Среда , 4 Декабря 2024

ҮС CАХА ТӨРҮӨҔЭР — ҮҺҮС ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭ

Андрей Борисов

ҮС CАХА ТӨРҮӨҔЭР — ҮҺҮС ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭ 

 

БАСТАКЫ ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭ
Алампа хоһуйбутунуу, «үүнэр-үрдүүр аналлаах, үллэр-күөрэйэр өрөгөйдөөх» сахалар буоламмыт, барыбыт өйбүтүн-санаабытын, күүспүтүн-күдэхпитин, дьулуурбутун-тулуурбутун бииргэ түмэн, олохпут-дьаһахпыт тупсарыгар, тылбыт-өспут сайдарыгар, үгэспит-тутулбут чэчирииригэр туһаайарга, ол туһугар Ил (былыргы түүрк тылыгар – холбоһон, иллэһэн олоруу) тэринэргэ Эллэй эһэбит саҕаттан дьулуһуубут күүстээх этэ.
Ол иһин 1827 сыллаахха Саха Истиэбинэй дуумата (Якутская Степная дума) тэриллэн күүскэ үлэлээбитэ, сахалар түмүстэхтэринэ элбэҕи туруорсар, ситиһэр кыахтаахтарын толору көрдөрбүтэ.
Оттон 1905 сыл тохсунньутуттан алтынньыга диэри дойду үрдүнэн буолбут өрө туруулар, маассабай стачкалар кэннилэриттэн, 1906 сыл тохсунньутугар столыпинскай аграрнай реформа содулларын утарсан Күлүмнүүр көҕүлээһининэн, «Союз якутов» ыҥырыллан, саҥа кэлбит үйэҕэ сахалар Ил тэринэргэ турунууларын кэрэһилиир бастакы бөдөҥ хамсааһын буолбута.
1908 уонна 1912 сыллардаахха сырдыкка-кэскилгэ дьулуһар эдэр интеллигенция уонна ырааҕы-киэҥи тургутар бас-көс дьон мунньустан, сахалар съезтэрэ буолбуттара, омук сайдарыгар туһуламмыт элбэх этиилэри туруорсубуттара.
Ити кэмҥэ Өксөкүлээх «Якутской интеллигенции» диэн аатырбыт суругун айбыта – ол саха омугу ХХ үйэҕэ туох куттал – моһол күүтэрин, хайдах сайдыахтааҕын ырыҥалыыр, олук уурар манифест этэ.
1917 сыл олунньутааҕы революциятын кэнниттэн, ол сыл бэс ыйыгар «Саха аймах» холбоһук тэриллэн, дьон-сэргэ саҥа тутулга талаһыытын көҕүлээбитэ. «Саха аймаҕы» кытары тэҥҥэ үөскээбит «Якутский трудовой союз федералистов» күүскэ үлэлии сылдьыбыта, экономическай суверенитет принциптэрин аан-бастаан киэҥ дьүүллэһиигэ таһаарбыта.
Дьэ онтон, 1922 сыллаахха Саха сиригэр автономнай өрөспүүбүлүкэ биллэриллибитэ – ол сахалар Бастакы Өрөспүүбүлүкэбит этэ.
Өрөспүүбүлүкэни бар дьон ылынарыгар улаханнык көмөлөспүт Алампа бэрэссэдээтэллээх «Саха омук» холбоһук 1922 сыл балаҕан ыйыгар тэриллэн, 1928 сылга диэри таһаарыылаахтык үлэлээбитэ. «Саха омук» элбэх чилиэннэрэ саҥа өрөспүүбүлүкэ правительствотыгар уонна ситэриилээх комитетыгар (парламеныгар) чилиэннэринэн анаммыттара уонна талыллыбыттара.
Көстөрүн курдук, өссө XIX үйэ бастакы анаарыттан саха омук сайдыыга дьулуһуута күүстээх этэ уонна норуот чулуу дьоно өйдөрүн ситимниир, сүбэлэрин түмэр, күүстэрин холбуур үтүө үгэстэрэ олохсуйбута.
Ол да иһин Саха бастакы Өрөспүүбүлүкэтэ хойутаабакка кэмигэр тэриллибитэ, норуокка бигэ тирэхтээх Максим Аммосов, Платон Ойуунускай, Исидор Барахов, Степан Аржаков о.д.а үлэлэрэ-хамнастара элбэх ситиһиилээх буолбута.
Бастакы Өрөспүүбүлүкэ балысхан долгуна сүүстэн тахса уһулуччулаах саха уолаттарын-кыргыттарын инники күөҥҥэ таһаарбыта, кинилэри батыһан тыһыынчанан чулуу дьон бииртэн биир күөрэйэн испиттэрэ. Кинилэр бары үлэлэрин түмүгэр Саха сиригэр олох-дьаһах таһыччы тупсубута, үөрэх, культура, медицина, наука сайдыбыттара.
Мин Күлүмнүүр, Ойуунускай, Алампа, Аммосов о.д.а тустарынан элбэх спектаклы туруорбутум, кинилэр олохторун, дьулуһууларын, ыра санааларын, кэс тылларын театр искусствотынан норуокка тиэрдибиппит.
Онон, Алампа тылынан, «урусхан уоттаах күннэргэ умуллан-самнан биэрбэтэх уруй-туску оҥоһуулаах урааҥхай саха буолабыт» диэн олох күүскэ итэҕэйэбин, хайа да уустук кэмҥэ сүһүөхпүтүн ыһыктыбат, санаабытын ыстарбат, суолбутун муннарбат эбиппит дии саныыбын.

ИККИС ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭ

Дойду политическай уонна экономическай тутула уларыйыан иннинэ Саха сиригэр хас да хамсааһын үөскээбитэ, олортон биир бөдөҥнөрө 1990 сыл бэс ыйыгар тэриллибит «Саха омук» холбоһук этэ, уонунан эрчимнээх, үрдүккэ дьулуһуулаах, далааһыннаах санаалаах дьону көҕүлээн, түмэн, мунньан, «Саха омугу» тэрийбиппитин билиҥҥэ диэри киэҥ тутта саныыбын.
«Саха омук» программатыгар да, сыалыгар да былааһы утарыы, былааска киирэр сорук туруоруллубатаҕын үрдүнэн, «Түмсүү – Сайдыы – Барҕарыы» диэн суолунан салайтарбыппыт түмүгүнэн, оччотооҕу көҕүлүүр бөлөҕүн отучча киһитэ бары кэриэтэ кэлин норуот депутаттара, правительство чилиэннэрэ, улуустар баһылыктара буолбуттара элбэҕи этэр дии саныыбын. Кинилэр ортолоругар билигин биллэр дьоннор Егор Жирков, Афанасий Мигалкин, Ульяна Винокурова, Николай Лугинов, Баһылай Харысхал, Уйбаан Николаев уо. д.а. саха бастакы президена талыллыытыгар, конституция суруллуутугар, республика суверенитетын декларациятын бэлэмнээһинигэр, омукпут өйө-санаата уһуктарыгар сүҥкэн оруолламмыттара.
1990 сыл балаҕан ыйыгар судаарыстыбаннай суверенитет декларацията ылыныллан Саха Иккис Өрөспүүбүлүкэтэ үөскээбитэ.
1992 сыллаахха «Саха омук» уонна «Саха кэскилэ» көҕүлээһиннэринэн Саха норуотун бастакы Конгреһа ыытыллыбыта.
Иккис Өрөспүүбүлүкэ долгуна эмиэ элбэх киһини инники күөҥҥэ таһаарбыта, норуоттарын иһин күүскэ үлэлииллэригэр кыах биэрбитэ. Бастакы президеммыт тула саха чулуу дьоно халыҥ хахха, төһүү күүс буолбуттара.
Иккис Өрөспүүбүлүкэбит үөскүүрүгэр, сайдарыгар ССРС народнай депутата, «Саха омук» холбоһук салайааччыта уонна министр быһыытынан сөптөөх кылааппын киллэрэргэ мин эмиэ дьулуспутум. Театр искусствотынан норуоппут сайдыылаах – үөрэхтээх, түмсүүлээх буоларыгар туруорбут элбэх спектакллэрбин, оччотооҕута олох түөрэ – лаҥкы барбыт кэмигэр, тулхатыйбат сыаннастары интеллигенция уонна көннөрү көрөөччү тирэх курдук ылыммыта, мин салайар театрбар улахан сыанабыл.
1990-с сылларга сүүнэ дойдуну дьалкыппыт ыарахан кэмҥэ, эмиэ Алампа хоһуйбутунуу, «Дүрбүөн-дарбаан күннэргэ түһэн-охтон биэрбэт төлкө түөрэх дьүөрэлээх төрүт саха төрүехтэрэ» буоларбытын көрдөрбүппүт, төрүт культурабытын, тылбытын-үгэспитин күүскэ сайыннарбыппыт.

ҮҺҮС ӨРӨСПҮҮБҮЛҮКЭ

Оттон билигин – Үһүс Өрөспүүбүлүкэ тутулла турар. Ол бырассыаһа уһун да, кылгас да буолуон сөп. Ол гынан баран, саҕахха син -биир Үһүс Өрөспүүбүлүкэ уобараһа көстүтэлиир. Биһиги инникибит уобараһа.
Билигин санааны сааһыланар, күүһү түмүнэр, бэйэ бодотун бэрээдэктэнэр кэм кэллэ. Аан дойду атыйахтыы ытыллар, үллэҥниир кэмигэр, Россия иһэ-таһа биллибэт буолан ылаттыыр түгэннэригэр, биһиги норуоппутугар, дьоммутугар-сэргэбитигэр, туох-ханнык саҥа санаалары саҕаммыт күүс-көмө буолабыт, тулхадыйбат туруктуубут?
Саҥа XXI үйэҕэ үктэнэн баран, сыыйа төттөрү чугуйар куттал үөскээтэ.
Толору политическай уонна экономическай суверенитеппыт билигин аны суох. Стратегическай суолталаах тэрилтэлэрбитин уонна активтарбытын транснациональнай корпорацияларга мүлчү ыһыгынныбыт, туран биэрдибит.
«Саамай элбэх дотацияны биһиги ылабыт» диэн, киһи дьиктиргиэх, сорохтор өссө киэҥ туттар кэмнэрэ кэлбитэ.
Норуот олоҕо ыараата, кыһалҕата элбээтэ, санаата кыараата.
Ону тэҥэ маргинализация үһүс дьыбара кэлбитэ күүскэ биллэн эрэр.
Бастакы дьыбар XIX үйэ бүтүүтүгэр уонна XX үйэ саҥатыгар баара, үөрэхтээх дьоммут туттар тыла кэм ирдэбилинэн нууччалыы этэ, ол да иһин тэрилтэлэрэ «Союз якутов», «Якутский трудовой союз федералистов» эҥин диэн ааттаахтара, Өксөкүлээх «Якутской интеллигенции» суруга нууччалыы этэ. Уонна Саха сирэ, саха омук аан дойдуга эрэ буолбакка, Россияҕа хаалыылаах территория уонна норуот этилэр, ол иһин улуу нуучча тылын уонна культуратын сыарҕатыгар олорустахпытына сайдыахпыт диэн сөптөөх санаа тарҕана сылдьыбыта.
Тоҕо ити көстүүнү «дьыбар» диибин диэтэххэ, сахалыы саҥарбат дьону «тоҥ» диэччилэр, оттон «тоҥ» уонна «дьыбар» өйдөбүллэр чугастыылар буолбат дуо?
Кэлин саха тыла үөрэхтээһиҥҥэ киэҥник туттуллуохтаах, сахалыы литература баар буолуохтаах диэн турунуу түмүгэр, саха тыла үөрэтиллэр буолбута, туттуллар эйгэтэ кэҥээбитэ, төрөөбүт тылбыт сайдыбыта, саха литературата үөскээн, чэчирээбитэ.
Иккис дьыбар 1970-с сыллартан ыла тэнийбитэ.
Ол саҕана саха тыла кэскилэ суох эбит, саха культурата хаалынньан эбит диэн сыыһа санаа олохсуйа сылдьыбыта, сайдыы төрдө нуучча эрэ тыла буолар диир дьон үксээбитэ. Оннооҕор тыа сиригэр нууччалыы кылаастарга үөрэммит, сахалыы саҥарбат, аахпат, суруйбат оҕо элбээбитэ, куоракка оннук көстүү ордук дэлэйбитэ.
1980-с сыллартан Саха театра, саха искусствота уонна литературата элбэх ситиһиилэнэннэр, аан дойдуга араас фестивалларга, конкурстарга кыайталааннар, дьон сүргэтэ көтөҕүллүбүтэ.
Оттон суверенитет кэмигэр культурабыт балысханнык сайдан, норуот өйө-санаата, бэйэтин билиниитэ уонна киэҥ туттуута уһуктаннар, иккис дьыбар кэмэ уостубута.
XXI үйэҕэ сыыйа үһүс дьыбар кимэн эрэр.
Ону саха үксэ куоракка тоҕуоруста, ол иһин саха тылын суолтата мөлтөөтө диэн эрэ быһаарар сыыһа.
Эмиэ урукку курдук, «аан дойду сайдыытыттан хаалан эрэбит, тылбыт уонна культурабыт архаика эбит» диэн өйдөбүл оҕо-ыччат ортотугар тэнийэн эрэр. Кинилэр эйгэлэрэ барыта нууччалыы уонна английскайдыы буолла – интернет, компьютернай оонньуулар, ютуб эҥин.
Бу үһүс дьыбар уруккулардааҕар ордук кутталлаах, ыччакка олус популярнай «Бүрүстүөллэр оонньуулара» диэн кинигэҕэ уонна сериалга этиллэрин курдук, Winter is coming – «Кыһын ыкта».
Кэмигэр орооспотохпутуна – ахсым дьыбардаах Кыһын кэлэн тылбытын, культурабытын, туспа суоллаах-иистээх омук быһыытынан сайдар кэскилбитин тоҥорон кэбиһиэ.
Дьыбары утары хайдах туруулаһабытый?
Кыра оҕо биэс сааһыгар диэри тылын эйгэтэ үөскүүр, оттон уон сааһыгар диэри дириниир. Онтон кыра оҕолор үксүн мультфильмнары көрөн, компьютернай оонньуулары оонньоон улааталлар, ол иһин ити эйгэҕэ саха тылын, саха культуратын, Олоҥхобутуттан саҕалаан, күүскэ киллэрэргэ үлэлэһиэхтээхпит.
Оттон салгыы аны ыччакка саха культурата хаалынньаҥа суоҕун, сайдыылаах дойдуларга биһирэнэрин, аныгы цифровой культураҕа туспа уратылаах эрэ норуот атын омуктар болҕомтолорун тардарын көрдөрүөхпүтүн наада.
Ол аата, мин санаабар, саха культуратын уонна искусствотын өссө үрдүк чыпчаалга таһаарыахха наада, холобура, Олоҥхо театрын аата-суола улуу театральнай үгэстэрдээх дойдуларга – Кытайга, Грецияҕа, Японияҕа биллэр буолан эрэр. Олоҥхону батыһан культурабыт атын да көрүҥнэрэ аны аан дойду таһымыгар тахсан иһиэхтэрин сөп.
Учуонайдар этэллэринэн XIX геополитика, XX үйэ – геоэкономика, XXI – геокультура үйэлэрэ.
Биһиги культура эйгэтигэр билигин Россия республикаларыгар лидер буолан, инники күөҥҥэ иһэбит – дойдуга бастакы уон ахсааныгар киирэбит. Ону ааһан, аны аан дойду сайдыылаах цивилизацияларыттан хаалсыбат сорук туруорунуохтаахпыт. Оччоҕо эрэ омук быһыытынан салгыы сайда туруохпут. Ыһыктынан кэбистэхпитинэ – эстэбит.
Өрөспүүбүлүкэбит саҥа салалтата итинник тирээн кэлбит соруктары толору өйдүүрэ, дьон байылыат олохтонорун хайдах ситиһэри быһаара сылдьара элбэх дьоҥҥо эрэх-турах санааны үөскэтэр.
Быйыл сомоҕолоһуу сыла биллэриллибитинэн историябыт ситимэ быстыбатын кэрэһэтин тутуһан, саха бастакылара норуот бүттүүн талбыт Ил Дарханын Айсен Николаев туруорбут стратегическай сыалларын – соруктарын тула мустан түмсүөххэйин, туруулаһыаххайын, халыҥ хахха буолуоххайын.
Аан дойдуга тэнийэн эрэр цифровой экономикаҕа күүскэ киирэн үлэлэһэр, сотору үөскүөхтээх Төрдүс промышленнай революцияҕа бэлэм буолан тиийдэхпитинэ, маргинализация дьыбарын тулуйдахпытына – дьэ ол буолуо этэ сайдыылаах Үһүс Өрөспүүбүлүкэлэммит тэҥэ диэн.
Алампа тылларынан түмүктээтэххэ, «Өрөгөй талаан үктэллээх… ньыгыл дьылҕалаах» сахалар буоламмыт, кэскилбит кэҥээтин, сайдан иһэр аартыкпыт дьэҥкэ, чопчу буоллун.

Андрей БОРИСОВ

КЫЫМ хаЬыат, олунньу 14 кунэ

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *