Четверг , 21 Ноября 2024

Таас Тумус – Промышленнай. Гаас төлөнө аан бастаан умайбыт сиригэр.

Быйыл күһүн норуодунай суруйааччы Николай Алексеевич Лугинов Таас Тумуска хас да төгүллээн суруйааччылары, суруналыыстары түмэн, литературнай экспедиция оҥордо. Бу экспедиция түмүгүнэн сэттэ норуодунай суруйааччы туһунан бэртээхэй ахтыылар уһулланнар, “Саха” НКИК “Аал Луук мас” биэриитигэр тахса тураллар.


Бу экспедицияҕа Кэбээйи улууһун дьаһалтата, култуура управлениета, “Дабаан” хаһыат редакцията кыахпыт иһинэн көмө буолбуппут. Кэлин Николай Лугиновы кытта Таас Тумуһунан, Промышленнайынан сылдьан, бу чахчы дириҥ устуоруйалаах дойду буоларын итэҕэйдим, элбэҕи биллим, фотокорреспондент тыыным уһуктан элбэх каадыры түһэрдим. Үөрбүтүм диэн, Николай Алексеевич бу дойду устуоруйатын үөрэтиигэ элбэх былааннаах эбит.

 
Таас Тумустан Промышленнайга балачча өр мотуорунан айаннаан тиийдибит. Уруккута син обургу бөһүөлэк олохсуйан турбута көстөр. Биһигини Климент Николаевич Яковлев диэн төрүт олохтоох көрүстэ.
Чэйдээн баран, бөһүөлэги кэрийэ бардыбыт. Иккилии этээстээх типовой мас дьиэлэр, таас тутуулар, кулууп дьиэтэ иччитэхсийэн туралларын киһи харааста көрөр. Хата элбэх сир аһа үүммүтэ көстөр.
Климент Николаевичтан бу дойду туһунан ыйыталаһабын. Кини 1953 сыллаахха Таас Тумуска төрөөбүт, оттон онно бөһүөлэк эстибитин кэннэ Промышленнайга кэлбиттэр.

– Аҕам Яковлев Николай Алексеевич гааһы көрдүүр экспедицияҕа буровойга үлэлээбитэ, – диэн Климент Николаевич кэпсээнин саҕалыыр. – Таас Тумуска олорор эрдэхпитинэ, саас-сайын Киччэҥинэн, бу сиринэн экспедициятын кытта баран хаалааччы, ыкса күһүн биирдэ кэлэрэ. Киччэҥ өттүгэр гаас баар сибикитэ баар дииллэрэ. Бу дойдуга кэлээт да, 1-кы роторга гааһы булбуттара. Онон манна сүүрбэччэ скважина баар. 1953 сылтан сыыйа бөһүөлэк тутуллан барбыта. Дьон-сэргэ элбии түспүтэ, үгүстэрэ сэрии кэнниттэн туохха эрэ буруйдаммыт байыаннай дьон, ол быыһыгар көһөрүллүбүттэр бааллара. Арааһа, Сэбиэскэй Сойуус араас омуга үксэ баара. Муҥутаан 1000-тан тахса киһи олоро сылдьыбыта биллэр. Таһаҕастарын Бэргэттэ үрэҕинэн таһаллара, оччолорго ити үрэх сайыннары уута толору буолара. Дьэ итинник үлэ-хамнас барбытын түмүгэр, 1967 сыллаахха Дьокуускайга аан бастаан гаас күөх төлөнө бу Промышленнайтан тиийбитэ.

Билигин манна 5 ыал хаалан олоробут, бултуубут, балыктыыбыт. Дьон үксэ куоракка олохсуйар буолла. Арай ити Уһук Илин гектарын ылан, кэлэллэрэ буоллар дии саныыбыт.

Бу дойду Бүлүү эбэ хотун Өлүөнэ эбэҕэ түһэр сиригэр турар буолан, айылҕата дьикти кэрэ, элбэх балыктаах, бултаах. Климент Николаевич кэпсээнин “бу Промышленнайга кэллэхпинэ күн биллибэккэ ааһар, халлаан сырдыаҕыттан күн эккирэтиитигэр сылдьабыт”, – диэн түмүктээтэ. Аҕата да, Климент Николаевич бэйэтэ да улууска, өрөспүүбүлүкэҕэ биллэр үлэһиттэр гынан баран, ол туһунан биир да тылы кыбыппата. Маннык сэмэй, көнө, үтүө дууһалаах дьон бааллар эбээт Кэбээйигэ.

Виктор Эверстов
Источник: https://ulus.media

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *