Четверг , 21 Ноября 2024

Харьковы көмүскээһиҥҥэ

к-29-5-15

Воронежтааҕы фронт сэриилэрин өстөөх хас да гына хайытан, тоҕо көппүтэ. Ити иһин көмөҕө соҕуруулуу-арҕаа фронтан 19-с стрелковай дивизияны, 2-с гвардейскай уонна 18-с тааҥкалаах корпуһу, Ставка резервэтиттэн 3-с гвардейскай тааҥкалаах корпуһу бырахпыттара.

Кулун тутар 4-25 чыыһылатыгар Харьков куораты көмүскүүр унньуктаах уһун кыргыһыы саҕаламмыта. Эсэсовецтар 2-с тааҥкабай корпустарын төттөрү охсуу соругун толорууга бары күүһү бырахпыттара. Харьков куоракка «Лейбштандарт СС Адольф Гитлер» диэн дивизияны утары 1310-с уонна 315-с стрелковай полкалар сэриилэспиттэрэ. Кинилэр үгүстэрэ төгүрүктээһиҥҥэ түбэспиттэрэ. Бэрт аҕыйах саллаат эрэ мүччү көтөн тахсыбыта.

ГРЯЗНУХИН Борис Николаевич (1923-11.03.1943)
Төрөөбүт сирэ: Саха АССР, Өлүөхүмэ оройуона, Кыыллаах. Ийэтэ Грязнухина Евдокия Устиновна.
Сулууспалаабыт чааһа: Воронежскай фронт, 3-с тааҥкабай аармыйа, 19 сд, 1310 сп.
Көмүллүбүт сирэ: Сураҕа суох сүппүт. Украинскай ССР, Харьковскай уобалас, Харьков куорат оройуона.
Информация баар миэстэтэ: Көмүскэнии министиэристибэтин Киин архыыба (ЦАМО), ф.58, оп.18001, д. 91.
Интэриниэт саайта: 19 стрелковая дивизия. Ссылки на донесения о потерях дивизий, выложенные на сайте ОБД-Мемориал. 19 стрелковая дивизия. 52707442 (21.05.1943, 41) л.40, №91.

ОКОРОКОВ Константин Наилович (1923-12.03.1943)
Төрөөбүт сирэ: Саха АССР, Амма оройуона, Михайловка холкуоһа.
Сулууспалаабыт чааһа: Воронежскай фронт, 3-с тааҥкабай аармыйа, 19 сд, 1310 сп.
Көмүллүбүт сирэ: Сураҕа суох сүппүт. Украинскай ССР, Харьковскай уобалас, Харьков куорат оройуона.
Информация баар миэстэтэ: Көмүскэнии министиэристибэтин Киин архыыба (ЦАМО), ф.58, оп. 18001, д.91.
Интэриниэт саайта: 19 стрелковая дивизия. Ссылки на донесения о потерях дивизий, выложенные на сайте ОБД-Мемориал. 19 стрелковая дивизия. 52707442 (21.05.1943, 41) л.40, № 90.

АВДЕЕВ Иван Парфирович (1923-12.03.1943)
Төрөөбүт сирэ: Саха АССР, Томмот куорат. Аҕата Авдеев Парфирий Акимович.
Сулууспалаабыт чааһа: Воронежскай фронт, 3-с тааҥкабай аармыйа, 19 сд, 315 сп.
Көмүллүбүт сирэ: Сураҕа суох сүппүт. Украинскай ССР, Харьковскай уобалас, Харьков куорат оройуона.
Информация баар миэстэтэ: Көмүскэнии министиэристибэтин Киин архыыба (ЦАМО), ф.58, оп.18001, д.24.
Интэриниэт саайта: 19 стрелковая дивизия. Ссылки на донесения о потерях дивизий, выложенные на сайте ОБД-Мемориал. 19 стрелковая дивизия. 52852361 (09.06.1943, 56), л.3. № 1.

