Пятница , 11 Октября 2024

Тыыннаах эргиллэн … соһуталаабыта

к-1-5-6-11-ilovepdf-compressed

«Алексеев Николай Степанович, младшай сержант, Социалистическай Ийэ дойдутун иһин кыргыһыыга, байыаннай бирисээгэҕэ бэриниилээҕин уонна хорсунун көрдөрөн, 1944 сыл алтынньы 15 күнүгэр кыргыһыы хонуутугар өллө. Латвийскай ССР Военводэ сиригэр Уумали дэриэбинэттэн арҕаа воинскай чиэстээһининэн көмүлүннэ».

Полк хамандыыра илии баттаабыт „похоронка“ диэн ааттанар бу хара суруга Н.С. Алексеев бииргэ төрөөбүт быраата Е.С. Алексеевка аадырыстаммыт. Сунтаар Чакырын (билигин Күндэйэ) сэбиэтин бэрэссэдээтэлэ Мария Гаврильевна Степанова Элгээн  Көрдүгэнин дьонугар бу хара суругу көрдөрбүт, ааҕан иһитиннэрбит.

Холкуостаахтар сытыы-хотуу уолларын сүтэрэн, улаханнык хоргуппуттар. 17 сааһын саҥардыы туолбут быраат Егор Алексеев тылланан,  1944 сыл бүтүүтэ, убайын фашистартан иэстэһэ, баҕа өттүнэн армияҕа барбыт.

Кинини, сааһа кыратынан, арҕаа фроҥҥа ыыппатахтар. Забайкальскай байыаннай уокурукка алта сыл сулууспалаан, 1950 сыллаахха дойдутугар этэҥҥэ эргиллибит. Японияны утары сэриигэ «Албан Аат»  III степеннээх уордьанынан наҕараадаламмыт (2-с хаартыска).

Оттон  били «воинскай чиэстээһининэн көмүллүбүт» Николай Алексеевтаах бэрт аҕыйах буолан ордон, өстөөх төгүрүктээһиниттэн төлө көтөн, бэйэлэрин чаастарыгар ый аҥаарынан эргиллибиттэр. Кини Ильмень күөл кыргыһыытыттан саҕалаан, түөрт төгүл бааһыран, Кыайыы сырдык күнүн Венгрияҕа көрсүбүт. «Албан Аат» III степеннээх уордьанынан, икки төгүл «Хорсунун иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт (1-кы хаартыска).

Арҕаа

«Арҕаа айанныырбар Европа өрүстэрин биирин даҕаны муостанан хааман дыгыйан туораабатаҕым. Барытыгар уот-буулдьа аннынан, буруо-тараа ортотунан тоҕус сорунан, оттон-мастан тутуһан,  ууга эстибит сэнэрээт, буомба долгуна өрүтэ күөрэтэн, үксүгэр доҕотторум көмөлөрүнэн, кыл-мүччү нөҥүө биэрэги булаттаабытым. Дунай өрүһү туоруурбар табаарыстарым күлсэ-күлсэ, өрө көтөҕө сырыттын диэн, сыыҥка флягаларын сүөккүү-сүөккүү, курбар төгүрүччү бытырыыс курдук иилбиттэрэ. Син көмөлөспүтэ. Уҥа биэрэккэ этэҥҥэ тахсыбытым, биир фляга дьөлө ытыллыбыт этэ. Хаһаайыннара өлөннөр, хас да фляга ордубутун хаһаайыстыбаннай чааска туттарбытым. Ол иһин үөрүүнүөлүүнү тэҥҥэ үллэстэр нуучча чулуу уолаттарын улаханнык ытыктыыбын», – диэбит  этэ хорсун саллаат Николай Алексеев (3-с хаартыскаҕа бойобуой доҕоро Н.А. Куреекины кытта).

Эргиллии

Кини 1946 сыл сайыныгар аармыйаттан Сунтаарга кэлэн, Лоҥкур аартыгар сатыы тиийбит. Сэрии иннигэр тобугар эрэ диэри киирэн суунар Бүлүү өрүһүгэр хаайтаран хаалбыт.

Биир эмэ тыылаах киһи ааһарын кэтэһэ сатаан баран, «Оннооҕор Европа өрүстэрин уот-буулдьа аннынан туораабытым. Манна дойдубар кэлэн уутун иһэн улааппыт Бүлүүбэр өлө оонньуом дуо?» – диэт, үөһэттэн уһун сиэрдийэни соһон киллэрэн кыбынан, онтугар ботуоҥкатын, таҥаһын баайан, нэһиилэ да буоллар,  нөҥүө биэрэги булбут.

Көрдүгэҥҥэ кэлэн, Алаа Баһылайдаахха киирбитигэр соһуйуу-өмүрүү бөҕө буолбуттар. Дьонтон истиһэн, сорохтор куттанан чугуруҥнаһа-чугураҥнаһа, Баһылайдаахха киирэн, сэриигэ өлбүт киһилэрэ  тыыннаах эргиллибитин илэ чахчы көрөн итэҕэйбиттэр.

Эмиэ көһүннэ

Николай Степанович Алексеев – мин хос эһэм. Киниэхэ бастакы хос сиэн буоларбынан киэн туттабын.

Кини сэрииттэн кэлэн, Гаврильева Вера Кузьминичналыын ыал буолбуттар. Хос эбэбит аҕата Гаврильев Кузьма Никифорович сэриигэ сураҕа суох сүппүт.

Онтон Улуу Кыайыы 70 сыла үүммүт 2015 сылыгар Калуга уобалаһын Износковскай оройуонун Пинацино дэриэбинэтигэр өлбүт буойун кырамтатын булбуттар. Саллаат аадырыһын угар медальонуттан Кузьма Никифорович Гаврильев буолара биллибит.

Хос эбэм балта Фатина Кузьминична Никанорова 74 сыл буолан баран көстүбүт аҕатын уҥуоҕар тиийэ сылдьыбытын туһунан «Кэскил» хаһыат б.дь. 13 №-гэр  тахсыбыта.

Ити курдук, ынырыктаах сэриигэ хос эһэм өлбүтүн туһунан биллэрии кэнниттэн тыыннаах эргиллибитэ, оттон  хос-хос  эһэм сураҕа суох сүппүт аатыра сылдьан баран, 74 сылынан көстүбүтэ!

Үгэс

Н.С. Алексеев килбиэннээх үлэтин иһин 1971 сыллаахха Үлэ Кыһыл Знамята уордьанынан наҕараадаламмыта. Билигин  кинини 8 оҕото, 18 сиэнэ, 5 хос сиэнэ ааттатабыт.

Хос эһэм сэриини 21-с туспа хайыһар биригээдэтин байыаһынан саҕалаабыт эбит буоллаҕына, кини кыыһа, мин эбэм Вера Николаевна, ХХ үйэ 70-с сылларыгар өрөспүүбүлүкэҕэ бастаабыт, миэстэлэспит хайыһардьыт, СӨ спордун бэтэрээнэ.

Ол иһин Улуу Кыайыы 70 сылыгар киэн туттар киһибит, икки уордьан уонна икки «Хорсунун иһин» мэтээл кавалера Николай Степанович Алексеев аатыгар оҕолор уонна төрөппүттэр хайыһарга холбоһуктаах эстафеталарын тэрийэн, бириистээн ыыппыта умнуллубат.

Лилиана ГОТОВЦЕВА.

Элгээйи, Сунтаар.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *