Четверг , 10 Октября 2024

Рота хамандыыра хапытаан Хаабыһап

к-22-5-3-14-ilovepdf-compressed (1)

Дьокуускайдааҕы педагогическай институт саха тылын уонна литературатын салаатын 1956 сылга бүтэрэн, Мэҥэ Хаҥалас оройуонун Матта, Төҥүлү, Балыктаах орто оскуолаларыгар өр сылларга үлэлээбит РСФСР норуотун үөрэҕириитин туйгуна, СӨ Үөрэҕин министиэристибэтин «Учууталлар учууталлара» бэлиэтин хаһаайына, Мэҥэ Хаҥалас улууһун бочуоттаах гражданина Парасковья Прокопьевна Габышева 80 сааһын ааһан, Дьокуускайга бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор.

Хаабыһаптар төрүттэрэ сыылкаҕа кэлбит Муус Маччыыка (Мальчишка) эбит. Наһаа үлэһит, күүстээх-уохтаах дьон сирдэрин-уоттарын күрүөлээн-хаһаалаан, сылгы, ынах ииттэн, сэрии иннинэ «Халыҥ Хаабыһаптар» диэн аатыран олорбуттар. Уоттаах сэрии холоруга хас биирдии ыал Хаабыһаптан 2-3 киһини, барыта холбоон 15 Хаабыһабы, кыргыс толоонугар сөрөөн илдьэ барбыт. Кинилэртэн аҥаардара Ийэ дойду көмүскэлигэр тыыннарын толук уурбуттар.

Парасковья Прокопьевналаах тоҕус бииргэ төрөөбүттэр эбит. Саамай улаханнара Петр Прокопьевич 1916 сыллаах төрүөх. Кини Төҥүлү 7 кылаастаах оскуолатын бүтэрбит. 1931 сылтан хомсомуол чилиэнэ. Саха бастыҥ ыччатын кытта баҕа өттүнэн баран, Алдан көмүһүн хостооһунугар үлэлээбит. 1937-1938 сс. саха харса суох санаалаах уолаттарыныын Дьокуускайга Байыаннай национальнай оскуолаҕа (ЯНВШ) үөрэммит. Кыраайы үөрэтээччи, САССР үтүөлээх геолога Константин Гурьев 2005 с. таһаартарбыт «Воспитанники ЯНВШ в боях и в труде» диэн кинигэтин 48-с сирэйигэр «12 сентября 1938 г. приказом № 338 по ЯНВШ в числе 64-х выпускников было присвоено звание «Отделенного командира РККА» диэн суруллубут.

Пулеметчиктар отделениеларын хамандыыра буолбут сержант П.П. Габышев сэрии иннинэ дойдутугар ферма сэбиэдиссэйэ, «Социализм суола» холкуос хомсомуолларын тэрилтэтин сэкирэтээрэ, кулууп үлэтин көхтөөх тэрийээччи, көҕүлээччи.

Сэрии буолаатын кытта, оройуон комиссариата байыаннай үөрэхтээх Петр Хаабыһабы холкуостан соҕотохтуу ыҥырбыт. Барарыгар дьиэтин таһыгар миитин тэрийэн, тыл эппит. Кэлин ону истибит кырдьаҕастар «Бүөтүр сөпкө да эппит эбит» дэһэллэрэ үһү. Бука, улахан алдьатыылаах сэрии саҕаламмытын, холкуос сүөһүтүн, сылгытын энчирэппэккэ, кыайыы туһугар бары турунан үлэлииллэригэр ыҥырбыт буолуохтаах. Сураҕа суох сүппүтүн туһунан биллэриини тутан баран холкуостаахтар: «Хаарыан да киһини кырыыстаах сэрии сиэтэҕэ», – дэһиспиттэр.

Суруналыыс Иван Иванов 1995 с. таһаартарбыт «Офицеры-якутяне» диэн кинигэтин 34-с сирэйигэр суруллубутунан, Кыһыл Армияҕа 1941 сыл бэс ыйын 29 күнүгэр ыҥырыллыбыт. Хайыы-үйэ офицер званиета иҥэриллибит Габышев Забайкальскай байыаннай уокурукка уонна Уралга армияҕа саҥа ыҥырыллыбыт саллааттары пулеметчик уустук идэтигэр уһуйбут-үөрэппит. Инники кирбиигэ 1941 сыл сэтинньитигэр киирэн, Доннааҕы Ростов куоракка сэриилэспит. Ити кэмҥэ кини старшай лейтенант званиеланан, рота хамандыыра эбит. 27 чыыһылаҕа бааһыран, кылгас кэмҥэ госпитальга эмтэммит уонна инники кирбиигэ иккистээн киирбит. Сталинград куораты көмүскүүр хаан тохтуулаах кыргыһыыларга ротаны хамаандалаабыт. Бүтэһик суругар хапытаан званиеланным диэбит. 1942 сыл саҕаланыытыгар кыргыс толоонугар сураҕа суох сүппүт.

Парасковья Прокопьевна ахтарынан, убайыттан хас да сурук кэлбит эбит. Кини кыайыыга көҕүлүүр ол суруктарын холкуос бырабылыанньатыгар кытта ааҕан иһитиннэрэллэрэ үһү. Хомойуох иһин, билигин биир да сурук хаалбатах. Хапытаан Хаабыһап туһунан сурах-садьык суох. Сэриигэ барарыгар дьиэ-уот тэриммэтэх буолан, оҕо-уруу хаалбатах.

Кини бырааттарыттан Михаил Прокопьевич Габышев Саха сирин биллиилээх салайааччыта буолбута. Мэҥэ Хаҥаласка ССКП оройуоннааҕы кэмитиэтин I сэкирэтээрэ, САССР Миниистирдэрин Сэбиэтин Бэрэссэдээтэлин солбуйааччы, ССКП Саха сиринээҕи Обкомун култуураҕа отделын сэбиэдиссэйэ. Михаил Прокопьевич кэлин Саха сириттэн сэриигэ кыттыбыттары уонна тыыл үлэһиттэрин үйэтитэр «Өйдөбүнньүк» («Память») кинигэ хас да туомун таһаарсан, СӨ П.А. Ойуунускай аатынан Государственнай бириэмийэтин лауреата буолбута.

Биир быраата Анатолий Прокопьевич Габышев саха аатырбыт көҥүл тустууктарыттан биирдэстэрэ, ССРС спордун маастара. Москваҕа Киин физкультурнай институту бүтэрэн, Сунтаарга Оҕо спортивнай оскуолатын төрүттээбитэ. Кини Москваҕа үөрэнэ сылдьан, Япония аатырбыт бөҕөһө, аан дойду 1962, 1963 сс. чемпиона, 1964 сылга Токиотааҕы Олимпиада чемпиона Осаму Ватанабены кытта күөн көрсөн, очукуонан эрэ кыайтарбыта саха тустууну таптааччыларыгар уос номоҕо буолан кэпсэнэр.

Сураҕа суох сүппүт хапытаан Хаабыһап олоҕо салҕанар. Кини элбэх ахсааннаах бииргэ төрөөбүттэриттэн халыҥ аймах Хаабыһаптар үүнэ-сайда, элбии-чэчирии тураллар.

Александр ВАСИЛЬЕВ — Көрдүгэн.

Х А А Р Т Ы С К А Л А Р ГА : 1. П.П. Габышев. 2. ЯНВШ курсааннара пулемету үөрэтэллэр. Петр Габышев 2-с кэккэҕэ уҥаттан 1-кы турар.

«Кэскил» Ыам ыйын 22 күнэ

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *