Пятница , 11 Октября 2024

Кыргыһыы бойобуой сурунаалыттан

к-13-2-6-11

Тохсунньу 31 күнүгэр 1943 сыллаахха дивизия докумуонугар итинник кылгас быһаарыы суруллубут. Ол аата 75 сыл анараа өттүгэр кыргыһыы хонуутугар биллибит чахчы итиччэ эрэ.

Бүгүн биһиги бу ыспыраапканы эбии ситэрэн-хоторон биэрэбит.

Константин Васильевич Филиппов атырдьах ыйын 16 күнүгэр 1915 сыллаахха төрөөбүт. Үөһээ Бүлүү Намыттан төрүттээх. Орто үөрэхтээх. Дьокуускайга олорбут, үлэлээбит.

Сэрии саҕаламмытыгар куораттааҕы байыаннай комиссариат ыҥырыытынан бастакы хомуурга барбыт. Омскайдааҕы иккис байыаннай пехотнай училищеҕа алын сүһүөх хамандыырдар куурустарыгар үөрэппиттэр. Сержант, взвод хамандыырын көмөлөһөөччүтэ диэн дуоһунастаммыт.

Училищены бүтэрээт, фроҥҥа тиийэр. 27-с гвардейскай стрелковай дивизияҕа.

Бу дивизия сүрүн састааба 75-с туспа морской стрелковай биригээдэ этэ. М. Фрунзе аатынан уонна Каспийскайдааҕы морской училищелар курсаннарыттан, муора үлэһиттэриттэн сүүмэрдэммит күүс.

75-с морской биригээдэ сэрии саамай ыарахан учаастактарыгар сылдьыбыта. Хорсунун иһин 1942 сыл олунньутугар 3-с гвардейскай стрелковай биригээдэ аатын ылар. Ыам ыйын 21гэр 1942 сыллаахха 27-с гвардейскай дивизияҕа кубулуйбута. Дивизия хамандыыра полковник Виктор Сергеевич Глебов буолбута.

Саҥа тэриллибит дивизияны бастаан утаа 1-кы гвардейскай аармыйа иккис эшелонугар тутан олорбуттар. Онтон фельдмаршал Паулюс аармыйата Дон өрүһү туораан тахсыытынан, дивизияны суһаллык 4-с тааҥкабай аармыйаҕа холбообуттара. Песковати сэлиэнньэ уонна Вертячай хутор икки ардынааҕы тоҕо көтүүнү бүөлэтээри, онно быраҕаллар.

Дивизия оччотооҕу бойобуой сурунаала онуоха манныгы кэпсиир. Атырдьах ыйын 23-25 күннэригэр фашист 384-с дивизиятын икки полкатын, 305-с дивизия икки батальонун, 19 тааҥканы, 2 бронемашинаны, 10 массыынатын гвардеецтар суох оҥорбуттара. Бу ситиһии кэнниттэн дивизия кимэн киирэр бирикээһин тутар.

26-с чыыһыла буолар түүнүгэр 1 чааска кимэн киирии саҕаланар. Подполковник Григорий Емельянович Осичкин хамандыырдаах 74-с гвардейскай стрелковай полк бөҕөргөтүүнү бастакынан көҥү көтөр. Аллараа Гниловскай соҕуруулуу, соҕуруулуу илин, соҕуруулуу арҕаа өттүн бүтүннүү босхолуур уонна ити кирбиини бүөлүүр.

Халлаан суһуктуйаатын кытта сарсыарда 5 чаастан өстөөх авиацията харса суох буомбалыыр. 50-чаҕа тиийэ сөмөлүөт салгынтан саба түһэр. Дьоҕус хутортан туох да ордубат. Сири кытта сир, буору кытта буор буолан хаалар.

Салгынтан саба түһүү кэнниттэн 6 чаас 40 мүнүүтэҕэ ньиэмэстэр биир батальоннара атаакалыыр. Маны төттөрү охсубуттарын кэннэ, өстөөх иккис батальона турар. Түөрт тааҥкалаах. Оттон өстөөх үһүс атаакатыгар сэттэ тааҥкаланар. Инньэ гынан, 11 тааҥканы, тыһыынча кэриҥэ ньиэмэс саллаатын утары соҕотох полк сууккаттан ордук туруулаһар. Элбэх сүтүктэнэр. Онон, күнүс 3 чаас ааһыыта туох да бирикээһэ суох, төттөрү чугуйарга күһэллибитэ. Бу кыргыһыыга 25-с гвардейскай рота сүрүн күүстэн быстан хаалбыта. 60 киһи сураҕа суох сүппүтэ.

Олор ортолоругар Константин Васильевич Филиппов эмиэ.

Анатолий ПАВЛОВ Дабыл

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *