Четверг , 31 Октября 2024

Андрей БОРИСОВ: «Сахалар саҕалыахтара».

Кэлэр сылы дойду бэрэсидьиэнэ В.В. Путин Театр сылынан биллэрбитин өссө муус устарга истэн үөрбүппүт. Ону толорорго РФ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлэ Д.А. Медведев дьаһалынан тэрийэр  кэмитиэккэ туһааннаах миниистирдэр, култуура улахан деятеллэрэ, искусство храмнарын дириэктэрдэрэ киирбиттэрэ. Чилиэннэр испииһэктэригэр үксэ москвичтар, питерецтэр ортолоругар аҕыйах регионтан театрдарын бэрэстэбиитэллэрин, вице-губернатордарын кытта Уһук Илинтэн соҕотох СӨ Ил Дарханын судаарыстыбаннай сүбэһитэ  А.С. Борисов аата суруллубутуттан киэн туттубуппут, ситиһиигэ эрэлбит өссө улааппыта.  Ити кинини уонна сахалары үрдүктүк сыаналааһын туоһута. Саха сирин театрдарын бииргэ үлэлииргэ тылланыылара номнуо киһини соһуппат буолла. Санаан көрдөххө, итиччэ элбэх ахсааннаах нэһилиэнньэлээх омуктарга дьоҕурдаах айар үлэһит баар аҕай ээ. Олортон улахан ааттаахтара, сололоохторо, кыбыстыбакка, аҕыйах ахсааннаах сахаттан бэрэстэбиитэли ыҥыраллара мээнэ буолбат. Театр сылынан, бу эйгэҕэ ситиһиилэрбитин бигэргэтэн, өссө үрдэтэн туттан-хаптан хаалар сорук турар. Бары регионнарга Театр сылыгар киириигэ анаан өрө көтөҕөр дьоро киэһэлэри тэрийэргэ ахсынньы 13 күнэ биллэриллибитэ. Ол В. Путиҥҥа этии киллэрэн көҕүлээччи буолбут театральнай деятеллэр түмсүүлэрин бэрэссээдээтэлэ Александр Калягин телеэкраннарга старт биэриитинэн саҕаламмыта. Дьокуускайга СӨ бырабыыталыстыбатын бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Балабкина, култуура миниистирэ Юрий Куприянов уо.д.а. өрөспүүбүлүкэ театрга ситиһиилэрин, хайдах кыттарын биһилиннэрбиттэрэ. СӨ баһылыга Айсен Николаев театры сайыннарыыга, аан дойдуга таһаарыыга, быйыл сайын Ытык Күөлтэн Былатыан Ойуунускай 125 сааһын бэлиэтиир ыһыахтан саҕалаан, хас да төгүллээн туһаайылары биэрбитэ. — Тэрийэр кэмитиэт бэрэссэдээтэлинэн РФ салалтатыттан бырабыыталыстыба култуураҕа, спортка уонна туризмҥа бэрэссэдээтэлин солбуйааччы Ольга Юрьевна Голодец, солбуйааччыларынан култуура миниистрэ Владимир Ростиславович Мединскэй, РФ норуодунай артыыһа  Александр Калягин анаммыттара. Икки төгүл Театр сылын торумнуур мунньахтарыгар сырыттым, иккиэннэригэр тыл эппитим. Анал барыгыраама оҥордубут. Норуоттар эпостарыттан саҕалаан билиҥҥи айымньыларын көрдөрүүгэ “Хаарыан хампа күөх кытылым” бэстибээли РФ улахан куораттарыгар Транссиб суолунан ыытарга этиибин сэргээбиттэрэ. Дьүүллэһии кэннэ Владивостоктан Калининградка диэри театральнай марафон ыытыллар буолла. 85 региону ситимниир. Санааны саҕаммын, саҕалыыр чиэһи биһиэхэ биэрдилэр. Онон Олоҥхо театрынан номнуо тохсунньу 18 күнүгэр Владивостокка тиийэн, “Айан аартыгын арыйыы алгыһын” түһэрэргэ быһаарынныбыт. Нууччалыы аатын “Благословение пути желанным берегам” диэн бигэргэттилэр. — Андрей Саввич этиитин истэрбэр, “Баҕалаах кытылгын кыҥыы, тыыгын тута сылдьар эбиккин”, — диэбитим. — Дьиктитэ, регионнар киин куораттара бары өрүс эбэтэр муора, акыйаан кытылларыгар тураллар. — Олорго Саха сириттэн кимнээх өссө ханнык кытылларга тиийиэхтэрэй? — Биир түһүмэххэ Читаҕа нууччабыт театра холбоһон ылыа. Олоҥхо театрын Уфаҕа түүрдэри түмэр “Туганлык” бэстибээлгэ, ону таһынан Санкт-Петербурга бэс ыйыттан сэтинньигэ диэри салҕанар театральнай олимпиадаҕа ыҥырылынна. Маннык түһүлгэ урут Японияҕа, Арассыыйаҕа, Турцияҕа, Соҕуруу Кореяҕа, Польшаҕа уонна Индияҕа ыытыллан турар. Саха театра манна сүрүннээччинэн киирдэ уонна быйыл Театр сылынан саамай бастыҥнарга хайаан да кыттарга ыҥырыллан, Москваҕа “Кыһыл көмүс мааскаҕа” туруорулунна.   Алтыһыы аартыктара — Андрей Саввич, испэктээкиллэриҥ аайы уруккуларгар маарыннаабаты була сатыыгын. Саҥа идеяны, сибиэһэй салгын курдук, илдьэ кэлээччигин. Ааспыт сыллааҕы үлэлэриҥ туох толкуйу, ханнык  санааны аспыттарын ырыта түһүөҥ дуо? — Билигин аан дойдуга тарҕанан олорор былыргы өбүгэлэрбит сыдьааннара хайдах алтыспыттарын эпостарбыт, култуурабыт көрдөрөр. Онно барыта баар: төрүттэрбит кэнэҕэски көлүөнэлэригэр кэрэҕэ тардыһарга, үрдүккэ тахсарга, уйгу оҥосторго сүмэлээх сүбэлэрэ. Ону өйдөөбөккө, уларыта тутуу сылларыгар атын регионнар култуураларын атарахсыппыттар. Итинниккэ атын дойдулар араарар, утары туруорар, үөхсүүнү күөттүүр политикаларыгар сабыдыаллаталлар. Биирдиилээн түргэнник байарга харамачыһааччы, албын тылыгар киирэн, сиэргэ-майгыга баппат быһыыланарга утарсыыта кыра. Ол  экономикаҕа да түөрэ-лаҥкы, иҥнэл-таҥнал түһэриитэ элбэх. Онно түөрэҥнэппэт модьу силис, тулхадыйбат тирэх эпоска олоҕурбут култуура буолар эбит. Биһигини, сахалары, атын омуктар олоҥхобутугар тирэнэн сайдарбытын холобур оҥостоллор. Бэйэтин култууратын, историятын атыттарга тэҥнээн көрөн сиһилии билэр киһи элбэх омукка түргэнник өйдөһүүнү булар. Биһиги олоҥхобут дириҥэ, эппитигэр-хааммытыгар иҥмитэ, ону кэмиттэн-кэмигэр чочуйан таба тутарбыт атыттары лаппа сөхтөрөр. Аҥаардас варганы ылан көрүөх, омуктарга барыларыгар баар. Ол эрээри хомуска оҥоһууларынан, тыастарынан ханан да тиийбэттэр. Атын оҥоһуктарбыт – чорооммут, ойуубут-бичикпит, таҥаспыт–саппыт… уус-уран тылбытынан, киэҥ фантазиябытынан… Олоҥхо уон сыла биллэриллэн элбэх кыаҕы биэрдэ. Соҕотох уус алданнары 99 Гомердааххыт диир этим. Кэнники өссө элбэҕэ билиннэ. Сүүстэн тахса олоҥхоһуттааххыт дии. Өссө Пуховкыт научнай чинчийиигэ – көмүс кылаат… Александр Николаевич Жирков итинник олоҥхо уйатыгар үөскээбит киһи буолан, далааһыннаахтык толкуйдаатаҕа. Ордук учуонайдарынан ырыттаран,  атын омуктар эпостарын сахалыы саҥардаллара, биһиги олоҥхобутун бэйэлэрин тылларыгар тылбаастаан “үтүөнэн” хардараллара – чахчы, улахан дьыала.   Арыйар күлүүстэр — Атын норуоттардыын бииргэ үлэлээһин хардарыта байытыһара элбэх. Чопчу кимнээҕи кытта туох күлүүһү буллуҥ? Чэ, ааны Алтаайтан аһыах. — Алтаайдардыын бары өттүнэн майгыннаһар омуктарбыт. Саламабыт, дэйбиирбит кинилэргэ эмиэ баар. Оһуохайдыҥы ”Чөкөчөх” диэн үҥкүүлээхтэр. “Тирэх мастарыгар” сыһыаннара Аал Луук Маспытыгар  сүгүрүйүүбүтүн санатар.  Ол барыта улахан көмөлөөх буолла. “Маадай Хара“ туруорарга “Кай” диэн хабарҕанан ыллыылларын олоҥхоҕо тойук кэриэтэ “доҕуһуолга” дьүрүһүттүм. Улахан уораҕайга фойены – аллараа дойдуга, улахан саалаларын – орто дойдуга, балконнарын – үөһээ дойдуга кубулуттум. Көрөөччүлэр үөһэ-аллараа түсүһэ-тахсыһа, тула эргийсэ сылдьан көрдүлэр. Түөлбэлэрбит былыргы төрүттэрбит саҕанааҕытыттан билиҥҥитигэр, инникитигэр тиийэ санатта дииллэр. Испэктээкил Алтай өрөспүүбүлүкэтин үтүөлээх үлэһитэ Иван Белеков идеятыгар олоҕурда. Олох Маһа – Бай Терек, буулаҕа бухатыыр Маадай Кара, кини олоҕун кэрэ аргыһа Алтын Тарга сүрүн уобарастарынан оонньоотулар. — Балаҕан ыйыгар кэлээт, аҕыйах хонугунан эдэр артыыстардаах Олоҥхо театрынан Грецияҕа барбыккыт. Олох былыргыттан култуура наһаа сайдыбыт сиригэр ирдэбил улахана биллэр. Ол ордук эдэрдэри долгутан уустугурдар.   — Эгей муоратын кытыла. “Одиссей” онон устара хоһооҥҥо хоһуллар, ырыаҕа ылланар. Аристотель төрөөбүт сирэ. Ону барытын билэр буолан, бэҕэһээ эрэ үрдүк үөрэҕи бүтэрбит саха оҕолоро тиийиэхтэриттэн өбүгэлэрэ олорбут сирдэригэр сылдьардыы тутуннулар. Грецияҕа, Москваҕа улахан  телеханааллар, СМИ кыттыылаах пресс-конференцияҕа эдэр “Олоҥхо театра” аан дойдуга билиннэ. Ханна да сылдьан эпоһынан үлэлээһин билиҥҥэ кэмҥэ олус наадалааҕын бэлиэтиирбин ылыналлар. Чахчы классическай театр буоларын бигэргэттэ (Классиканы туруорар буолбатах. — И.У.). Драмаларыгар — “Улуу Кудаҥса”, номохторугар олоҥхобутун санатар персонажтара элбэх буолан, биһигини ордук өйдөөтүлэр. Театр Драма, Лидия, Филиппы, Кавала куораттарынан уонна Тасос арыынан айаннаата. Драма куорат консерваториятын улахан саалатыгар Евросоюзтан экологическэй бэстибээлгэ кытта кэлбит үөрэнээччилэрдиин көрсүһүү буолла. Манна артыыстарбыт тойуктаан иһитиннэрдилэр, хомуска оонньоотулар, алгыстан быһа тардыыны, саха таҥаһын көрдөрдүлэр. Араас дойдуттан мустубут дьон иһирэх көрсүһүүттэн астыннылар, норуоппут култууратыгар, үтүө үгэстэригэр сүгүрүйдүлэр. Маны таһынан, Драмаҕа Олоҥхо театрын артыыстара куорат күнүгэр анаммыт үөрүүлээх хаамыыга кытыннылар, ытык  таҥара дьиэтигэр литургияҕа сырыттылар . Олоҥхо театрын улахан суолталаах сырыытын чыпчаалынан биһиги эрабыт буолуо 700 сыл анараа өттүттэн үлэлии турар амфитеатрга Ойуунускай “Улуу Кудаҥсатын” туруоруу буолла, өрөгөйү үрдэттэ. Көрөөччүлэр испэктээкили былыргы Греция драматыгар майгыннаттылар. Олимп хайатыттан таҥаралар түһэннэр, абааһылар быгыахтаары, күөрэйээри гыммыттарын быччаҥнаппатахтарын курдук санаатылар. Дэлэҕэ эһиил ыытар «Космополис» аан дойдутааҕы бэстибээллэригэр ыҥырыахтара дуо?! Сүрүн оруоллары Дмитрий Алексеев, Василий Борисов, Дмитрий Хойутаанап итэҕэтиилээхтик оонньоотулар. Былатыан – гректии “киэҥ, кыах” диэнин Ойуунускай аата планетарнай таһымынан толкуйдатта. — Оттон алтынньыга башкирдар “Урал Батырдарын” ханнык очуоһунан, аппанан хапсыһыннардыҥ? — Сонун көрүүнү булууга балайда эрэйдэнним. Кубаир диэн ырыа-хоһооннорунан уонна үрүллэр “хураай” музыкальнай инструменнарынан доҕуһуоллаттым.  Эпостарын айан толорооччуну “кубаир” диэн ааттыыллар эбит. Өйдөбүлэ – “Өлбөт буолуу”. Кырдьык да, олоҥхо курдуктар өлбөт сүбэни толкуйдааһынтан үөскүүр. Башкирдар театрдара таһыттан мечеттии архитектуралаах. Иһэ мусуойга маарынныыр. Улахан уораҕайга 3 СD-ни күүскэ тутуннубут. Олоҥхо сюжеттарын көрөргө ааттаах буолсук. — Ол гынан сахалыыны оннооҕор нууччалыы айымньыларга кыбытааччыгын.    — Бэйэбит киэнин сөбүн көрөн көрдөрө сылдьыахтаах буоллахпыт. Аймахтыы омуктарбытыгар тэтими, күүһүрдүүнү биэриигэ варганнарыгар хомуһу холбуубут, дүҥүрү охсобут. Оһуохайга маарынныыр үҥкүүлэринэн түмүктүүбүт. Онуоха худуоһунньук Михаил Егоров, көстүүмү уруһуйдааччы Сардаана Федорова сылдьыһаллара көмөлөөх. Андрей Саввич сонуннарыттан Театр сылынан саха араас өттүнэн дьоҕура көстө-иһиллэ туруо диэн бигэ эрэлгэ киирдим. *** Уйбаан УДУН, «Киин куорат».  
Источник: Aartyk.ru

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *