Вторник , 5 Ноября 2024

Андрей Борисов: «Аҕа дойдуга сулууспалааһын — хааммытыгар баар»

Андрей Борисовы бар дьоно, аат-суол өттүнэн балачча бэлиэтэммит киһинэн ааҕара чахчы. Онон, бу күннэргэ кини Бэрэсидьиэн Путин илиититтэн «Аҕа дойду иннигэр үтүөлэрин иһин» уордьанын тута Москвалаабыт үһү, диир буоллахтарына, истэригэр баҕар, «бааттаах киһи уочараттаах наҕараадатын ыла барда», диэн эрдэхтэрэ… Ол эрээри, арай эҕэрдэлээри төлөпүөннээбиппэр, Андрей Саввич: «Бу — мин аан бастакы наҕараадам!» — диэн соһутта. 

— Кырдьык, бу мин аан бастакы наҕараадам! Атыным барыта — айар үлэбинэн ситиһиллибит аат-суол буоллаҕа! — диир кини. 

— Саамай интэриэһинэйэ — эн бары Бэрэсидьиэннэртэн үрдүк аакка-суолга тикситэлээбит эбиккин дии… Михаил Горбачев — ССРС Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреатын, Борис Ельцин — Российскай Федерация Судаарыстыбаннай бириэмийэтин лауреатын, Дмитрий Медведев — Россия искусствотын үтүөлээх деятэлин, Владимир Путин — Россия норуодунай артыыһын, Михаил Николаев бириэмэтигэр Саха Өрөспүүбүлүкэтин искусствотын үтүөлээх деятэлэ этин, Вячеслав Штыров — Өксөкүлээх Өлөксөй аатынан Судаарыстыбаннай бириэмийэ лауреатын, Егор Борисов — Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах гражданинын үрдүк ааттарын иҥэрдэхтэрэ. 

— Оннук. 

— Андрей Саввич, оччотугар, «Аҕа дойду иннигэр үтүөлэрин иһин» уордьанынан наҕараадаланыыҥ эйиэхэ ураты суолталаах, улахан үөрүүлээх буоллаҕа… 

— Биллэн турар, үөрүүлээх уонна долгутуулаах. Бастатан туран, аҕам, Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун хаһаайыстыбатын үтүөлээх үлэһитэ Савва Егорович Борисов билигин баара эбитэ буоллар, дьэ, кини улаханнык үөрүөх, киэн туттуох этэ. Тоҕо диэтэххэ, «Служение Отечеству!» — «Аҕа дойдуга сулууспалааһын» — диэн өйдөбүл биһиги Барыыһаптар аҕа ууспутугар урут-уруккаттан үрдүктүк тутулларын билэбин. Биһиги оҕо эрдэхпититтэн оннук тыыҥҥа иитиллибиппит. Төрүттэрбит Ыраахтааҕы саҕаттан судаарыстыбаҕа сулууспалаан кэллэхтэрэ… Аҕам « Причастность к великой России» диэн анал ыстатыйалаах, онно барытын сиһилии суруйбут эбит. 

— Савва Егорович ол ыстатыйатын аахпыттааҕым ээ, быһыыта. Онно миэхэ, түҥ былыргыттан Барыыһаптар судаарыстыбаҕа элбэҕи туһалаабыт, туһалыыр, бас-көс дьон эбит, диэн өйдөбүл үөскээбитэ… 

— Буолуо, аҕам ордук кэлин сааһыран да баран, хаһыаттарга мэлдьи суруйара, олоххо актыыбынай позициялаах оҕонньор этэ.

Оттон мин бу наҕараадабар — «За заслуги перед Отечеством!» уордьаным нөҥүө өттүгэр «Польза. Честь. Слава» диэн олус дириҥ ис хоһоонноох тыллар суруллубуттар.

Зинаида Пантелеймоновна, кинини дьон бары «Быраас Сиинэ» диэн ааттыыра, олус да истиҥник үөрүөх этэ. Кини сэбиэскэй Саха сирин бастакы анал үөрэхтээх эмчиттэриттэн биирдэстэрэ. Худуоһунньук Афанасий Осипов «Изгнание шамана» диэн хартыынатыгар маҥан халааттаах эмчити ийэм: «Бу оруобуна мин турабын дии!» — диирэ.

Ийэм кэпсииринэн, арааһа, 2-с дуу, 3-с дуу кылааска үөрэнэ сырыттахпына, кини миэхэ Ленин уордьанын көрдөрбүт: «Бу — эһэҥ уордьана!» — диэн. Эһэм Пантелеймон Расторгуев Саха сиригэр биллэр-көстөр киһи этэ. Максим Аммосовы, Платон Ойуунускайы кытта семинарияҕа бииргэ үөрэммит, туспут хаартыскалара баар. Оччолорго Саха сиригэр түөрт Ленин уордьана кэлбититтэн, биир бастакынан мин эһэм наҕараадаламмыт. Ону мин, эһэм уордьанын түөспэр сыһыары тутан көрө-көрө, «Мин эмиэ уордьаннаныам!» — диэбит үһүбүн. Онуоха бары, ийэм, аҕам: «Маладьыас!» — дии-дии күлбүттэр…

Онон, Аҕа дойдуга сулууспалааһын диэн биһиэхэ хааммытыгар баар. Мин, өбүгэлэрбин удьуордаан, Аҕа дойдубар сулууспалаабытым, сулууспалыыбын уонна өссө даҕаны сулууспалыаҕым!

…Дьэ, үөрүүлээх күммэр, саамай кылаабынай дьоммун санаатым. Учуутал, партийнай, сэбиэскэй үлэһит аҕабын, эмчит ийэбин. 

— Андрей Саввич, норуот эйигин саха биир бастакы пассионарийа диэн мээнэҕэ сүрэхтээбэтэх буолуохтаах. Оттон пассионарийдар, улуу полководецтары да ылан көрдөххө, былыыр-былыргаттан, бэйэлэрэ батыһааччылардаах, утумнааччылардаах буолаллар. Эйиэннэрэ кимнээҕий? 

— Оттон мин үөрэнээччилэрим бары кылаабынай режиссердар дии! Руслан Тараховскайы да ылан көр — Саха тыйаатырын сүрүн режиссера, Андрей Габышев — Мирнэй тыйаатырын төрүттээбит киһи, Сюзанна Ооржак — Тыва тыйаатырын кылаабынай режиссера, Алтай, Хакассия тыйаатырдарын сүрүн режиссердара эмиэ мин үөрэнээччилэрим. Олоҥхо тыйаатыра — бу бары мин айар үлэбин утумнааччыларым буолаллар диэн толкуйдуубун.

Сахабыт сирин тыйаатырдара салгыы сайдан иһэллэр. Ол баар үчүгэйэ, санааны көтөҕөрө! Былатыан Ойуунускай аатынан Саха тыйаатыра түөрт «Көмүс мааскалаах»! Бу биһиэхэ театральнай Оскарбыт буоллаҕа. Биир кэмҥэ «Көмүс мааскаҕа» Саха Өрөспүүбүлүкэтиттэн 3 тыйаатыр номинацияланан турар. Россияҕа 1000-чаҕа чугаһыыр тыйаатыр баар, онтон куонкуруска 40-чата эрэ киирэр. Оттон биһигини санаан көрүҥ — биир регионтан 3 тыйаатыр! Аны итинник үйэҕэ биирдэ буолара дуу, суоҕа дуу… Дьэ бу дьикти!

Биһиги салгыы бара турабыт. Саха тыйаатырыттан Опера, Эстрада, Үүнэр көлүөнэ тыйаатыра, Олоҥхо тыйаатыра — бары тахсыбыттара. Биһиги ХХ үйэ устата үлэлээн-үлэлээн, Олоҥхо тыйаатырын үөскэттибит! Олоҥхо тыйаатыра 9 сыл иһигэр Францияҕа, Японияҕа, Кытайга тиийэр, «Көмүс мааскаҕа» кыттар. Бу күннэргэ эмиэ үөрүүлээх сонун кэллэ — Бэдьээлэ «Дьырыбына Дьырылыатта» олоҥхотунан испэктээгинэн Олоҥхо тыйаатыра «Көмүс мааска» номинана буолла. Тыйаатыр сыллата Олоҥхо ыһыаҕын тэрийэр. Ньурба тыйаатыра, ТЮЗ — ханнык баҕарар дойдуга тиийэн, көрөөччүнү соһуталлар, фестиваль арыйыыта буолаллар. Мирнэйдэр мюзикл туруораллар. Аны туран биһиэхэ «площаднай», «стадионнай» тыйаатыр диэн үөскээтэ. Бу манныгы тыйаатыр эрэ барыта кыайар буолбатах. Онон, култуура нөҥүө биһиги сайдыыны түстүүбүт. 

— Быйыл үбүлүөйдээх сыл. Судаарыстыбаннай сүбэһит быһыытынан эн, Андрей Саввич, өрөспүүбүлүкэбит инники дьылҕатын хайдах көрөҕүн? 

— Билигин «новейшай» дэнэр историяҕа Саха Өрөспүүбүлүкэтэ III түһүмэҕэр сылдьар. Маҥнайгы түһүмэҕи, 20-с сылларга автономия үөскээһинин — Бастакы Өрөспүүбүлүкэ диэн ааттыахха сөп. Кини тутаах киһитэ, Максим Аммосов быйыл төрөөбүтэ 120 сылын туолар. Автономияны ылыныы Өрөспүүбүлүкэ судаарыстыбаннаһа үөскээһинигэр тирэх буолбута. Мин ити тиэмэҕэ, «Возвращенные имена» диэн ааттаан Былатыан Ойуунускай, Исидор Бараахап, Алампа, Күлүмнүүр, Ылдьаа Винокуров уо. д.а. тустарынан элбэх испэктээги туруордаҕым…

Онтон — Иккис Өрөспүүбүлүкэ, 90-с сылларга суверенитет биллэриллиитэ, саҥа Саха Өрөспүүбүлүкэтин үөскээһинэ. Иккис Өрөспүүбүлүкэ тутаах киһитэ Михаил Николаев быйыл 80 сааһын туолар. Мин суверенитет ыллыллыбыт күнүттэн саҕалаан «Культура становления государственности» диэн политиканан култуура министерствотын салайан, иккис Өрөспүүбулукэ атаҕар турарыгар көмөлөспүтүм.

Оттон билигин — саҥа Россия тирэҕэ буолар Үһүс Өрөспүүбүлүкэ тутулла турар. Ол бырассыаһа уһун да, кылгас да буолуон сөп. Ол гынан баран, саҕахха син-биир Үһүс Өрөспүүбүлүкэ уобараһа көстүтэлиир. Биһиги инникибит уобараһа.

Билигин Аан дойду араастаан атыйахтыы ытыллар, үллэҥниир кэмигэр, Россия иһэ-таһа биллибэт буолан ылаттыыр түгэннэригэр, биһиги норуоппутугар, дьоммутугар-сэргэбитигэр, туох-ханнык саҥа санаалары саҕаммыт күүс-көмө буолабыт, тулхадыйбат туруктуубут? Тэрээһининэн тирэхтэниэххэ, тускулу тутуһуохха, тулхатыйбат тутаахтаныахха. Тоҕо итини этэбин диэтэххэ, 90-с сылларга «Саха омук» диэн уопсастыбаны тэрийэрбитигэр «Сайдыы», «Сомоҕолоһуу», «Барҕарыы» хайысхалары киллэрбиппит. «Саха омук» — улахан суолталаах уопсастыбаннай-политическай хамсааһын буола улааппыта. Билигин эмиэ оннук тэринэр, санааны сааһыланар, күүһү түмүнэр, бэйэ бодотун бэрээдэктэнэр кэм кэллэ. 

— Оччоҕо, хайдах дьаһанан, Үһүс Өрөспүүбүлүкэбитин атаҕар ситиһиилээхтик туруорабыт? 

— Бүгүн — олох саҥа технологиялары киллэрэр букатын атын кэм кэллэ. Экономикаҕа даҕаны улахан уларыйыылар бара тураллар. Мин санаабар, маннык кэм саамай сүрүн философията — бэйэ олоҕун бэйэ дьаһаныыта. Ханнык баҕарар ыалы да ылан көрөр курдук, атын кими да кэтэспэккэ, бэйэ быһаарыныытын ылынар, тирэхтээх буолар наада. Глобализационнай бырассыас син-биир дьайар, онно сайдыы, өй-санаа өттүнэн тэҥ буолуохтаахпыт. Уларыйыы тэтимигэр сөп түбэспэккэ хаалар, ол кутталлаах.

Биһиги аны биир тулхадыйбат сыаннаспыт — култуурабыт!

«Воля народа — к культуре!» диэн мээнэҕэ этиллибэт. Саҥа цивилизация үөскүүр — онно бэлэм буолар наада. Аан дойду култууратын контексыгар тэҥ таһымнаах киирдэхпитинэ эрэ норуот быһыытынан тыыннаах хаалыахпыт. Үһүс Республика саха норуотун этнос быһыытынан энчирэппэккэ саҥа технологиялар, цифровой экономика кэмигэр сөптөөх бэйэ миэстэтин булунууга, саҥалыы санаалаах салайааччылары күөн анньан өрө тахсыахтаах. Онуоха норуот мындыр өйө-санаата, ийэ тылын тутахсыппакка илдьэ сылдьара, бэйэтин эт эпическай култуурата төһүү буолара чахчы. Итиннэ тирэҕириэхпитин наада. Мин санаам ситинник.

Татьяна МАРКОВА

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *