Четверг , 21 Ноября 2024

Драматург Харысхал «Эргиллиэм хайаан да!» кинигэтин сүрэхтээтэ

Суруйааччы, драматург, прозаик, Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын үтүөлээх үлэһитэ, Арассыыйа Улахан Литературнай бириэмийэтин лауреата Василий Егорович Васильев-Харысхал «Эргиллиэм хайаан да!» кинигэтин сүрэхтэниитэ алтынньы ый 5 күнүгэр Аммаҕа уонна бүгүн алтынньы ый 6 күнүгэр Майаҕа элбэх дьон сэҥээриитин ылан буолла.

Кинигэ сүрэхтэниитигэр кыттыыны ыллылар: Саха сирин суруйааччыларын ассоциациятын бэрэссэдээтэлэ Олег Сидоров, СӨ культуура министрин солбуйааччыта Николай Макаров, Духуобунас академиятын академига Афанасий Мигалкин уонна «Сахамедиа» холдинг генеральнай дириэктэрин бастакы солбуйааччыта Афанасий Ноев. Василий Егорович төрөөбүт дойдутугар, Аммаҕа Күннүк Уурастыырап аатын сүгэр киин библиотекаҕа үгүс дьон кыттан санааларын үллэһиннилэр, биир дойдулаахтарынан киэн тутталларын биллэрдилэр. Чуолаан, Амма улууһун баһылыга Николай Архипов: «Василий Егорович Амма улууһун дьиҥнээх патриота, өрүүтүн санаатын аһаҕастык этэн туран биир дойдулаахтарын туһугар кыаҕа баарынан күүс көмө буоларын таһынан, саха саарыннарын ааттара сахабыт норуотугар төннүүтүгэр сүҥкэн оруоллааҕа бу кинигэҕэ көстөр…» диэтэ.

«Василий Харысхал айымньылара саха норуота түмсүүлээх буоларыгар уонна кэнчээри ыччакка норуоппут историятын билэригэр кынаттыыр дии саныыбын«, — Мэҥэ Хаҥалас дьокутааттарын сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Андрей Находкин тоһолоон эттэ.

Василий Егорович кинигэтигэр П.Ойуунускай аатынан Саха Академическай театрыгар, өр сылларга үтүө ааттара ааттамматах эрээри, саха дьонун өйүгэр-санаатыгар тыыннаах сылдьыбыт саха интеллигеннэрин олохторун, дьылҕаларын кэпсиир драматургическай айымньылар киирдилэр.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *