Четверг , 21 Ноября 2024

Аҕата иҥэрбит таптал аата

к-8-5-4-13-ilovepdf-compressed

 

ССРС үлэтин бэтэрээнэ, Россия метеорологическай сулууспатын бочуоттаах үлэһитэ Прасковья Дмитриевна Крыжановская 1937 сыллаахха Хаҥалас улууһун III Малдьаҕар нэһилиэгэр Екатерина Васильевна, Дмитрий Кирикович Егоровтар дьиэ кэргэннэригэр төрөөбүтэ. Ол кэмҥэ лүөччүктэр Валерий Павлович Чкалов, Георгий Филиппович Байдуков уонна Александр Васильевич Беляков ааттара аан дойду үрдүнэн дорҕоонноохтук иһиллэрэ.

Прасковья Дмитриевна кэлин сөмөлүөт көтүүтүн кытта ыкса сибээстээх үлэлэнэн баран, бу үс лүөччүк устуоруйаҕа киирэр көтүүлэрин дириҥник үөрэппитэ. Кинилэр 1936 сыл от ыйын 20-22 күннэригэр АНТ-25 сөмөлүөтүнэн Москваттан Хотугу Муустаах акыйааны уҥуордаан, Камчаткатааҕы Петропавловскайынан Удд арыыга диэри тохтобула суох көппүттэр. Итиннэ 9374 биэрэстэ сири 56 чаас 20 мүнүүтэ көтөн, аан дойду рекордун олохтообуттар.

Онтон Прасковья күнү көрбүт 1937 сыл бэс ыйын 18-20 күннэригэр эмиэ АНТ25 сөмөлүөтүнэн Москваттан Хотугу Полюһу уҥуордаан, АХШ Вашингтон штатын Ванкувер куоратыгар диэри 8504 биэрэстэ сири эмиэ тохтобула суох көтөн тиийбиттэр.

Таптал аат

Аҕата кыыһын көтөҕөн олорон, имэрийэ-имэрийэ: «Байду-Бойду» диэн ыллыыра үһү. Ис хоһооно үчүгэйдик биллибэт. Баҕар, нууччалар биһик ырыаларын «Баю-баю» диэннэригэр майгыннаппыта буолуо.

Ону ийэтэ Екатерина Васильевна маннык быһаарбыт: «Байду-Бойду» диэн таптаан ыллыыра лүөччүк Байдуков араспаанньатыгар сыһыаннаах. Оччотооҕу сэдэх хаһыаттар сирэйдэрэ барыта бу үс лүөччүк буолара, хара өҥнөөх төгүрүк араадьыйа кинилэр көтүүлэрин, хорсун быһыыларын, Герой буолбуттарын тохтоло суох кэпсиирэ. Дмитрий Кирикович, ону истэ-истэ: «Оҕом Байду-Бойду, Байдуков курдук, эмиэ дьараппалаанынан көтүө, халлаан үөрэхтээҕэ буолуо», – дии-дии кыыһын сыллыыра, ачаалатара, таптыыра үһү…

Онтон кырыыстаах сэрии саҕаланан, Егоров Дмитрий Кирикович сэриигэ барар (1кы хаартыска). Кыысчаан оччолорго 5-6 саастаах. Аҕата уоттаах сэриигэ барарын билии, өйдөөһүн суох. Арай: «Кэһиигин аҕалаар», – диэн үлэһэ хаалбыт.

Бүтэһик биллэрии

Прасковья Дмитриевнаҕа саллаат аҕата ыыппыт икки суруга баар. Харандааһынан суруллубут. Кыайыыга-хотууга ыҥырар ойуулаах-бичиктээх кэмбиэрдээх (2-с хаартыска). 24234 полевой почта диэн аадырыстаах. 75 сыл аастаҕа, сурук ааҕыллан- ааҕыллан, илдьирийэ быһыытыйбыт. Сорох буукубалара, тыллара чуолкай көстүбэттэр. Ол да буоллар, оччотооҕу быһыы-майгы чуолкай бэлиэтэнэр. Кэргэнин аатын-суолун Екатерина Васильевна диэн толору, оттон кыыһын таптал аатынан Байду диэн суруйар эбит.

1943 сыл алтынньы 25 күнүгэр Чита уобалаһыттан ыыппыт суругар доруобуйата олус үчүгэйин, байыаннай үөрэххэ сылдьарын, ол быыһыгар холкуоска таһааран үлэлэтэллэрин биллэрбит. Кэргэнигэр доруобуйалара тупсарыгар баҕарбыт уонна  «Чкалов» холкуоһун бэрэссэдээтэлэ Даниловка сылдьан, байыаннай сулууспалаах дьиэ кэргэнигэр нолуоктары төлөөһүҥҥэ чэпчэтии оҥороругар көрдөс диэн сүбэлээбит. Түүн түһээн дойдутугар сотору-сотору тиийэрин, кэлиэҕиттэн 9 суругу ыыппытын, оттон кинилэртэн биир да харда суоҕун суруйаахтаабыт.

Онтон ыла туох да сурах-садьык биллибэтэх. Ийэтэ Екатерина Васильевна үөрэҕэ суох, үйэтин тухары оскуолаҕа, мед.пууҥҥа, холкуос хонтуоратыгар остуорас. Ол иһин кэргэниттэн хам-түм кэлэр сурукка ыраах сылдьан кинилэри ахтар-саныыр киһини астыннарар курдук суругу суруйан ыытар кыаҕа суоҕа.

Кыайыы буолбут, Дмитрий Егоров туһунан туох да суох. Соҕотох кыыһа Прасковьяҕа туох эмэ көмө оҥоһуллуон иһин, биир да докумуон суох. Онтон оройуон байыаннай комиссариатынан ирдэбил оҥорторон, 1954 сыл бэс ыйыгар “Егоров Дмитрий Кириллович (дьиҥинэн Кирикович диэн этэ) в бою за Социалистическую Родину пропал без вести в апреле 1944 года” диэн биир этиилээх биллэрии кэлэр.

Сураҕа суох сүппүттэргэ диэн көмө оҥоһуллубат этэ. Бу биллэриини туһанан, аны ССРС Оборонаҕа министиэристибэтин Киин архыыбыгар суруйбуттарыгар “Егоров Д.К. туһунан армия личнэй састаабын, бааһырбыттар, наҕараадаламмыттар да испииһэктэригэр суох” диэн эмиэ хобдох биллэрии кэлэр. Бүттэхпит ол.

Кэргэнэ Екатерина Васильевна кыыһын көрүүтүгэр-харайыытыгар олорон, 1988 сыллаахха дьалхааннаах бу орто дойдуттан бараахтаабыта. Сураҕа суох сүппүт саллаат Дмитрий Кирикович Егоров сир үрдүгэр баар буола сылдьыбытын туһунан ордон хаалбыт биир хаартыската, аармыйаттан ыыппыт икки суруга, “Байду-Бойду” диэн таптал ааттаабыт соҕотох оҕото Прасковья Дмитриевна уонна кини икки оҕото, ол аата – саллаат икки сиэнэ туоһулууллар.

Байду-Бойду дьылҕата

Саллаат кыыһа Прасковья, үлэлии-үлэлии үөрэнэн, Покровскай киэһээҥҥи оскуолатын 1959 сыллаахха бүтэрбитэ. Бу кэмҥэ кинини кытта күн-дьыл туругун кэтээн көрөр идэлээх икки киһи үөрэммитэ. Кинилэр сүбэлээннэр, Прасковья Дмитриевна Владивостокка баран, метеорологическай техникумҥа үс сыл үөрэнэн, сэдэх идэлэммитэ.

Бу идэтинэн Муомаҕа үлэлии сылдьан, олоҕун аргыһа буолбут Семен Саввич Крыжановскайы көрсүбүтэ. Кини  аармыйаҕа 6 сыл сулууспалаабыт, киэҥ-холку дууһалаах киһи этэ. Кыыстара Евдокия билигин Дьокуускайдааҕы медицина Киинигэр невролог быраас, уоллара Дмитрий эмиэ үлэ-хамнас киһитэ.

Аатырбыт лүөччүк, Советскай Союз Геройа, авиация генерал-полковнига  Георгий Филиппович Байдуков араспаанньатынан Байду-Бойду таптал аат аҕатын көмөтүнэн иҥэриллибит Прасковья Дмитриевна Крыжановская Муома кэнниттэн өр сылларга Уус Маайаҕа үлэлээбитэ. Ылбыт сэдэх идэтинэн кэлэр-барар сөмөлүөттэргэ анаан күндьыл туругун кэтээн көрөн биллэрээччи этэ.

Онон аҕата иҥэрбит таптал аата Прасковья Дмитриевна олоҕун тухары үлэтигэр суолу арыйбыта. Кини билигин Дьокуускайга оҕолорун далбардарыгар бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор. Кыргыс толоонугар сураҕа суох сүппүт аҕатын туһунан билигин да ирдэһэр, көрдүүр.

Кини бу баҕа санаата туолуохтун!

Александр ВАСИЛЬЕВ

Көрдүгэн

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *