В этом сердечном своем обращении я хотел бы присоединиться к искренним словам нашего великого старшего брата А.Е.Кулаковского, которыми он молит Бога в поэме «Наступление лета»:
«Отец наш, Священный господь, образовавший белое солнце, сотворивший вселенную и основавший срединную страну!.. И впредь не отдавай Свои будущие поколения диаволу. Не давай им воспринимать от него греховные мысли, не попускай им иметь сердце праздное, чему учит их невидимый, и не дай им свернуть на путь коварства, куда их заманивает лукавый. От скверны и зла их сохрани, от греха-вины отвади, беды-несчастья к ним не приводи. И не лишай их Своего сокровенного богатства, своей щедрой благодати и блаженства, которое ты даешь. Сохрани детей наших от гибели, не попускай потомкам нашим оскудения, не дай поколениям нашим быть обреченными!»
Богу да будет благодарение, Богу да будет слава!
С приветствием и благословением
Димитрий Сивцев – Суорун Омоллоон,
г.Москва, санаторий Барвиха.
9 мая, 2005 г.
фото: Дети в новом здании церкви села Булгунняхтаах Хангаласского улуса
Источник: yakutian.ru