Саллаат олоҕо салҕанар
Сунтаар улууһун Чакыр (билигин Күндэйэ) нэһилиэгиттэн Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ 146 киһи ыҥырыллыбытыттан 84-дэ кыргыһыы хонуутугар охтубута. Кинилэртэн сорохторугар “Сураҕа суох сүттэ” диэн биллэрии кэлэн, көмүс уҥуохтара ханна кистэммитэ биллибэт.
Элгээн түбэтин Аттаах Тумулугар Калинин аатынан холкуостан сэриигэ барбыт 33 буойун аатыгар мемориальнай комплекс тутуллубута. Маны сэриигэ сураҕа суох сүппүт саллаат Федор Яковлевич Васильев уола Иван Федорович Васильев иилээн-саҕалаан оҥорторон, сотору-сотору эбии өйдөбүнньүк бэлиэлэринэн кэҥии, улаата турар.
Пааматынньыкка Гаврильев Кузьма Никифорович аата 33 буойуну кытта суруллан турар. Кини туһунан улуустааҕы, өрөспүүбүлүкэтээҕи “Өйдөбүнньүк” кинигэлэргэ “Көмүллүбүт сирэ биллибэт” диэн сурулла сылдьар.
1941 сыл атырдьах ыйынааҕы бастакы улахан хомуурга Чакыртан 40-тан тахса саамай кыанар, күүстээх-уохтаах киһи ыҥырыллыбыта. Кинилэри кытта 31 саастаах Кузьма Гаврильев уола Сөдүөтү, кыргыттара Вераны уонна Фатинаны кэргэнэ Евдокия Павловнаҕа хаалларан, сэриигэ барбыта.
Бүлүү өрүс уута түһэн хаалан, борохуот кыайан кэлбэккэ, оройуонтан бастакы хомуур 600-тэн тахса киһитэ балаҕан ыйын 5 күнүгэр Өлүөнэ өрүс үрдүгэр турар Ленскэй Туруктатыгар диэри сатыы барбыта. Кинилэр 260 биэрэстэни хааман, 7-с хонуктарыгар Туруктаҕа тиийбиттэрэ. Бу бастакы хомуур саллааттарыттан бэрт аҕыйахтара дойдуларыгар төннүбүттэрэ.
Кузьма Гаврильевтан сурах-садьык суоҕа. “Снайперга үөрэтэ сылдьаллар” диэн, бэрт кылгас ис хоһоонноох сурук кэлбит уонна өссө “миэхэ суруйумаҥ, тыыннаах буоллахпына, бэйэм биллэрэ туруом” диэбит. Онтон 1942 сыл сайыныгар сураҕа суох сүппүтүн туһунан биллэрии кэлбит.
1941 сылга бастакы хомуурга армияҕа ыҥырыллан, Кузьманы кытта бииргэ Туруктаҕа диэри сатыы барбыт Михаил Никифорович Кюндяйцев сэриини Чехословакияҕа түмүктээн, 1945 сыл бүтүүтэ дойдутугар этэҥҥэ эргиллибитэ. Кини учууталлыы сылдьан, бастыҥ үөрэнээччитэ, Кузьма оҕото Фатинаҕа: “Фроҥҥа сылдьан, аҕаҕын көрсүбүтүм, снайпер этэ”, – диэбит. Чакыртан төрүттээх Зинаида Николаевна Степанова 1971 сыллаахха Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин VIII Ыҥырыытыгар депутатынан талыллыбыта. Кини: “Бу биһиги киһибит Кузьма Гаврильев”, – диэн, снайперскай бинтиэпкэлээх саллаат хаартыскатын көрдөрбүтэ эмиэ баар эбит.
Сураҕа суох сүппүт саллаат Кузьма Гаврильев кэргэнэ Евдокия Павловна үс оҕотун атаҕар туруоран, улахан кыыһа Вера Кузьминична аҕыс оҕотун иитиспитэ. Оттон уола Сөдүөт Кутанаҕа олохсуйан, биэс уол, биир кыыс оҕоломмута. Кыра кыыһа Фатина соҕотох оҕото армияҕа сулууспалыыр эбээһинэһин толоро сылдьан, хомолтолоохтук өлөн, кэлин үс оҕону ииппитэ.
Онтон… 2015 – Улуу Кыайыы 70 сыла. Сунтаар Элгээйитигэр бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор сэрии сылын оҕото Фатина Кузьминична Гаврильева-Никанороваҕа соҕурууттан сурук тигинээн кэлбитэ. Сэриигэ охтубут, сураҕа суох сүппүт буойуннары көрдүүр, булар, үйэтитэр “Надежда” этэрээт комиссара Александр Николаевич Соколов Калуга уобалаһыттан суруйбут. Оччотооҕу Смоленскай (билиҥҥи Калуга) уобалаһын Износковскай оройуонун билигин суох Пинашино дэриэбинэтин таһыттан өлбүт буойун кырамтатын булбуттар. Саллаат ыстаанын анал сиэбигэр аата-суола суруллубут медальона баар эбит. Онно “Саха АССР Сунтаар оройуонун Чакыр нэһилиэгэ. Калинин аатынан холкуостан Гаврильев Кузьма Никифорович. 1910 с. төрүөх, кэргэнэ Евдокия Павловна.” диэн суруллубут! Саллаат кырамтатын Износковскай оройуонун Ивановскай дэриэбинэтигэр баар бырааттыы ииҥҥэ кистээбиттэр.
А.Н. Соколов архыып докумуоннарын хасыһан, Кузьма Гаврильев 1942 сыл олунньутугар сураҕа суох сүппүтүн билбит. Кини ООНЗФ (Отряд Особого Назначения Западного Фронта) байыаһа эбит! Өстөөх тыылларынан сылдьан, оһуобай сорудахтары толорор анал этэрээт. Били “Диверсант” диэн киинэни көрбүтүҥ? Ньиэмэс ыстааптарыгар, поезтарыгар эмискэ саба түһүтэлээн, урусхаллыыр этэрээт. Дьэ, онно Кузьма Гаврильев курдук снайпер хайаан да ирдэнэр. Разведчиктар тустарынан “Звезда” киинэҕэ снайпердара эмиэ азиат этэ дии. Кинилэр бары өстөөх тыылыгар оһуобай сорудаҕы толоро сылдьан өлөллөр, докумуоҥҥа сураҕа суох сүппүттэринэн аатыраллар. Кузьма ол иһин дьонугар “Миэхэ суруйумаҥ, мин бэйэм биллэриэм” диир. Бу да сырыыга сорудаҕы толоро сылдьан оҕуннаҕа. Кини братскай ииҥҥэ көмүллүбэтэх, дьонугар өлбүт күнүндьылын суруйбатахтар, биир этиинэн “Сураҕа суох сүттэ” диэбиттэр…
Кыыһа Фатина Кузьминична аҕатын уҥуоҕар бара сылдьыбыта. Кинини эдьиийэ Вера Кузьминична кыыһа Венера Николаевна арыаллаабыта. Ол тиийэн, аҕатын уҥуоҕар сүгүрүйэн, олохторун-дьаһахтарын ботугураан кэпсээн, сахалыы арыылаах алаадьынан күндүлээн, Элгээн өҥ буорун кутан кэлбитэ. 1941 сылга сэриигэ барбыт күндү аҕата 74 сылынан көстөн, аата-суола ааттанарыгар саамай улахан өҥөлөөх нуучча ньургуна Александр Николаевич Соколовка улахан махталын тиэрдибитэ, дууһалыын чэпчээн эргиллибитэ. Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!
ХААРТЫСКАЛАРГА: 1. Кузьма Гаврильев сэриигэ барыан иннинэ. 2. Кыыһа Фатина ийэтэ Евдокия Павловналыын. 3. Фатина Кузьминична аҕатын уҥуоҕар сүгүрүйэр (Пинашино, 2015 с.).
Балаһаны Александр ВАСИЛЬЕВ-Көрдүгэн бэлэмнээтэ.