ЧЕРНЫХ Алексей Михайлович (1911-13.03.1943)
Төрөөбүт сирэ: Саха АССР, Витим сэлиэнньэтэ. Кэргэнэ Черных Евдокия Ивановна. Иркутскай уобалас, Нижне-Илимскэй оройуон, Игнатьево дэриэбинэ.
Сулууспалаабыт чааһа: Воронежскай фронт, 3-с тааҥкабай аармыйа, 19 сд, 1310 сп, мл. сержант.
Көмүллүбүт сирэ: Сураҕа суох сүппүт. Украинскай ССР, Харьковскай уобалас, Харьков куорат оройуона.
Информация баар миэстэтэ: Көмүскэнии министиэристибэтин Киин архыыба (ЦАМО). ф.58, оп.18001, д. 91.
Интэриниэт саайта: 19 стрелковая дивизия. Ссылки на донесения о потерях дивизий, выложенные на сайте ОБД-Мемориал. 19 стрелковая дивизия. 52707442 (21.05.1943, 41) л.41, № 93.

КОЛПАКОВ Василий Филиппович (1923-13.03.1943)
Төрөөбүт сирэ: Саха АССР, Өлүөхүмэ оройуона. Быраата Колпаков Петр Егорович.
Сулууспалаабыт чааһа: Воронежскай фронт, 3-с тааҥкабай аармыйа, 19 сд ,1310 сп.
Көмүллүбүт сирэ: Сураҕа суох сүппүт. Украинскай ССР, Харьковскай уобалас, Харьков куорат оройуона.
Информация баар миэстэтэ: Көмүскэнии министиэристибэтин Киин архыыба (ЦАМО), ф. 58, оп. 18001, д. 91.
Интэриниэт саайта: 19 стрелковая дивизия. 52707442 (21.05.1943, 41) л.41, № 92.

НАРАХАЕВ Михаил Данилович (1914-24.03.1943)
Төрөөбүт сирэ: Саха АССР, Токко оройуона, Дьаархан холкуоһа.
Сулууспалаабыт чааһа: Воронежскай фронт, 3-с тааҥкабай аармыйа, 19 сд, 315 сп.
Көмүллүбүт сирэ: Сураҕа суох сүппүт. Украинскай ССР, Харьковскай уобалас.
Информация баар миэстэтэ: Көмүскэнии министиэристибэтин Киин архыыба (ЦАМО), ф. 58, оп. 18001, д. 91.
Интэриниэт саайта: 19 стрелковая дивизия. Ссылки на донесения о потерях дивизий, выложенные на сайте ОБД-Мемориал. 19 стрелковая дивизия. 52707440 (20.04.1943, 59). Л.26. № 7.

ОБУТОВ Афанасий Иванович (1923-25.03.1943)
Төрөөбүт сирэ: Саха АССР, Нам оройуона. Ийэтэ Обутова Мария Спиридоновна, Маймаҕа олохтооҕо.
Сулууспалаабыт чааһа: Воронежскай фронт, 3-с тааҥкабай аармыйа, 19 сд, 1310 сп, мл. сержант, ПТР отделениетын хамандыыра.
Көмүллүбүт сирэ: Украинскай ССР, Харьковская уобалас, Печенежскэй оройуон, Печенеги сэлиэнньэтэ, илин диэки 1 км.
Информация баар миэстэтэ: Көмүскэнии министиэристибэтин Киин архыыба (ЦАМО), ф. 58, оп. 18001, д. 91.
Интэриниэт саайта: 19 стрелковая дивизия. Ссылки на донесения о потерях дивизий, выложенные на сайте ОБД-Мемориал. 19 стрелковая дивизия. 52707441 (01.05.1943, 64). Л.53. № 16.

ЦЫПАНДИН Дмитрий Васильевич (1913-25.03.1943)
Төрөөбүт сирэ: Саха АССР, Нам оройуона, бастакы Үөдэй нэһилиэгэ, Пушкин аатынан холкуос. Ийэтэ Цыпандина Прасковья Никитична.
Сулууспалаабыт чааһа: Воронежскай фронт, 3-с тааҥкабай аармыйа, 19 сд, 1310 сп, ПТР ытааччыта.
Көмүллүбүт сирэ: Украинскай ССР, Харьковскай уобалас, Печенежскэй оройуон, Печенеги сэлиэнньэтэ, илин диэки 1 км.
Информация баар миэстэтэ: Көмүскэнии министиэристибэтин Киин архыыба (ЦАМО), ф. 58, оп.18001, д. 91.
Интэриниэт саайта: 19 стрелковая дивизия. Ссылки на донесения о потерях дивизий, выложенные на сайте ОБД-Мемориал. 19 стрелковая дивизия. 52707441 (01.05.1943, 64). Л. 53. № 19.

Анатолий ПАВЛОВ-Дабыл

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *