Четверг , 21 Ноября 2024
Месяц: Ноябрь 2019

Айыы Тойон — Саханы Саха дэппит күүс

«Өбүгэлэрбитин Православиеҕа күүһүнэн киллэрбиттэрэ диэн — татым санаа, онно улахан төрүөт даҕаны, чахчы (факт) даҕаны суох…” Автор: А.В.Мигалкин Уус Алдан улууһун бочуоттаах олохтооҕо Нуучча уонна саха итэҕэллэрэ алтыhыыларын туhунан элбэхтэ сурулуннаҕа, этилиннэҕэ да. Санаалар араастар эрээри, чахчыта — биир: норуоттар сомоҕолоhууларыгар күн бүгүн бу икки итэҕэл эйэ-дэмнээхтик сайдаллара — олукпут. Онон саха уонна нуучча итэҕэллэрин […]

Швейцарское ТВ сняло фильм о пианисте Сергее Танине в Якутии

В Высшей школе музыки состоялись съемки документального фильма о пианисте из Якутии, выпускнике Высшей школы музыки Сергее Танине, сообщает пресс-служба Минкульта Якутии. Съемки провела группа швейцарского телеканала SRF. В 2018 году молодой музыкант завоевал III премию и приз публики на Международном конкурсе пианистов им. Гезы Анды в Цюрихе, после чего Танин стал широко известен в […]

Лөгөй Тойон таҥнарыахсыт этэ дуо?

Түҥ былыргы өбүгэлэр­бититтэн саҕалаан биһиги норуот бу тыйыс тымныылаах хаар-муус дойдуну баһылаан-көһүлээн, бур-бур буруо таһааран, хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэн, тыыннаах кэлбит, үүммүт-сайдыбыт олохпут дириҥ философиятынан, үс тыл: өркөн өй, ил уонна эйэ буолаллар. Оттон ити олохпут философиятын тутуспут биир улуу өбүгэбитинэн Лөгөй Тойон буолар. Сүдү киһибит туһунан хасыһан үөрэтэр, Саха сирин духуобунаһын Академиятын чилиэнэ, […]

Санаа күүһэ, тыын уларыйбат аналлаахтар

Аан дойдуга биэс тыһыынчаттан сэттэ тыһыынчаҕа тиийэ араас тыллаах омук баара биллэр. Балартан бэйэтин аатын иҥэрэн туран, государственность диэн улахан тутулу ситиспит омук аҕыйах.   Муус устар 27—өрөспүүбүлүкэбит төрүттэммит уонна төрүт сокуоммут—Конституциябыт олоххо киирбит күннэрэ. Үгүс дьон-сэргэ дьаптайбыт, сүмэһинин түмпүт санаата—«уһун санаа» дэнэр быһыылаах. «Уһун санаа» өлбөт үөстээх, уостубат аналлаах. Бэйэтин историятын кырдьыгынан билиммэт уонна […]

«Эл Иитэ» (06.10.2019) Олег Сидоров.

Олег Сидоров, кандидат филологических наук, Председатель Ассоциации «Писатели Якутии», академик Академии духовности Республики Саха (Якутия) Лауреат Гос.премии РС(Я) им. П.Ойунского.