Среда , 4 Декабря 2024

Пааматынньыкка — хос эһэм аата

к-13-3-6-11

Быйыл олунньу 23 күнүгэр Ильмень күөлгэ кыргыһыы 75 сылын бэлиэтээтибит. Бу алдьархайдаах кыргыһыы кыттыылааҕа, түөрт уордьаннаах биир дойдулаахпыт Иннокентий Петрович Канаев төрөөбүтэ 100 сылыгар аналлаах “Кэскил” хаһыат сүлүөтэ Чычымахпыт оскуолатыгар ыытылынна.

Мин ийэбинэн хос эһэм Куприянов Ефрем Семенович Ильмень күөл кыргыһыытыгар кыттыбыта. Кини, баара буоллар, 105 сааһын туолуо этэ…

Ефрем Куприянов сэриигэ 1942 сыллаахха ыҥырыллыбыт. Урал хайаларын аннынааҕы Вершет лааҕырга байыаннай үөрэҕи барбыт. Хайыһарынан сылдьарга, бэргэнник ытарга үөрэппиттэр. Ротатын хамандыыра старшай лейтенант Хворгарин диэн эбит. Оттон батальоннарын капитан Винокуров хамаандалаабыт.

1943 сыл олунньу 22 күнүгэр 19-с хайыһар биригээдэтэ Ильмень күөлгэ тиийэн кэлбит. Өстөөх күөл нөҥүө баар диэбиттэр эрээри, уҥуоргу кытыл олох көстүбэт тумана үһү. Кэлин билбитэ, ыраас, чаҕылхай да күҥҥэ нөҥүө өттө көстүбэт 45 биэрэстэ усталаах, 35 биэрэстэ туоралаах, 10-ча миэтэрэ дириҥнээх улахан байҕал эбит!

Ол түүн күөлү туоруурга бирикээс бэриллибит. Барыларыгар “наркомовскай” диэн ааттанар курууска аҥаардыыта испиири түҥэппиттэр, сүгэ сылдьар паектарыттан килиэп, кэнсиэрбэ сииллэрин көҥүллээбиттэр. Саха үгүс уолаттара, алаастарыгар сылдьан арыгы испэтэх дьон, бэйэлэрин өлүү испиирдэрин нуучча доҕотторугар биэртэлээбиттэр. Дьэ, онтон туорааһын саҕаламмыт. Хайыһаргын, хаалыккын, сэпкин-сэбиргэлгин сүгэ сылдьаҕын, тугу да сүтэриэ суохтааххын. Киэһэттэн быһа хааман, сарсыарда халлаан сырдыыта нөҥүө биэрэк көстүбүт.

Бу кэмҥэ өстөөх сөмөлүөттэрэ көтөн кэлэн, ынырыктаахтык буомбалаабыттар. Халыҥ муус күөрэ-лаҥкы баран, дьон бөҕө ууга түспүт. Мин хос эһэм уонча хаамыы иннигэр буомба эстэн, муустаах уу өрө күөрэс гынан тахсыбыт, сонно тута үс киһи биирдэ мэлис гыммыт. Тула өттүгэр, ити курдук, өлүү-сүтүү, үөгүү-хаһыы бөҕө. Быыһанар сир биэрэк эрэ буолбут. Ордубуттар харса суох биэрэк диэки түһүммүттэр. Аны онтон күүстээх уотунан көрсүбүттэр. Эһэм эрэйдээх туох баар күүһүнэн сүүрэн, биэрэккэ отой чугаһаабытыгар, иннигэр уот күлүм гыммыт, туох эрэ олус ыарахан күүскэ саайбыт…

Буулдьаҕа таптарбатахтар, чэпчэкитик бааһырбыттар, атахтарыгар уйунааччылар, хойутаабыт “Отходить!” диэн хамаанда кэнниттэн, төттөрү чугуйан, сорохтор сүксүһэн, сорохтор өйөһөн, өлөн-быстан, бэйэлэрин биэрэктэрин нэһиилэ булбуттар. Биир-икки суукканан кэлбэтэх дьону, подразделение испииһэгиттэн көрөн, барыларын өлбүтүнэн аахпыттар уонна донесениеҕа оннук бэлиэтээбиттэр, дойдуларыгар “хара суругу” ыыппыттар.

Оттон ол кэмҥэ мин хос эһэм Ефрем Куприянов дөрүн-дөрүн өйдөнөн, кэлин билбитэ, атаҕын тосту ыттарбыт, илиитигэр, сүнньүгэр таптарбыт эбит! Ыараханнык бааһыран, хаан-билик буолан, аҥаар илиитинэн далбаатыы сатыы сыттаҕына, ньиэмэстэр кэлэн, билиэн ылбыттар.

Эһэм ханна-ханна сылдьыбытын үчүгэйдик өйдөөбөт. Биир кэм, бэккэлээтэҕинэ, поезка ыга симэн уонна туой сатыы хаамтаран, атын-атын лааҕырдарга көһөрөн иһэллэр эбит. Арай ньиэмэстэр наар кырбыылларын, атаҕастыылларын, олох аһаппаттарын, күүскэ үлэлэтэллэрин үрдүнэн, дьонун, дойдутун ахтара бэрдиттэн, ол ыра санаа күүһүнэн, хата, тыыннаах ордубут.

Россия Оборуонаҕа министиэристибэтин архыыбыттан ылыллыбыт докумуоҥҥа суруллубутунан, Куприянов Ефрем Семеновиһы Эстония Виляндей куоратын балыыһатыгар эмтээн, атаҕар туруоран, Двинскай куоракка билиэннэйдэр лааҕырдарыгар аҕалбыттар. 1943 сыл балаҕан ыйын 21 күнүттэн 1944 сыл ыам ыйыгар диэри Крейзбург куоракка саахар собуотугар үлэлэппиттэр. Ити “саахар” диэн эттэххэ минньигэс. Дьиҥинэн наар буор хастараллара, таас тастараллара. Онтон Ковно, Шауляй куораттар лааҕырдарын кэнниттэн Нюрнберг куорат концентрационнай лааҕырыгар бырахпыттар. Күн аайы хастыы эмэ сүүс киһи өлөрүн крематорий оһоҕор уматаллар эбит. Мин хос эһэм дэлби ыран, нэһиилэ 45 кг ыйааһыны хапсан, крематорийга ыытыллыбатах. Ол оннугар дэлби сынньа-сынньа, наар хаппыыста буспут кураанах уутун иһэрдэ-иһэрдэ, 1944 сыл балаҕан ыйыттан 1945 сыл муус устар ыйыгар диэри Гильпольстайн фабрикатыгар үлэлэппиттэр.

Лааҕыр олоҕуттан биир түгэни кэпсиир эбит. Ньиэмэстэр эт, балык кэнсиэрбэтин сиэн баран, тобоҕор мас көөбүлүн булкуйан толорбут бааҥкаларын билиэннэйдэргэ быраҕаллар. Ону хоргуйан өлөөрү сылдьар эрэйдээхтэр былдьаһа-былдьаһа сиэн, күөмэйдэрэ бааһыран, ас барбат буолан, сордонон өлөллөрө үһү.

Хос эһэм өлөр күнэ төһө хаалбытын ааҕа нэһиилэ сырыттаҕына, 1945 сыл муус устар 24 күнүгэр лааҕырдарын Америка саллааттара ылбыттар. Онтон сэбиэскэй сэриилэргэ бэриллэн, хос-хос бэрэбиэркэ, доппуруос, боппуруос бөҕөнү баран, билиэҥҥэ түбэһэригэр буруйа суоҕа бигэргэтиллэн, от ыйын 2 күнүгэр доруобуйатын туругунан, армия кэккэтиттэн босхоломмут. Хата, сэбиэскэй саллаат аатын-суолун толору чөлүгэр түһэрбиттэр. 1945 сыл балаҕан ыйын 2 күнүгэр дойдутугар эргиллэн кэлэн, барыларын соһуталаабыт уонна үөрдүбүт. 1943 сыл сааһыгар кини сэриигэ өлбүтүн туһунан биллэрии кэлбит эбит!

Ол да иһин Ильмень күөл кытылыгар туруоруллубут пааматынньыкка өлбүт саллааттар ортолоругар мин хос эһэм аата сурулла сылдьар. Аны туран, ыстаап суруксутун сыыһатынан, баҕар, дьолго буолаарай, аата Ефим диэн сыыһа суруллубут.

Оттон Ефрем Семенович Куприянов ньиэмэс кыыллыы дьайыытыгар бэриммэккэ, өлөрү кыайан, билиэннэйдэр лааҕырдарыттан тыыннаах эргиллэн кэлбитин иһин, сэбиэскэй бырабыыталыстыбаттан “Кыһыл Сулус” уордьанынан, “Германияны кыайыы иһин” мэтээлинэн наҕараадаламмыта. Покровскайга, Өлүөхүмэҕэ үлэлээбит. Онтон кэргэнэ Ларионова Евдокия Романовна дойдута Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕайыгар көһөн кэлбиттэр. Кинилэр сэттэ оҕолонон, барыларын атахтарыгар туруоран, элбэх сиэннэнэн, хос сиэннэнэн баран, бу атааннаах-мөҥүөннээх орто дойдуттан барбыт.

Ильмень күөл кыргыһыытыгар охтубут саха буойуоннарыгар сахалыы ураһа быһыылаах пааматынньык 2000 сыл ыам ыйын 19 күнүгэр туруоруллубута.

Ким да умнуллубат, туох да умнуллубат!

Дьулусхан НЕУСТРОЕВ, VIII кылаас.

Чычымах, Таатта.

ХААРТЫСКАҔА: Ильмень күөлгэ пааматынньык.

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *