Пятница , 6 Декабря 2024

Интирниэт ситимэ убайбытын булларбыта

к-30-1-3-14-ilovepdf-compressed-ilovepdf-compressed

 

Аҕа дойдуну көмүскүүр Улуу сэриигэ биһиги аймахтан үс киһи кыттыбыт. Хос-хос эһэбит Түмэппийи кытары бииргэ төрөөбүт Сүөдэр диэн киһи уолаттара Тутукаров Кирилл Федорович уонна Тутукаров Дмитрий Федорович. Үсүһүнэн биһиги эһэбит Тутукаров Иван Алексеевич бииргэ төрөөбүт убайа Тутукаров Михаил Алексеевич.

Кириил

Тутукаров Кирилл Федорович 1901 сыллаахха 1-кы Күүлэт нэһилиэгэр төрөөбүт. 1942 сыл бэс ыйын 27 күнүгэр сэриигэ ыҥырыллан, 83-с горно-стрелковай дивизия 248-с горно-стрелковай полкатын 3-с батальонугар 9-с ротаҕа стрелогунан сэриилэспит. Ыараханнык бааһыран, 1944 сыл от ыйын 25 күнүгэр демобилизацияламмыт. «Аҕа Дойду Сэриитэ» II степеннээх уордьанынан уонна «Германияны кыайыы иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Сэрии кэнниттэн холкуос, онтон сопхуос туруу  үлэһитэ. Байанайдаах булчут, сорсуннаах сонордьут эбит. 1984 сыллаахха өлбүт. Өссө биир-икки сыл уһуннук олорбута буоллар, 1985 сылга, Кыайыы 40 сылынан, “Аҕа Дойду Сэриитэ” I степеннээх уордьанынан наҕараадаланыа этэ…

Миитэрэй

Тутукаров Дмитрий Федорович 1920 сыллаахха 1-кы Күүлэт нэһилиэгэр төрөөбүт. Үөрэҕэ суох. Куйбышев аатынан холкуоска кыладыапсыктаабыт.  Дьоммут кэпсииллэринэн, туох да киирбит-тахсыбыт, ырыаһыт, комсомолец эбитэ үһү. 1942 сыл балаҕан ыйыгар Бүлүү военкоматынан сэриигэ ыҥырыллыбыт. Рядовой. 1942 сыллаахха Смоленскай хайысхатыгар өлбүт.  Хаарыан киһи эдэркээн сааһыгар сэрии толоонугар охтубута диэн ахталлара. “Өйдөбүнньүк” кинигэҕэ көмүллүбүт сирэ биллибэт диэн киирэ сылдьар.

Мэхээлэ

Эһэбит убайа Мэхээлэ Тутукаров 1923 сыллаахха эмиэ 1-кы Күүлэккэ төрөөбүт. 1943 сыл бэс ыйын 17 күнүгэр сэриигэ ыҥырыллыбыт. Пулеметчик эбит. Ыараханнык бааһыран, 1944 сыллаахха  демобилизацияламмыт. «Аҕа Дойду Сэрииитэ» I степеннээх уордьанынан уонна «Германияны кыайыы иһин» мэтээлинэн наҕараадаламмыт. Дойдутугар холкуоска, онтон сопхуоска үлэлээбит. Кэлин Дьокуускайга олорбута. Норуот ырыаһыта этэ, “Сайсары” ансаамбылга ыллаабыта, туойбута. 1999 сыллаахха өлбүтэ.

Булуу

Аҕабыт Юрий Иванович 2009 сыллаахха Интэриниэт ситимиттэн сэриигэ сураҕа суох сүппүт  Дмитрий Федорович Тутукаров туһунан иһитиннэриини  булбута. Аймахпыт Ленинградскай уобалас Рощино диэн бөһүөлэгэр көмүллэ сытар эбит! Онно туруоруллубут мемориальнай стелла уонна көмүллүбүт буойуннар ааттара ойо быһыллан суруллубут алта гранит таас хаартыскалара кэлбитэ.

Ыраах айаҥҥа

2012 сыл ахсынньытыгар аҕабыт Санкт-Петербург куоракка командировкаҕа барбыта. Онно таарыччы Рощиноҕа  сылдьыбыта. Ол туһунан аҕам маннык кэпсээбитэ:

– Мин Санкт-Петербурга кууруска үөрэммитим. Ол быыһыгар Интэриниэт ситиминэн Рошиноҕа тиийэр суолбун үөрэттим. Өрөбүлбэр баран кэлэргэ быһаарынным. Сарсыардаттан Финляндскай тимир суол вокзалыгар тиийдим  уонна электричканан айаннаатым. Финскэй хомо кытыытынан сытар ырыаҕа ылланар Комарово уонна Рощино диэн улахан бөһүөлэктэр эбиттэр. Сүүрбэттэн тахсалыы тыһыынча киһилээхтэр үһү. Айаннаан иһэн,  салгыы хайдах барабын диэн толкуйга түстүм. Арай электричка түннүгүттэн вокзал кэннигэр такси бөҕө кэчигирээн турарын көрөн, таксистар булан илдьиэхтэрэ диэн үөрэ санаатым. Рощино сиригэр үктэнээт, бастаан вокзалга киирэн, төннөр электричкам бириэмэтин чопчуластым. Онтум үс чааһынан кэлэн ааһарын билэн,  таксиларбар бардым.

Онтум баара, таксиларым бары баран хаалбыттар. Арай биир эргэ соҕус көрүҥнээх “Москвич”  массыына турар. Эбиитин суоппара, мин көрдөхпүнэ, Кавказ омуга олорор. Санаам түһэ быһыытыйда, ол да буоллар, сирэрим-таларым суох буолан, тиийэн ыйыттым. Киһим сэрии саҕанааҕы мемориал биир эрэ баар, таҥара дьиэтин таһыгар, мантан ырааҕа суох диэтэ.

Мин  илдьэн баран, төттөрү аҕалар гына кэпсэттим. Массыынаҕа олордум, айаннаатыбыт. Киһим туохха кэлбиппин ыйытар. Мин аймаҕым көмүллэ сытар сирин буламмын,  Саха сириттэн кэллим диэбиппэр, оччо ыраах сиртэн уонча эрэ мүнүүтэ буолаары кэллиҥ дуо диэн соһуйда. Уон биэс мүнүүтэ курдук айаннаан тиийдибит, киһим: «Шаманить будешь да?» – диэн  ыйытта. Мин сиэр-туом оҥоробун диэтим.

Били Интэриниэт ситимиттэн ылбыт хаартыскабар көрбүт мемориальнай стеллам суол нөҥүө турар эбит. «Слава Героям, павшим в борьбе за свободу и независимость нашей Родины!» диэн суруктаах. Хаарын күрдьэллэр, көрөллөр-харайаллар эбит. Мин  гранит таастан аймаҕым Тутукаров Дмитрий Федорович аатын буллум уонна сиэри-туому оҥордум. Кэлбит сыалбын ситэн-хотон, массыынабар кэллим.

Киһи киһитэ

Били маарыын Кавказтан  уһун солкуобайы сырсан кэлбит дии санаабыт суоппарым букатын атын киһи буолан биэрдэ. Төрүт олохтоох цыган киһитэ билиҥҥи Рощино, уруккута Райвола диэн ааттаах финскэй дэриэбинэ саҕанааҕы историятыттан саҕалаан, финн фельдмаршала Маннергейм элбэх саллаат тыыныгар турбут туох да кыайбат диэн ааттанар бөҕөргөтүүлээх оройуонун туһунан элбэҕи кэпсээтэ.

Биһиги Миитэрэйбит бу бөҕөргөтүүлээх оройуону ылар иһин кыргыһыыга сырдык тыына быстыбыт. Мин барыам иннинэ Рощино туһунан ааҕан тугу билбиппин барытын бигэргэттэ, ону таһынан ыйытыыларбар толору хоруйдаабытын мин видеоҕа устан ыллым.

Киһи төрөөбүт-үөскээбит сиригэр, дойдутугар сыһыана омугуттан тутулуга суоҕун, быстах эбэтэр олохсуйан олорор диэннэр атын-атын эбиттэрин чахчы итэҕэттэ. Киһим эбиитин Кыайыы күнүгэр мин аймахпар сибэкки дьөрбөтө ууруох буолан, электричканы кэтэһиннэрбэккэ, “Просвещение” диэн метро станциятыгар тиийэр оптуобуска олордон биэрдэ.

Дьэ, табыллыы диэтэҕиҥ. Үрдүк айыыларым элбэх такситтан анаан-минээн кинини эрэ хаалларан, миигин көрүһүннэрбиттэр эбит. Инньэ гынан, киэһэ эрдэ гостиницабар кэллим.

Сураҕа суох сүппүт ытык киһибит  көмүс уҥуоҕа хараллыбыта, аата ааттанан сытара биһиги аймаҕы улаханнык үөрдүбүтэ.

Тускулаана ТУТУКАРОВА, Бүлүү гимназията.

ХААРТЫСКАЛАРГА: 1. Сэриигэ кыттыбыт ытык дьоммут сырдык мөссүөннэрин тутан турабыт. 2. Интэриниэт ситимиттэн көмүс уҥуоҕа көстүбүт  Дмитрий Федорович Тутукаров.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *