Пятница , 22 Ноября 2024

Төрөөбүт дойдутун туһугар

к-5-6-15

Ньурба Үөдэйиттэн 81 киһи Аҕа дойду Улуу сэриитигэр ыҥырыллыбыта. Кинилэртэн 41 киһи дойдутугар төннүбэтэҕэ. Сэрии толоонугар сорох сураҕа суох сүппүтэ, сорох буойун көмүс уҥуоҕа дойду араас муннугар хараллыбыта.

Кыргыһыы хонуутугар охтубут буойуттар ортолоругар мин хос эһэм Иван Прокопьевич Тимофеев эмиэ баар.

Иван Прокопьевич Тимофеев Ньурба улууһун Үөдэй нэһилиэгэр төрөөбүтэ. 1941 сыл балаҕан ыйын 1 күнүгэр кэргэнэ Варвара Гаврильевнаны, кыыһа Ульянаны, уола Гаврилы хаалларан, уоттаах сэриигэ ыҥырыллан барбыта. Кини 75-с гвардейскай-стрелковай полкаҕа, 26-с стрелковай дивизияҕа сэриилэспитэ. Смоленскай уобалас Износковскай оройуон Пинашино дэриэбинэтигэр 1942 сыл муус устар 27 күнүгэр өлбүт, бырааттыы көмүүгэ хараллыбыт. Ити курдук, кини Ийэ дойдутун көмүскэлигэр сырдык тыынын толук уурбут.

Эһэбит сэриилэспит 26-с стрелковай дивизия 75-с гвардейскай стрелковай полкатын бойобуой историятын үөрэтэн көрдөххө, 1941 сыл алтынньы 22 күнүттэн Москва уобалаһын Подольскай куоратыгар тохтообуттар. Дивизия 1941 сыл алтынньы 25 күнүттэн 1942 сыл муус устар 8 күнүгэр диэри Москва чугаһыгар, Боровск куораты, онтон Московскай уонна Смоленскай уобаластар Балабаново, Износки, Рыжково станцияларын босхолообута.

Онон биһиги эһэбит Москваны көмүскээһиҥҥэ, Смоленскай уобалаһы босхолооһуҥҥа уоттаах сэрии ортотугар сылдьан, сэрии толоонугар охтубут эбит

Өлбүтүн туһунан биллэрии суруга Ньурба оройуонун военкоматын архыыбыгар сытар. Ол сурукка Пинашино дэриэбинэҕэ көмүллүбүт дэммит. Износковскай оройуон 1944 сылтан Калуга уобалаһыгар киирсэр. 1950-с сылларга Пинашиноҕа уонна да атын аттынааҕы дэриэбинэлэргэ көмүллүбүт саллааттар уҥуохтарын Ивановское дэриэбинэҕэ көһөрөн көмпүттэр. 1956 сыллаахха пааматынньык туруоруллубут. Бырааттыы ииҥҥэ 3455 буойун көмүллэ сытар. Бу пааматынньык билиитэтигэр элбэх буойун аата суруллубут. Өссө даҕаны тыһыынчанан саллааттар, кимнээхтэрэ биллибэт буолан, ааттара билиитэҕэ суруллубатах. Ол иһигэр мин хос эһэм Иван Прокопьевич аата эмиэ киирбэтэх. Биричиинэтэ – ханнык сиртэн төрүттээҕэ биллибэтэҕэр эбит. Бу чахчыны М.П. Николаева «Сирдээҕи олох чэчириирин туһугар» диэн кинигэтиттэн биллибит.

Иван Прокопьевич соҕотох уола Гаврил Иванович Уус Алдан улууһугар олохсуйан, ыал буолан олорбута. Кини Орто Халымаҕа, Ньурбаҕа, Уус Алдаҥҥа өр сылларга үөрэҕирии эйгэтигэр ситиһиилээхтик үлэлээбитэ. Эһэм Гаврил Иванович дьоһун олоҕу олорон ааспыта, Россия үөрэҕириитин туйгуна, Өлтөх нэһилиэгин Бочуоттаах гражданина этэ. Кини 1981 сыллаахха аҕатын туһунан ирдэһэн, Калуга уобалаһыгар суруйбут. Онуоха Туровскай сельсовет бэрэссэдээтэлэ А.П. Булатова уонна Угрюмовскай оскуола ирдэһээччилэрэ аҕатын хаартыскатын көрдөөбүттэр. Ивановское дэриэбинэҕэ хайдах тиийэри ыйан туран, көрсөргө бэлэмнэрин туһунан суруйбуттар. Бу суруктары биһиги дьиэ кэргэн ууруна сылдьабыт. Ол эрээри эһэм аҕатын хаартыската суох буолан ыыппатаҕа уонна харалла сытар сиригэр сатаан бара сылдьыбатаҕа.

Ньургун ТИМОФЕЕВ, VIII кылаас, Мүрү гимназията. Уус Алдан

Редакцияттан быһаарыы: Ньургун суругун ааҕаат, Интэриниэти көрдүбүт. Онно кини хос эһэтин туһунан 1942 сыл от ыйын 2 күнүнээҕи докумуон көһүннэ. Онно маннык суруллубут.

ТУНАПЕЕВ (ТИМОФЕЕВ) Ульбан (Иван) Прокопьевич (1913- .02.1942)
Төрөөбүт сирэ: Саха АССР, Ньурба оройуона, Үөдэй. Кэргэнэ Тимофеева Варвара Гаврильевна. Кэбээйи оройуонуттан сэриигэ ыҥырыллыбыт.
Сулууспалаабыт чааһа: 26 гв. сд 75 гв сп.
Көмүллүбүт сирэ: Смоленскай уоб-с, Износковскай ор-н, Пинашино д.
Информация баар миэстэтэ: Көмүскэнии министиэристибэтин Киин архыыба (ЦАМО), ф. 58, оп. 818883, д. 858.
Интэриниэт саайта: 26-я гвардейская стрелковая дивизия. 51564158 (02.07.1942, 26), л. 24 № 194.

АЛЕКСЕЕВ Андрей Максимович (1911- .02.1942)
Төрөөбүт сирэ: Саха АССР, Үөһээ Бүлүү оройуона, Үөдүгэй.
Сулууспалаабыт чааһа: 26 гв. сд 75 гв сп.
Көмүллүбүт сирэ: Смоленскай уоб-с, Износковскай ор-н, Пинашино д.
Информация баар миэстэтэ: Көмүскэнии министиэристибэтин Киин архыыба (ЦАМО), ф. 58, оп. 818883, д. 858.
Интэриниэт саайта: 26-я гвардейская стрелковая дивизия. 51564158 (02.07.1942, 26), л. 8 № 30.

ФЕДОРОВ Михаил Федорович (1906- .02.1942)
Төрөөбүт сирэ: Саха АССР, Өлүөхүмэ оройуона, Абаҕа с.
Сулууспалаабыт чааһа: 26 гв. сд 75 гв сп.
Көмүллүбүт сирэ: Смоленскай уоб-с, Износковскай ор-н, Пинашино д.
Информация баар миэстэтэ: Көмүскэнии министиэристибэтин Киин архыыба (ЦАМО), ф. 58, оп. 818883, д. 858.
Интэриниэт саайта: 26-я гвардейская стрелковая дивизия. 51564158 (02.07.1942, 26), л. 10 № 56.

Балаһаны Анатолий ПАВЛОВ-Дабыл бэлэмнээтэ.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *