Пятница , 11 Октября 2024

АММАҔА ХАРЫСХАЛГА АНАММЫТ ЛИТЕРАТУРА БЫРААҺЫННЬЫГА САҔАЛАННА

Арассыыйа улахан литературнай бириэмийэтин лауреата, Саха АССР Үрдүкү Сэбиэтин народнай депутата, СӨ Духуобунаһын Академиятын академига, СӨ култууратын үтүөлээх үлэһитэ, Амма, Хаҥалас улуустарын, Мээндиги, Соморсун нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо В.Е.Васильев – Харысхал «СӨ народнай суруйааччыта» үрдүк ааты ылла. Аммалар үөрдүбүт, киэн туттабыт.


Амма улууһун Бочуоттаах олохтооҕо В.Е.Васильев – Харысхал норуодунай ааты ылбытыттан аммалар чахчы үөрдүбүт. Маннык үрдүк бэлиэнэн аммалартан бэйэтин кэмигэр В.М.Новиков-Күннүк Уурастыырап ылбытын бэлиэтиир тоҕоостоох.

Харысхал 13 пьесата тыйаатырдарга турда, 7 кинигэтэ таҕыста, 2 киинэтэ оҥоһулунна. Маны таһынан Сахабыт сирин, чулуу дьонугар сыһыаннаах матырыйаалы көрдөөн, Москва, Санкт-Петербург архыыптарыгар, музейдарыгар уонна бибилэтиэкэлэригэр, Америка, Япония, Кытай, Финляндия архыыптарыгар тиийэн үлэлээбитэ. Бу түмүгүнэн репрессияҕа түбэспит уонна тас дойдуларга күрээбит саха дьонун дьылҕаларын туһунан «Ааспыт кэм аартыктарынан» диэн кинигэтэ күн сирин көрбүтэ.

 

 

 

 

 

 

 

Василий Егорович доҕорун, народнай суруйааччы Николай Лугиновтыын Аммаҕа күндү ыалдьыт буоллулар. Айыы дьиэтигэр алгыс ылан, нэһилиэк олохтоохторун кытта истиҥник кэпсэттилэр. Искусство оскуолатыгар ыытыллыбыт улуус үөрэнээччилэрин кытта көрсүһүү бэрт сэргэхтик уонна сонуннук ааста.

Ф.Ф.Потапов аатынан култуура киинигэр Алтан народнай тыйаатырын туруоруутугар Харысхал олоҕо көрдөрүлүннэ.

Бу күн суруйааччылар Дмитрий Наумов, Любовь Горохова-Сүүмэх, үөрэх институтуттан Василиса Шишигина, «Айар абылаҥ» түмсүү чилиэннэрэ, улуус, нэһилиэктэр, тэрилтэлэр салайааччылара, оскуолаҕа бииргэ үөрэммит доҕотторо, аймахтара эҕэрдэлэрин тириэртилэр.

Литература бырааһынньыга бүгүн, сарсын салҕанан барар. Олохтоохтор «Аммаҕа саас этэ», «Кэт Марсден — Айыы санаа аанньала» диэн пьесаларын Амматааҕы уонна Абаҕатааҕы народнай тыйаатырдар туруорууларыгар аан маҥнай көрүөхтэрэ. Улааппыт нэһилиэгэр Соморсунугар оҕолору, ыччаты, нэһилиэнньэни кытта көрсүһүүлэр күүтэллэр, суруйааччы айымньытынан аһаҕас уруогу ыытыахтара, пьесатыттан быһа тардыыны көрдөрүөхтэрэ.

Бу туһунан «Амма олоҕо» хаһыакка сиһилии ааҕаарыҥ.

Ааптар: Алтана Артемьева

Источник: http://ulus.media/2019/02/28/amma-a-haryshalga-anammyt-literatura-byraa-ynnyga-sa-alanna/

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *