Четверг , 31 Октября 2024

САХА БАСТАКЫ МАЭСТРОТА

(Адам Скрябин төрөөбүтэ 125 сылыгар)


Аныгы сахалыы музыка искусствотын төрүттээччи, композитор,
хормейстер, дирижер, музыкаһыт, ырыаһыт, педагог уонна фольклорист
Адам Васильевич Скрябин быйыл төрөөбүтэ 125 сылын туолбутунан, айар
үлэтэ, уустук дьылҕата саха омукка махталлаахтык ааттаныахтаах дии
саныыбын. Кини 1896 сыллаахха билиҥҥи истиилинэн ыам ыйын 30 күнүгэр
Дьокуускай куоракка Василий Никонович уонна Александра Игнатьевна
Скрябиннар диэн саха сэниэ ыалыгар күн сирин көрбүт. Нөмүгүттэн
төрүттээх аҕата уол биэс саастааҕар өлөн, ийэтэ дьиэ кэргэн дьыалатын –
эргиэни, тутууну дьаһайарын сэргэ, уоллаах кыыһын соҕотоҕун атаҕар
туруорарга күһэллибит.

Адам кыра эрдэҕиттэн олоҥхону, ырыаны-тойугу, музыканы сэргээн
улааппыт. Духуобунай училищеҕа үөрэммит. Олоххо эриллибит ийэтэ уолун
атыыга-эргиэҥҥэ сыһыараары бу оччолордооҕу көрүүнэн дьоһуна суох
дьарыгын бопсон көрбүт да кыайбатах. Дьиҥэр, ийэтэ бэйэтэ үтүөкэн меццо-
сопрано куоластааҕа үһү. Скрябиннар уоллара дьулуһан туран бэйэтэ
үөрэнэн, саха хомуһуттан, кырыымпатыттан саҕалаан, гитараҕа,
мандолинаҕа, скрипкаҕа тиийэ оонньуурга үөрэммит, бэл диэтэр, нотанан
суругу баһылаабыт. Өрөбүлүүссүйэ иннинээҕи Дьокуускайга биллэр
музыкаһыт буолбут – 1910 сылтан куорат музыкаҕа уонна литератураҕа
куруһуогун үлэтигэр кыттыспыт.

Адам Скрябин 1914 сыллаахха Хахсыктан төрүттээх куорат үөрэхтээх
сахатын ыала Шадриннар кыыстарын Агриппина Ивановнаны кытта
бэргэһэлэнэн ыал буолбут. Кини айар ыыра салгыы кэҥээн испит.
Олунньутааҕы өрөбөлүүссүйэ кэннэ үөскээбит «Саха аймах»
культурнайсырдатар уопсастыбаҕа киирэн, атын саха саарыннарын кытта
культура, наука, искусство, үөрэх сайдыытыгар туһуламмыт үлэ үөһүгэр
түһэн, саха бастакы хорун тэрийэр. Саха литературатын төрүттэспит Алампа
Соппуруонаптыын доҕордоһон, сахалыы ырыалары айан саҕалыыр. Бу айар
тандем үлэтин түмүгэр бэрт сотору «Ыччат сахаларга», «Үрүҥ туллук эрэ
мөлбөстүүр…», «Оҕо-оҕо эрдэххэ…» курдук кэлин бар дьон уоһуттан түспэт
буолбут ырыалар күн сирин көрбүттэрэ. Икки дьоҕурдаах дьон бииргэ
үлэлэһиилэрин чыпчаалынан «Саха ырыата», норуокка биллибитинэн
«Тыгын кырдьаҕас саҕаттан…» айымньы буолар (1919). Бу иччилээх тыллаах, киһи
сүргэтин көтөҕөр ырыаны саха интеллигенцията таптаан ыллыыр буолбута,
кэлин сэбиэскэй былааһы утары турбут бастаанньыстар гимнэригэр
кубулуйан Илин Сибиири биир гына дуораһыйбыта, саха чулуу дьонун
мүччүргэннээх кэмҥэ санааларын көтөхпүтэ…

Сэбиэскэй былаас маҥнайгы сылларыгар Адам Васильевич губревком
Саха секциятын иһинэн национальнай хору, саха национальнай ротатын
иһинэн оркестры тэрийбитэ, педагогика техникумугар уонна куорат
оскуолаларыгар музыка учууталынан үлэлээбитэ. 1923 сыллаахха Москваҕа ССРС норуотун хаһаайыстыбатын ситиһиилэрин бастакы быыстапката
тэриллибитигэр командировкаланан, сахалыы хору, ырыа-хоһоон ааҕыытын
бэлэмнээбитэ. Онон Саха АССР делегацията алтынньы 8 күнүгэр Улахан
тыйаатыр сыанатыгар буолбут «Вечер народностей» диэн тэрээһиҥҥэ
ситиһиилээхтик кыттан ССРС Үөрэҕириитин наркома А.В. Луначарскай
хайҕалын ылбыта. Бу командировка кэмигэр кини Музыка наукатын
судаарыстыбаннай институтун (ГИМН) сылдьан саха музыкатын, ырыатын
тула кэпсэтиини таһааран, сахалыы ырыаны фонографка устары, саха
ырыаларын нотаҕа түһэрэри ситиспитэ.

Москваттан эргиллэн баран Адам Васильевич учууталлыырын сэргэ,
«Саха омук» культурнай-сырдатар, «Саха кэскилэ» наукалыы-чинчийэр
уопсастыбалар үлэлэлэригэр көхтөөхтүк кыттар. 1925 сыллаахха «Саха
кэскилин» нөҥүө саха ырыаларын нотаҕа түһэрии боппуруоһун көтөхпүтэ
өйүбүлү ылан, Үөрэҕирии наркоматын бирикээһинэн иккис төгүлүн
Москваҕа аттанар. Дойду тэбэр сүрэҕэр тиийэн, Бүтүн Сойуустааҕы киин
ситэриилээх кэмитиэт иһинэн Саха АССР олохтоох бэрэстэбиитэлистибэтин
көмөтүнэн, ГИМН этнографияҕа салаатыгар үлэлиир композитор Н.И.
Аладовы, онтон Москватааҕы консерватория научнай үлэһитэ К.П.
Виноградовы кытта үлэлэһэн саха ырыаларын нотаҕа түһэрэртэрэр. Кини бу
үлэтэ 1927 сыллаахха ССРС норуоттарын Киин кинигэтин кыһатыгар «Саха
ырыаларын ноталара» диэн хомуурунньук буолан, 2000 тираһынан
тахсыбыта. Чинчийээччилэр чопчулуулларынан, хомуурунньукка А.И.
Софронов, П.А. Ойуунускай, К.А. Сокольников, И.П. Шадрин тылларыгар
Скрябин бэйэтэ айбыт ырыаларын сэргэ, Ф.Г. Корнилов уонна норуот
ырыалара киирбиттэрэ. Саха ырыаларын нотатын түмэн таһаарыы сахалыы
музыка искусствота сайдыытыгар олус улахан суолталаах хардыынан
буолбута. Бу иннинэ европалыы нота суругар сатаан киирбэт дэммит саха
ырыата кумааҕыга түспүтэ. Хомуурунньукка киирбит үлэлэргэ тирэҕирэн,
кэлин композитордар М.Н. Жирков, Г. Литинскэй, Г. Гамбург, А.Н. Мазаев,
Д.Ф. Салиман-Владимиров улахан айымньылары айбыттара. Оччотооҕу кэм
биллиилээх режиссера А.П. Довженко «Аэроград» киинэ поэматыгар
сахалыы матыыптары туһаммыта. Москватааҕы консерватория
преподаватела Д.Р. Рогаль-Левицкэй бу матырыйаалларга олоҕуран 1926
сыллаахха «Якутская народная песня» диэн наукалыы ыстатыйаны
суруйбута.

Адам Васильевич бу сырыытыгар тус сорудаҕын тэҥэ тургутугу
экстернинэн туттаран Москватааҕы консерватория наукалыы-
композитордыы факультетыгар музыка наукатын отделениетын түөрүйэҕэ
кылааһыгар үөрэххэ киирэр. 4-с кууруска үөрэнэ сырыттаҕына, баай
төрүттээхтэри ыраастыыр уххаҥҥа үҥсүү киирэн, төһө эмэ үөрэтэр
профессордара көмүскэһэ сатаабыттарын үрдүнэн, үөрэҕиттэн уһуллар.
Дойдутугар эргиллэн кэлэн Үөрэҕирии наркоматыгар оскуолаҕа иннинээҕи
үөрэх инспекторынан, орто үөрэх тэрилтэлэригэр, оскуолаларга музыка
учууталынан, хор салайааччытанан үлэлээн барар. 1931 сыллаахха Саха
национальнай тыйаатырын иһинэн хомус ансаамбылын тэрийэн үлэлэтэр. Саҥа арыллыбыт Дьокуускайдааҕы педагогика институтун иһинэн норуот
инструменнарын оркестрын тэрийэргэ холонор.

Репрессия ыар тыына кэтэҕэр тирээбитин билэн, кэргэнин, оҕотун
харыстаан арахсарга күһэллэр. Дьоно Уус Алдаҥҥа бүгэллэр. 1935 сыллаахха
кинини сойуолаһыы саҕаланан эрэр кэмигэр чугас доҕоро Алампа
Соппуруонап хаайыыттан эргиллэн кэлэн сырдык тыына быстар. Үгүс
аймахтарын, доҕотторун репрессияҕа былдьаппыт саха маэстротын Ис
дьыала
наркоматын үлэһиттэрэ 1936 сыллаахха олунньу 15 күнүгэр тутан
хаайбыттар. ССРС ИДьНК Оһуобай мунньаҕынан 1936 сыллаахха муус устар
13 күнүгэр РСФСР ХК 58-10 ыстатыйатынан буруйданан үс сыл лааҕырга
ууруллар. «Буруйун» Нагаево бухтаҕа баар «Севвостлаг» лааҕырга
боруостаан, 1939 сыллаахха сэтинньи 15 босхоломмут эрээри, оччотооҕу
сиэринэн тута дойдутугар ыыппатахтар. Икки сыл Магадаҥҥа, суостаах
«Дальстрой» трест сабардаан олорор сиригэр спецпоселениеҕа олорбут. 1941
сылтан ыла дьылҕата биллибэт. Сахалыы музыка искусствотын төрүттээччи
Адам Скрябин 1989 сыллаахха тохсунньу 16 күнүгэр толору
реабилитацияламмыт.

Саха бастакы маэстротын сырдык аатын үйэтитии кини төрөөбүт уонна
олорбут сиригэр – Дьокуускай куорат Аппа Уҥуорунааҕы түөлбэтин Чепалов
уулуссатыгар баар дьиэҕэ өйдөбүнньүгүнэн муҥурданар. Дьиҥэр, маннык
сахалыы музыка искусствотын төрүттээбит уонна барҕардыбыт саарыммыт
чаҕылхай сэбэрэтэ мэҥэ дьүһүлгэн буолуохтаах, албан аата кыһыл көмүс
буукубанан суруллуохтаах этэ. Онон аныгы саха бастакы маэстрота А.В.
Скрябин төрөөбүтэ 125 сылын уонна Саха АССР тэриллибитэ 100 сылын да
көрсө кини аатын үйэтитии бар дьон өйүгэр-санаатыгар, инники дьылҕатыгар
олус улахан суолталаах.

Бу кылгас ыстатыйа Г.М. Кривошапко «Адам Скрябин» (Дьокуускай,
1973) үлэтигэр, сиэннэрэ Ю.Д. уонна П.Д. Петровтар муспут чахчыларыгар
олоҕуран сурулунна. Хаартыскалар, ноталар, докумуоннар эмиэ Петровтар
тус архыыптарыттан ылылыннылар.

АВТОР: АНДРОСОВ Гаврил (Чолбон, 2021/8)

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *