Суббота , 23 Ноября 2024

Лөгөй Тойон таҥнарыахсыт этэ дуо?

Түҥ былыргы өбүгэлэр­бититтэн саҕалаан биһиги норуот бу тыйыс тымныылаах хаар-муус дойдуну баһылаан-көһүлээн, бур-бур буруо таһааран, хороҕор муостааҕы, сыспай сиэллээҕи иитэн, тыыннаах кэлбит, үүммүт-сайдыбыт олохпут дириҥ философиятынан, үс тыл: өркөн өй, ил уонна эйэ буолаллар. Оттон ити олохпут философиятын тутуспут биир улуу өбүгэбитинэн Лөгөй Тойон буолар.

Сүдү киһибит туһунан хасыһан үөрэтэр, Саха сирин духуобунаһын Академиятын чилиэнэ, общественнай-политическай деятель Афанасий Васильевич Мигалкины кытта көрсөн кэпсэтэ сырыттыбыт.

—  Афанасий Васильевич, кистэл буолбатах, улуу өбүгэбит Лөгөй Тойон биһиги норуокка оруолун, суолтатын өйдөөбөт, билбэт дьон элбэхтэр. Эн итиннэ тугу этиэҥ этэй?

—  Саха сирин Национальнай архыы­быгар 1825 сыллаахха оҥоһуллубут «О князьях» диэн паапка баар. Бастакытынан, ити паапкаҕа киирбит докумуоннарга Дьокуускай, Охотскай куораттар, о.д.а. дойду стратегическай точкаларын тутуулара Лөгөй Тойон уонна кини биир хааннаахтара быһаччы кыттыыларынан барбыттара диэн сурулла сылдьар.

Иккиһинэн, итини таһынан Лөгөй Тойон Дьокуускай куораты төрүттээһиҥҥэ, тутууга нуучча норуотун кытта иллээх уонна эйэлээх суолу тутуспута диэн ыйыллар.

Үсүһүнэн, тустаах докумуоҥҥа ытык өбүгэбит дьаһаах хомуйуутун бэрээдэктээбитин туһунан суруллар.

Ол курдук, улуу өбүгэбит Лөгөй Тойон үс сүрүн боппуруоска тохтообут. Бастатан туран, Россия геополитическай интэриэстэринэн сирэ-уота кэҥээһинигэр үлэлэспит. Кини киэҥ нэлэмэн сирдээх-уоттаах Сибиир бөдөҥ омугун, сахалары, уонна атын олохтоох норуоттары эйэлээх суолга киллэриитин түмүгэр, Россия Азия курдук аан дойду улахан чааһын уһук хотугу бүтэһик арыыларыгар тиийэ баһылаабыта. Биһиги, сахалар, тирэх буоламмыт, тус илин Чуумпу акыйаан кытылыгар үктэммитэ. Онтон сиэттэрэн, соҕуруу Сахалян-Амур өрүс биэрэгэр тахсыбыта. Итиэннэ Россия үс акыйааҥҥа үктэнэр кыраныыссалаах модун держава буолбута. Өбүгэлэрбит Россия дьылҕатыгар оҥорбут үтүөлэрин умнар уонна сыаналаабат, бэлиэтээбэт, ахтыбат буолуохпутун сатаммат.

Оттон доҕордоһууну, или уонна эйэни түстээбитин политическай сыал-сорук быһыытынан ааҕыам этэ. «Алгыс баһа сыалаах, кырыыс баһа хааннаах» диэн мээнэҕэ эппэттэр. Сэриилэһэн, охсуһан ырааҕы өнүйбэккин.


Улуу өбүгэбитин сымыйанан «таҥнарыахсыт» диэн дьаралыгы ыйыы сылдьар кэмнэригэр Лөгөй нэһилиэгэ уонна Лөгөй орто оскуолата бааллара кини аатын-суолун үйэтиппит, өйдөбүлү хаалларбыт эбит.


Бэйэтин эрэ билинэр, этэргэ дылы, «мин» эрэ диэбит норуот хайдах даҕаны кыайан эйэлээх суолга үктэммэт. Лөгөй Тойон бу дьайыыта, эйэлээх суолу тутуһуута, саха норуота былыр-былыргыттан атын улахан омуктары кытта билсэ сылдьыбытын, сыһыан баарын, билэллэрин-көрөллөрүн, урукку да өттүгэр судаарыстыбаннас баар буолуон сөптөөҕүн  туоһулуур дии саныыбын. Маны таһынан түүр, монгол хааннаах омуктар улахан норуот буоларбытын эмиэ ыйар дии саныыбын. Ол курдук, норуот өйө-санаата ситии сап курдук хаһан даҕаны быстыбат, көлүөнэттэн көлүөнэҕэ бэриллэр.

Итилэри таһынан, үөһэ этэн аһарбытым курдук, Лөгөй Тойон экономическай боппуруоска, дьаһааҕы (нолуогу) хомуйууну бэрээдэктээһиҥҥэ эмиэ тохтообут.

—  Лөгөйү Тойон диэн мээнэҕэ ааттаабатахтара чахчы.

—  Сэһэн Боло «Лиэнэҕэ нуучча кэлиэн иннинээҕи саха олоҕо» диэн кинигэтигэр суруйарынан, сахаларга икки эрэ тойон баар эбит. Тыгын уонна Лөгөй. Бэйэлэрин кэмнэригэр иккиэн улуу дьон. Бетлингк 1849 сыллаахха таһаартарбыт тылдьытыгар «тойон — господин, глава, руководитель; почетный человек, знатный человек; принц» диэн сурулла сылдьар. Онон Лөгөйгө ити титул иҥэриллибитэ саамай сөптөөх.

—  Афанасий Васильевич, аны «Лөгөй» диэн тыл суолтатыгар тохтуохха.

—  Тыл киһи өйүн-санаатын үөскэтиигэ кыттыгастааҕын ааҕыстахпытына, ХVII үйэтээҕи өбүгэлэрбит уруккуну-хойуккуну ырыҥалаан, анааран көрөн бараннар, тылы туттар буолуохтаахтар. Ол курдук «Лөгөй» диэн тыл суолтата — бөдөҥ, күүстээх, үтүө санаалаах, үрдүк сололоох, дьоһун киһи. «Бөдөҥ», «улахан» диэн көрүҥүн эппэт, таһымын, өйүн-санаатын этэр буолуохтаах.

—  Лөгөй Тойон төрөөбүт күнэ-дьыла биллэр дуо?

—  Суох буоллаҕа. Номохторунан уонна архыыпка баар ити биир докумуонунан эрэ сирдэтэн, кини туһунан билэбит.

—  Афанасий Васильевич, Лөгөй Тойону күн бүгүҥҥэ диэри таҥнарыахсыт курдук көрдөрө сатыыллара өйгө-санааҕа баппат дии саныыбын.

—  Улахан норуот хаһан даҕаны дьонун түһэрэ сатаабат, үчүгэй өрүттэрин бэлиэтииргэ кыһаллыахтаах. Оччоҕо күүһүрэр. 1939 сыллаахха суруллубут сымыйа номоххо Лөгөй Тойону таҥнарыахсыт диэбиттэр этэ. Номоҕу да араас дьон кэпсиир, суруйар, сорох ардыгар айар буоллахтара. Итини оччотооҕу кэм политическай сакааһа диэн сыаналыыбын. Хомойуох иһин, билигин да ону куоһур туттааччылар бааллар. Дьон куһаҕаны үчүгэйдээҕэр  түргэнник ылынар.

Бары өттүнэн ылан көрдөххө, ытык өбүгэбит Лөгөй сахалары түмпүт киһи буолар. Бэйэ-бэйэни кытта киирсии тохтоон хаалбыта. Киһи аймах баарын тухары үөскүү турар сэрии уонна эйэ сүрүн өйдөбүллэриттэн — иллээх олоҕу талбытын омнуолуур, таҥнарыахсытынан ааттыыр төрдүттэн сыыһа. Сэриимсэх өбүгэлэрдээхпит буоллар, саха омуга диэн баар буолуоҕар саарбахтыыбын.

Маны таһынан улуу өбүгэбитин сымыйанан «таҥнарыахсыт» диэн дьаралыгы ыйыы сылдьар кэмнэригэр Лөгөй нэһилиэгэ уонна Лөгөй орто оскуолата бааллара кини аатын-суолун үйэтиппит, өйдөбүлү хаалларбыт эбит. Кэлин 90-с сылларга тулуналар II Лөгөй нэһилиэгин аатын төнүннэрбиттэрин хайгыыбын эрэ.

— Сүдү өбүгэбит хайдах майгылаах киһи буолуон сөбүй?

—  Киэҥ өйдөөҕө-санаалааҕа, мындыра, эппитин энчирэппэтэ, кытаанах санаалааҕа номохтортон көстөр. Бары сэриилэһиэххэ дии турдахтарына, үгүс киһи санаатын күүстээх киһи эрэ утарыан сөп.

—  Интервьюбут Өрөспүүбүлүкэбит күнүгэр тахсар. Историческай докумуоннарга сурулларынан, Сахабыт сиригэр Степной Думаны төрүттэспит Иван Емельянович Мигалкин Лөгөй Тойон сыдьаана буолар.

—  Оннук. Иван Емельянович Мигалкин Лөгөй Тойон сыдьаана буолар. «Өрөспүүбүлүкэ» диэн тыл өйдөбүлэ наһаа дириҥ. Бастакытынан, өрөспүүбүлүкэ диэн судаарыстыбаннас статуһа буолар. Саха сирин норуоттарын түмэр уонна инники сайдыыга ыҥырар суолталаах тыл, статус. Маны кимнээх ситиспиттэрэй?

История кэлиҥҥи кэмиттэн барар эбит буоллахха, ити статуһу ситиһиигэ өрөспүүбүлүкэбит маҥнайгы Президенэ Михаил Ефимович Николаев аата уһулуччу суолталаах.

Бу күн автономияны ситиспит дьон: Максим Аммосов, Былатыан Ойуунускай уонна Исидор Барахов ааттара хайаан да ахтыллыахтаахтар. 1920 сыл ыам ыйыттан Максим Кирович ревкомҥа тустаах боппуруоһу хайы-үйэ күүскэ туруорсубутун бэлиэтиири наадалааҕынан ааҕабын.

Туохха барытыгар өй-санаа бэлэмнэниллиэхтээх, ситиэхтээх-хотуохтаах. Аммосовтаах, Ойуунускайдаах, Бараховтаах автономияны ситиһиилэригэр, кинилэр өйдөрүн-санааларын бэлэмнээбит дьонунан 1912 сыллаахха сахалар Уобаластааҕы сийиэстэрин тэрийбит Василий Ксенофонтов, Алексей Широких, Василий Никифоров-Күлүмнүүр уо.д.а. буолаллар.

Норуодунай суруйааччыбыт Дмитрий Сивцев —  Суорун Омоллоон биир ыстатыйатыгар «духуобунай суверенитет» диэн өйдөбүлү киллэрэн суруйан турардаах. 1869 сыллаахха туспа Якутскай Епархия диэн үөскүүр. Ити бөдөҥ суолталаах ситиһии. Тоҕо диэтэргин, Епархияны, Таҥара дьиэтин ыраахтааҕы бэйэтэ дьаһайар. Михаил Николаев Епархияны чөлүгэр түһэриитэ кини киэҥ, дириҥ билиилээҕин-көрүүлээҕин бэлиэтэ.

Итилэри таһынан Өрөспүүбүлүкэбит күнүгэр бэйэни салайыныыга олугу уурбут Степной Думабыт хайаан да ахтыллыахтаах. Биллэрин курдук, Степной Дума 1827 сыл тохсунньу 27 күнүгэр тэриллибитэ. Оттон итини туруорсуу үлэтэ 1823 сылтан саҕаламмытын бэлиэтиибин. 1936 сыллаахха Былатыан Ойуунускай: «Степной Дума курдук ситиһиини ким да ситиспэтэҕэ», —  диэн этэн турар. Эһиил 2020 сылга Степной Думаны аан маҥнайгынан салайбыт Иван Емельянович Мигалкин төрөөбүтэ 250 сылын туолар.

—  Афанасий Васильевич, кэпсээниҥ иһин махтанабын.

* * *

Түҥ былыргыттан саҕалаан улуу өбүгэлэрбит, ол иһигэр Лөгөй Тойон олоххо тутуспут өйүнэн, илинэн уонна эйэнэн дириҥ философияларын, сөптөөх суолу тутуспуттарын күннээҕи олохпут ырылыччы көрдөрөр. Аҕа дойду Улуу сэриитин туһунан этэ да барыллыбат. Итини таһынан холобурга аҕаллахха, АХШ уонна Хотугу Корея бэйэ-бэйэлэрин кытта күөнтэспиттэригэр сэрии уота күүдэпчилэниэ диэн төһөлөөх дьаархаммыппытый? Сирияны, Украинаны ылан көрүөх, төһөлөөх хаан тоҕунна, төһөлөөх киһи сырдык тыына быһынна. Эйэлээх, иллээх олоҕу түстээбит улуу, мындыр өбүгэбит Лөгөй Тойоммут аатын-суолун өрө тутуох, үйэтитиэх эрэ кэриҥнээхпит.

Автор:Людмила НОГОВИЦЫНА

Источник: iltumen.ru

Добавить комментарий

Ваш адрес email не будет опубликован. Обязательные поля помечены *